Ааспыт баскыһыанньаҕа Дьокуускайдааҕы ДШИ-2 оҕо искусствотын оскуолатыгар, сылын аайы ыытыллар, «Юный виртуоз» диэн пианист уолаттар күрэхтэрэ буолла. Бу күрэх сыала-соруга, уол оҕону кыра эрдэхтэн муусука кэрэ салаатыгар пианиноҕа оонньууга үөрэтии, сыһыарыы, сайыннарыы, уол оҕо баҕа санаатын, дьоҕурун уһугуннаарыы, көҕүлээһин. Онтон ураты фортепианоҕа оонньууну баһылааһын, оҕо илиитин-тарбаҕын сайыннарыы, аан дойду улуу мусукааннарын айымньыларын билиһиннэрии.
Пианино — классическай музыкальнай инструмент 1800 сыллаахха Америкаҕа, Германияҕа айыллыбыт, кыахтаах эрэ дьон атыылаһан дьиэлэригэр оҕолорун үөрэтэр эбиттэр. Ол саҕана пианиноҕа оонньуур дьоҕурдаах киһи аҕыйах да эбит. Россияҕа бастакы фортепианнай фабрика 1810 сылга арыллыбыт, онтон олох араас сабыдыалыттан сабыллар, саҥа фабрикалар аһыллаллар. Билигин Питергэ Калугаҕа баар.
Бу «Юный Виртуоз» диэн күрэх түмүгүнэн Дьокуускай куорат икки ньүөмэрдээх оҕо муусукатын оскуолатыттан (дириэктэр Лебедев С.И.) дипломунан наҕараадаланнылар кыра кылаас үөрэнээччитэ Терентьев Алеша (учуутала Карманова Е.С), орто бөлөхтөн Куликов Вениамин (учуутала Чемпорова Д.И.).
Үһүс степень кыайыылааҕа үрдүкү бөлөххө Шамаев Павел (учуутала Сергучева Е.К.).
Иккис степень кыайыылаахтара кыра группаҕа Тараховскай Ньургун (учуутала Зайцева А.В.).
Орто бөлөххө Адушинов Антон (учуутала Чемпорова Д.И.), Мохначевскай Артем (учуутала Сергучеа Е.К.).
Улахан бөлөххө Васильев Эрсан (учуутала Зайцева А.В.) кыайыыны тутта уонна учууталларыгар махтаныы тылын тиэртэ:
«Биһиги фортепиано кылааһын үөрэнээччилэрэ — уолаттар учууталларбытыгар истин махталбытын тиэрдэбит, баҕарабыт уһун дьоллоох олоҕу, аны да кэрэ эйгэҕэ биһигини угуйа тураргытыгар, доруобай буолуҥ!
Мин учууталым Зайцева Анна Витальевна улахан музыкант, кини Киевтээҕи государственнай консерваторияны бүтэрбит, Саха Сиригэр үлэлээбитэ ыраатта, үөрэтэр оҕолоро араас конкурустарыгар кыттан ситиһии ылан учууталларын кынаттыыллар. Мин икки эдьиийдэрим иккиэн Анна Витальевнаҕа үөрэммиттэрэ, кыһыл свидетельствонан искусство оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ. Кинилэр Австрия курдук ыраах сиргэ күрэхтэһэн кыайыыны аҕалбыттара. Муусукаҕа үөрэнэр олус интэриэһинэй, киһи элбэҕи билэр, бары өттүнэн сайдаҕын. Билиҥҥи бириэмэҕэ олус наада дьону да кытта алтыһарга, бэйэни төгүрүччү духовно сайыннарарга. Биһиги директорбыт Лебедев Сергей Иннокентьевич идэтинэн эмиэ пианист, аан дойду күрэхтэрин кыайыылааҕа, эдэр ,культурнай, өрүү биһигини истинник көрсөр-кэпсэтэр. Онон биһиги, уолаттар киэҥ туттабыт, үөрэбит.
Муусука — киһи олоххо, билиигэ бигэ тирэҕэ, дууһатын иэйиитэ. Аан дойду норуотун холбуур биир тыл. Оҕолоор, кэлиҥ, бырааттаргытын кэрэ эйгэҕэ үөрэттэриҥ!»
Бастакы степень кыайыылааҕа орто бөлөххө Тайшин Никита (учутала Чемпорова Д.И.).
Эдэр муусукаан уолаттарбытын кыайыы өрөгөйүн туппуккутунан итии-истинник эҕэрдэлиибит, баҕарабыт муусука эйгэтигэр өссө да элбэх ситиһиилэри, доруобай буолун, сырдык ыранан, сылаас иэйиинэн ыраахха дабайын, тапталлаах оскуолаҕытын, дойдугутун бары өттүнэн сайыннара турун!Улуу Муусука өрүү эһиэхэ өйөбүл буоллун!
Саргылаана Гоголева