“Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ быйылгы 23-с түһүлгэтигэр отуттан тахса араас секция үлэлээтэ.
Экономика хайысхатыгар Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан Валерия Колесова ситиһиилээхтик кытынна.
Валерия — ыал улахан оҕото. Кини кэнниттэн өссө түөрт оҕо баар. Ол иһин дьиэ кэргэн үбүн-аһын сөпкө аттарыы, эбии хамнас аахсыы туһунан кыыс билиҥҥиттэн толкуйдуур.
Бу күһүн бырааттарын кытта 21 кг отону үргээн, Аллараа Бэстээххэ баар “Каракан” маҕаһыыҥҥа киилэтин икки мөһөөххө атыылаан, 4200 солкуобайы ылбыттар.
“Дьиэ кэргэҥҥитигэр хайдах дохуот киллэрбиккит туһунан чинчийэр үлэтэ ыытыахха”, — диэн учуутала Айыына Андреевна Неустроева көҕүлээн, экономикаҕа аналлаах элбэх матырыйаалы үөрэтэн, бизнес-бырайыак оҥорон, Валерия “Сбор и реализация замороженных ягод как семейный бизнес” диэн дакылааты суруйбут. Онтукатын кэпсээн, улууһугар, регионугар миэстэлэһэн, “Кэскилгэ хардыы” финалыгар тиийэ күрэхтэстэ.
—Бэйэм Табаҕа оскуолатын лидердэрин Думатыгар баарбын. Тохсус кылаас үөрэнээччитэбин. Бу иннинэ Майаҕа үөрэнэ сылдьыбытым. Онно байыаннай кулуупка дьарыктаммытым. Аҕам полиция бэтэрээнэ буолан, форма кэтэрбин, байыаннайдык хаамарбын сөбүлүүбүн. Манна кэлэн, аныгылыы үҥкүүнэн үлүһүйдүм.
НПК-ҕа кыттыым саҥа аартыгы арыйда. Экономиканы сэҥээрдим. Ол иһин быйыл тохсус кэнниттэн финансовай техникумҥа туттарсан көрүөм.