Биир кылааска хараҕынан көрбөт Миитээ үөрэнэ кэлбит. Оҕолор “хайдах көрбөт оҕо үөрэниэй?” диэн бэркэ мунаахсыйбыттар, соһуйбуттар.
– Кинигэни аахпат киһи хараҕа суох курдук. Оттон Миитээ ааҕар, хараҕынан буолбатах, тарбахтарынан бигээн ааҕар. Көрбөт дьоҥҥо анаан, хас биирдии сирэйигэр тэһитэ анньыллан суруллубут кинигэни оҥороллор. Онон кини эмиэ үөрэнэр кыахтаах, – диэбит учууталлара.
Оҕолор бастаан утаа Миитээни сотору-сотору дьээбэлииллэрэ. Ол аайы, Миитээ ончу өһүргэһэ суоҕа бэрт буолан, кэлин отой да тыыппат, дьээбэлээбэт да буолбуттара. Миитээ, хата, биирдэ истибитин өйүгэр тута хатаан иһэр дьоҕура сайдыбыта биллэр, кэлин сорох оҕолортон үөрэҕэр ордон да барбыта, ааранан, мөлтөхтөргө көмөлөһөрө үксээбитэ.
Сынньалаҥҥа оҕолор таһырдьа сүүрэкэлиир кэмнэригэр, Миитээ кинигэни олус ааҕара. Киниэхэ аналлаах кинигэ кырыымчыгын иһин, учуутала араас сиртэн сурутан, кини ааҕарыгар сөптөөх кинигэ бөҕөтө кэлбитэ. Ардыгар учуутала бэйэтэ ааҕан биэрбитин кэннэ, туох туһунан кэпсэнэрин иккиэн олорон ырытар буолаллара.
Биирдэ учууталлара уруок биэрэ туран, сүрэҕэ эмискэ ыалдьыбыта. Сымыһаҕын быһа ытыран, остуолтан тирэнэ-тирэнэ, олоппоско аа-дьуо олорбута. Ыарыыта мүлүрүйбэтэҕин үрдүнэн, уруогун тиһэҕэр диэри биэрэрдии санаммыта. Онуоха көрбөт Миитээ эмискэ доргуччу:
– Учууталбыт ыалдьыбыт, эмчиттэ ыҥырыаҕыҥ! – диэбит. Оҕолор бары ойон туран, аймана-аймана, учууталларын тула үмүөрүһэ түспүттэрэ.
Чочумча буолаат, үрүҥ халааттаах эмчит көрөн-истэн баран, кинини балыыһаҕа илдьэ баралларын туһунан биһиэхэ эппитэ.
Оҕолор Миитээ сөптөөх түргэн быһаарыныыны кэмигэр ылыммытыттан соһуйдулар, кининэн киэн тутуннулар.
– Эн учуутал ыалдьыбытын хайдах биллиҥ?
– Куолаһа соччото суоҕа дии. Этиитин ситэ эппэккэ, бөтүөхтээн ылбытыгар тута сэрэйбитим. Эһиги да көрдүгүт ини сирэйэ кубарыйбытын…
– Эн ол тугуй, көрөҕүн дуо? – биир уол соһуйбуттуу ыйытар.
– Ээ, хантан… Көрбөппүн гынан баран, сэрэйэ санаабытым. Холобур, эн бүгүн, Куола, хомойбут куоластааххын. Дьиэҕэр мөҕүллүбүтүҥ?
– Бай, кырдьык! Сөпкө эттиҥ. Көрбөккө сылдьан, киһи туругун хайдах быһаарыахха сөбүй? – Куола сөҕөр.
– Миигин кинигэлэр барыны билэргэ үөрэппиттэрэ. Сэрэйэн билэр буоллаххына, көрөр курдук сананаҕын. Учууталбыт эппитэ дии: “Кинигэни аахпат буоллаххына, көрбөккө тэҥнээххин”, – диэн.
Эн, күндү доҕорум, Миитээ курдук кинигэ ааҕаргын сөбүлүүгүн? Айылҕа барахсан, муусука курдук, бэйэтэ туспа кинигэ ээ. Атын киһи уйулҕатын сэрэйэргэ, билэргэ үөрэтэр.
Туох саамай күндүнүй?
Арай биирдэ хоруол үс уолун ыҥыртаран ылан эппит:
– Бу сир үрдүгэр туох саамай күндү баарын билэ тардыҥ уонна ону булан кэлиҥ! – диэн сорудахтаабыт. Үс уола аҕаларыгар курданалларыгар диэри бокулуоннаат, үс аҥыы хайысханан түһүммүттэр. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, уолаттара, биир кэмҥэ түмсэннэр, дьиэлэригэр эргиллэн кэлбиттэр. Хоруол өйдөөх сүбэһиттэрин муспут уонна уолаттар булумньуларын көрдөрөллөрүгэр сорудахтаабыт. Улахан уол кыһыл көмүс оҥоһугу сулбу ойутан таһаарбыт:
– Бу сиргэ саамай күндү кыһыл көмүс эбит. Көмүс олус сыаналаах, ханнык да хоруол, көмүһэ суох буоллаҕына, дойдута мөлтүүр, бөҕө аармыйатын ахсаана аччыыр. Ханнык баҕарар киһи, элбэх көмүстээх буоллаҕына, хоруол буолар кыахтанар. Онон көмүс бу сиргэ саамай күндү! – диэн чоргуйбут.
Орто уол мөһөөччүгүттэн буору ытыһан таһаарбыт уонна эппит:
– Бу Орто дойдуга саамай күндү – сир. Сир биһигини аһатар, сиргэ дьиэ-уот туттабыт. Сирэ суох хоруол хоруол буолбат. Элбэх сирдээх киһи бу үрдүк дуоһунаска тиксэр. Сир баар – киһиэхэ саамай күндү! – диэбит.
Аччыгый уол иһиккэ ууну дьалкыһытан аҕалбыт уонна:
– Маннык убаҕаһы испэккэ, этигэр-хааныгар иҥэриммэккэ, бу сиргэ туох да бэйэлээх сатаан олорбото буолуо ээ. Туох барыта ууттан тутулуктаах. Уута суох киһи аҕыйах хонук эрэ олорор. Онон сир үрдүгэр уу саамай күндү буолар! – диэт, дьон диэки көрүтэлээн кэбиспит.
Мустубут дьон бары өссө туох күндү баарын быһаара сатаабыттар, хоруол хайа уола сөпкө этэрин кыайан быһаарбатахтар. Хата, мөккүөр биллэ үксээбиккэ дылы буолбут. Онуоха санныгар диэри намылыйбыт үрүҥ баттахтаах сүбэһит оҕонньор туран:
– Үрдүк сололоох, уолаттаргын таах ыраах ыыталаабыккын. Хоруолга, кырдьык, элбэх көмүс наадата биллэр. Ол эрээри, көмүс бэйэтэ эмискэччи баар буола түспэт ээ, ону киһи эрэ сиртэн хостуон сөп. Сирбит, кырдьык, биһиги тугу баҕарбыппытын биэрэр. Онуоха сиэмэни ыстаххына эрэ үүнүүҥ үксүүр, бурдук аһыҥ дэлэйэр. Оттон уу олоххо эмиэ олус наадалаах. Ууну эмиэ киһи бастаҕына эрэ утах быһыытынан иһиэхпитин, суунуохпутун, туһаҕа ыытыахпытын сөп. Хоруол хайдах да баайдаах, сирдээх-уоттаах, элбэх уулаах буоллаҕына, дьоно-сэргэтэ суох хоруол буолар кыаҕа суох. Киһи баар – бу сиргэ саамай күндү!
“Ээ, кырдьык даҕаны…” – диэн бары сөбүлэспиттэр.
Оттон эн санааҕар?
Кыталыына.