Бу күннэргэ Советскай Союз Геройа Зоя Космодемьянская хорсун быһыытын билистибит, кини туһунан уус-уран киинэни көрдүбүт. Сиһилии Зоя уонна Александр олохторун туһунан ийэлэрэ Любовь Тимофеевна Космодемьянская 1949 с. суруйбут «Повесть о Зое и Шуре» диэн кинигэтиттэн ааҕыахха сөп. Кинилэр оҕо саастара, дьиэ кэргэн үгэстэрэ, оскуолалара, доҕотторо, сэрии саҕаланыыта, Аҕа дойду көмүскэлигэр турунуулара суруллар. Зоя оҕо эрдэҕиттэн күннүк толорон санаатын үллэстэр уонна аахпыт кинигэлэриттэн сөбүлээбит этиилэрин сурунар эбит.
«… Книга, быть может, наиболее сложное и великое чудо из всех чудес, сотворенных человечеством на пути его к счастью и могуществу будущего (М. Горький).
В характере, в манерах, стиле, во всем самое прекрасное – это простота (Лонгфелло).
Я люблю Россию до боли сердечной и даже не могу помыслить себя где-либо, кроме России (Салтыков-Щедрин)… » .
Учуутал Л.Т. Космодемьянская дьолго, үөрүүгэ, эйэлээх үлэҕэ анаан төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах оҕолорун олохторун туһунан кэпсиирэ, суруктарга эппиэттиирэ, Ийэ дойдуга тапталы, ытыктабылы иитэрэ-үөрэтэрэ. Кинини кытта умнуллубат көрсүһүүтүн туһунан биир дойдулаахпыт, үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, общественник Василий Алексеевич Винокуров оскуола оҕолоругар уонна ыччат дьоҥҥо холобур оҥостон кэпсиирэ.
Биир дойдулаахпыт Иван Иннокентьевич Егоров “Зоя куобах үтүлүгэ” («Куйаас күннэр», 1973) диэн очеркатыгар Саха сириттэн саллаат Дмитрий Дмитриевич Сухарев Зоя Космодемьянскаяны сэриигэ көрсүбүтүн туһунан суруйбута. Ол курдук Москва аннынааҕы хабыр киирсиилээх кэм биир соһуччу ураты күнүн быһыытынан үс кыыһы уонна биир уолу командирын сорудаҕынан фронт линиятын туораппыттарын өйдүүр эбит. Сорудахтарын толорон баран арахсалларыгар «Таня диэн ааттыыр кыыстара миэхэ чуо-бааччы хааман кэлэр.
- Табаарыс сержант, эн ичигэс үтүлүктээххин быһыылаах, — диэт, кини балачча саҥата суох турбахтаата. – Атастаһабыт дуо?
- Баһаалыста, — диибин мин. – Мин куобах үтүлүктээхпин…
Кыыс миэхэ от күөҕэ үтүлүгү биэрбитэ…
Куобах үтүлүк… Сэрии уордаах сылларыгар саха хас балаҕанын ахсын фроҥҥа ичигэс туһа диэн төһөлөөх элбэх куобах тириитин биһиги эбэлэрбит имиппиттэрэ буолуой? Онно тигиллибит үтүлүктэртэн биирдэстэрэ нуучча хорсун кыыһыгар Зоя Космодемьянскаяҕа түбэспитинэн киэн туттуохха эрэ сөп. Ол да иһин саха поэта Михаил Тимофеев саҥа поэматыгар маннык строкалары ааҕабыт:
— Санаабытыҥ дуо?—
Нуучча кыыһа,
Москва кыыһа,
Зоя –
Куобах үтүлүк
сылааһын…
Санаабытыҥ дуо?-
Саха эмээхсинин
Эйиэхэ ыыппыт итиитин,
Ийэм илиитин
Ичигэс сылааһын;
Тымныы полюһун
Тыынныыр сылааһын.
Санаабытыҥ дуо?-
Саха саллаатын…”
2018 с. бу cуруйууга тирэҕирэн И.И. Егоров биир дойдулаахтара – И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолата “Арылы” пресс-бөлөх салайааччыта К.Е. Новикова көҕүлээһининэн «Зоя куобах үтүлүгэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аһымал аахсыйа тэрийэн ыыппыттара. Аахсыйа суруйааччы төрөөбүтэ 80 сылыгар уонна Ленинскэй комсомол 100 сылыгар анаммыта. Аҕыс улуустан уонна Дьокуускай куораттан эбээлэр, ийэлэр, оҕолор аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттан, үтүлүк тигэн ытык кырдьаҕастарыгар уонна үтүө үлэһит дьонноругар бэлэхтээбиттэрэ.
Зоя Космодемьянская олоҕо уонна хорсун быһыыта умнуллубат, үтүөнү эрэ түстүүр.
«Нуклеус» пост, Кэбээйи оскуолата.
Хаартыскаҕа: Зоя уонна быраата Александр.