Биһиги эрэдээксийэбит Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгэр тиийэ сылдьан нэһилиэккэ олорон ааспыт ытык кырдьаҕас Марфа Григорьевна Кубарова былыргы малларын туттан-хабан көрбүппүт.
Ааспыт олох тыынын иҥэринэн чиҥээн, кэҥээн биэрбит курдук буолбуппут. Үгүспүт «дьиэ кэргэн музейа диэн манна баар эбит дии!» диэн сөхпүппүт.
***
Марфа Григорьевна Кубарова хос сиэнэ Баатара орто оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ Жора Попов бу туһунан «Чуораанчык» сурунаал «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» бырайыагар кыттан кэпсээбитэ.
Мин аҕам Николай Михайлович Попов эбээтэ миэхэ хос эбэм буолар. Кини аата – Кубарова Марфа Григорьевна. 1918 сыллаахха Горнай улууһун Маалтааны нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Эбэм олус мындыр, уус, иистэнньэҥ этэ. Кини тикпит таҥастарын, уһаммыт, туттубут малларын кичэллээхтик ууран илдьэ сылдьабыт. Билигин баара буоллар 103 саастаах буолуо этэ.
Хос эбэбин санатар маллар
Иистэнэр массыына
Бу массыынанан сиэннэригэр, чугас дьонугар кээнчэ, үтүлүк, баата ыстаан, суорҕан, тэллэх тикпитэ.
Хатат
Былыр испиискэ суоҕар уот ыларга тутталлар эбит. Хаа анныгар тимиргэ хаамыска охсон уот кыымын таһааран баран имиллибит кунаах тэллэйтэн таҥас сыыһын уматаллар. Маны таһынан быһах, хотуур кылаанныыллара.
Сундуук
Эбэм Мэҥэ Хаҥалас улууһугар көһөн кэлэригэр бу сундуукка малларын уган аҕалбыт. Былыр маннык сундууктары таҥаһы, бурдугу, саахары уурунарга анаан тутталлар эбит. Сүрдээх бөҕө-таҕа, тиит мастан оҥоһуллар.
Бэчээт биһилэх
Бу Кубаровтар аймах төрүт бэчээттэрэ буолар. Былыр сурукка бэчээт туруоран баттыыллар эбит.
Сүрэх
Бу кэргэннии буолууну туоһулуур түөскэ кэтиллэр “сүрэх” киэргэл. 18-с үйэҕэ оҥоһуллубут. Биһиги дьиэ кэргэн саамай харыстыыр малбыт буолар. Хос эбэбэр төрүттэриттэн бэриллибит.
Килиэп халыыба
Бу – килиэп буһарар халыып. Эбээбит оһоххо килиэби саһарчы буһаран дьиэбитин мип-минньигэс сытынан толороро.
Сыпсы
Чох орууругар, туйах кэриэрдэригэр сөбүлээн туттар мала этэ.Хос эбээм мала барыта дьиэ кэргэммит баайа. Төрүттэрбит олорон ааспыт олохторун туоһулуур өйдөбүл буолар. Биһиги дьиэ кэргэн олус ытыктыыбыт, таптыыбыт уонна киниэхэ махтанабыт. Эбэбит ыллыгынан ситим салҕанар.
Жора Попов, V кылаас, Сыымах, Мэҥэ Хаҥалас.
Худуоһунньук Туймаада Захарова
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана Матвеева, Надежда Сидорова