Степанида Семеновна Обутова – Кэбээйи нэһилиэгин олохтооҕо, 10 оҕолоох герой Ийэ. Кини “Материнская Слава» III истиэпэннээх уордьаннаах. Мин кинини кытта бүгүн кэпсэттим.
— Степанида Семеновна, кылгастык бэйэҥ тускунан билиһиннэр.
— Мин 1951 сыллаахха Кэбээйи оройуонун Чагда бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым Саха сиригэр эмис соботунан аатырбыт Ньидьили эбэ кытылыгар ааспыта. Ийэлээх аҕам уон алта оҕоломмуттарыттан сэттэ бииргэ төрөөбүттэр ыал буолан, оҕо-уруу, сиэн төрөтөн, иитэн, киһи-хара оҥортоон олоробут. Аҕыс кылаас үөрэхтээхпин. Кэбээйигэ көһөн кэлиэхпэр диэри Ньидьили сопхуоска араас үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитим.
— Кэбээйигэ хаһан көһөн кэлбиккиний?
— 1973 сыллаахха Обутов Никифор Макарович диэн киһиэхэ кэргэн тахсан көһөн кэлбитим. Кэлээт, үлэҕэ үөрүйэх буоламмын, тута сопхуоска, кэлин сельхозхимияҕа үлэлээбитим. Эдэр да сылдьан, билигин сааһыран да баран, үлэни өрө тутабын уонна уон оҕобун уонна сиэттэрбин барытыларын үлэнэн иитэн, улаатыннардым.
— Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороҥҥун, тугунан дьарыктанаҕын?
Мин кэтэх хаһаайыстыбабын тохтоппутум 8 сыл буолла. Оҕолор бэйэлэрэ туспа кыһыннары-сайыннары кэтэх хаһаайыстыбаларын көрөллөр. Онно сүбэ-ама буолабын. Оҕолор, сиэттэр куруук көмөлөһөллөр. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн үлэ лааҕырдарыгар, дьиэ ис-тас үлэтигэр, мас хайыттаран, тэлгэһэ күртэрэн улаатыннарбыппыт. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ким да үлэттэн туора турбат, элбэх үтүө үгэстээхпит. Үлэни тэҥҥэ үллэстэн, сөбүгэр хайҕанан, быыс булан, оонньууну да оройуттан туталлара.
Сүөһүбүт элбэх, онон оҕолуун-уруулуун сайыны быһа ходуһаттан тахсыбакка, үлэни кыайа-хото тутабыт. Кыыс да сиэттэр эр дьону кытта тэҥҥэ от охсоллор.
Билигин оҕолорум бары нэһилиэк убаастанар дьоно, куруук үлэ үөһүгэр сылдьаллар, оттон сиэттэрим үрдүк үөрэхтэнэн, идэ ылан, араас сиргэ үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан олус үөрэбин, киэн тутта кэпсиибин.
— Кэнчээри ыччакка тугу баҕарыаҥ этэй?
«Үлэ киһини киэргэтэр» диэн бэргэн этии баар. Манна эбии үлэлиир-хамныыр киһи уһун үйэлээх буолар. Олоҕум устата илиибин үлэттэн араарбатах киһи быһыытынан оҕолорго үлэни таптааҥ диэн сүбэлиибин. Төрөппүттэргэ оҕолоргутун, сиэҥҥитин үлэҕэ сыһыаран үтүө дьон оҥортооҥ диэн этэбин.
Маны таһынан, Обутовтар ыччаттара эт-хаан өттүнэн бэйэлэрин кыанар, улуус, өрөспүүбүлүкэ чиэһин спорт өттүгэр көмүскээн, биллэр-көстөр ыччаттар буолаллар.
Дуолан Павлов, 7 кылаас
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата