Быйыл П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолар. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн 1983 сыллаахтан, бастаан Чөркөөх оскуолатын иһинэн ыытыллар, салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Россиятааҕы таһымҥа тахсыбыт «Ойуунускай ааҕыылара» буолаллар.
Жанна Бурмистрова (Григорьева), «Ойуунускай ааҕыыларын» үс төгүллээх лауреата, «Саха» НКИХ Тааттатааҕы филиалын редактора, СӨ телевидение уонна радио туйгуна:
— «Ойуунускай ааҕыылара». Бу икки тылы иһиттэхпинэ, өйдөөн хаалбыт түгэннэрим өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһэн, утум-ситим холбоһон, тэттик киинэ кэриэтэ харахпар көстөн ааһаллар. Аан бастаан, apaаha, үһүс кылааска кыттыбытым. Дьохсоҕон нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһын бэтэрээнэ Татьяна Халыева уһуйуутунан «Кыыс чабырҕаҕын» ааҕан, бу жанры толорууга аан-бастаан холоммутум.
Татьяна Михайловна айаннаан иһэн ийэбэр: «Дьэ, кыыһыҥ чабырҕахсыт буолсу, бастаабатаҕына хара тыаҕа түһүөм», — диэн күлүү курдук эппитэ. Куонкуруска сирэйбин-харахпын араастаан оонньотон, «үрүҥүнэн-харанан” көрөн, бэл, ийэбин соһуппут үһүбүн. «Артыыс» дьүһүн кубулуйарыттан дьонум кистээн күлсүбүттэр. Татьяна Михайловна эрэлэ туолан, чабырҕаҕым иһин лауреат буолбутум.
Эһиилигэр учууталларбыт Л.Е.Григорьева, Г.К.Давыдова «Эн ааккын ааттыыбыт» диэн Ойуунускай айымньыларынан дьүһүйүү туруорбуттара. Манна Гера Жараев Кыһыл Ойуун уобараһын бэрт итэҕэтиилээхтик оонньообута. Бу дьүһүйүүбүт бастаан, дауреат үрдүк аатын сүкпүппүт.
Оҕо сааспыт биир бастыҥ чаҕылхай өйдөбүлэ буолан хаалбыт «Ойуунускай ааҕыыларыгар» норуот суруйааччыта Суорун Омоллоону, саха бэйиэттэрин, казах ырыаһыта Турсынай Оразбаеваны көрбүппүн дьолунан ааҕабын. Мантан Былатыан Ойуунускай сырдык аатыгар сүгүрүйүү, кининэн киэн туттуу иэйиитэ күөдьүйдэҕэ. Ойуунускай айымньыларын кытта билсиһии, саҥа доҕоттордуун алтыһыы, биир сомоҕо буолуу, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыы миэхэ «Ойуунускай ааҕыыларыттан» саҕаламмыта.