Бу күннэргэ Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан саха Судаарыстыбаннай бриллиантовай циркэтин уораҕайын аттыгар улахан бэйэлээх сэлиичээн турда. Оҕо-аймах онно сөбүлээн хаартыскаҕа түһэр сирэ буолсу.
Дьокуускай куорат 25 №-дээх оскуолатын V “В” кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Андросов ийэтин кытары “Земля мамонта” туруорууга дуоһуйа, астына сырытта, санаатын үллэһиннэ:
— Циркэҕэ сылдьарбын сөбүлүүбүн. Саамай сөбүлээбитим диэн — клоуннар. Кинилэр олус көрдөөхтөр, көхтөөхтөр. Баҕар, мин улааттахпына, клоун буоларым дуу. Циркэ клоуна суох сатаммат.
Айыы Кыһатын V “Г” кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Карманов эмиэ үөрбүтүн кистээбэт:
— Биһиги бүгүн дьиэ кэргэнинэн биэс буолан циркэҕэ сырыттыбыт. Мин ордук ыттары, сальто оҥорооччулары астынным, сөбүлээтим. Ыраах Дьааҥыга, Остуолбаҕа эбэм аахха ыт баар. Ону санаан кэллим.
“Земля мамонта” бырайыак биир сыл устата иитиэхтээн айыллыбыт улахан сиэдэрэй айымньы. Бырайыак ааптара Сергей Расторгуев, режиссердар: “Росгорцирк” кылаабынай режиссера, РФ үтүөлээх артыыската Елена Петрикова, хореограф-режиссер, цирк, тыйаатыр испэктээкиллэрин, шоу-программаларын туруорааччы Наталья Новичкова (Москва), Саха циркэтин сүрүн режиссера Мария Попова-Харлампьева, Саха циркэтин балетмейстера Марияна Саморцева. Маннык улахан туруорууга биллэн турар, элбэх киһи үлэлээбит, кыттыбыт. Ол курдук, композитор-аранжировщик Москваттан Дмитрий Машков, таҥаһы-сабы, декорацияны Москваттан Марина Галинчикова, Надежда Русс, Саха циркэтин худуоһунньуга Петр Винокуров бэлэмнээбиттэр. Бырайыакка 200-тэн тахса авторскай көстүүмнэр, декорациялар айыллыбыттар. Хас да жанрга 60-тан тахса цирк артыыһа кыттар.
Аренаҕа Саха сирин сүрүн бэлиэлэрэ биир-биир түһүмэхтээн тахсан истилэр. Цирк эйгэтэ маныаха олус табыгастаах эбит. Режиссердар үһүйээннэргэ олоҕурбут кэрчиктэри түһүмэҕинэн бэркэ аттаран наардаабыттар. Ол курдук, Орто дойду олоҕун айыллыыта, балыктааһын, Саха сирин сиэдэрэй бэлэхтэрэ, дьиэни-уоту туттуу, аал уоту, ийэ сири аһатыы, мааллааһын, баай хара тыа маанылаах кыыллара, көтөрдөрө, Аал луук мас, Аллараа дойду иччилэрэ, кыталыктар, күн, алмаас таас, хоҥкунас хомус бары чаҕылыйа оонньоон, көрөөччүнү чахчы үөртүлэр, өрүкүттүлэр. Ити иһигэр төрүт хамнаныы, саха омуга туохха сүгүрүйэрэ киэҥник көһүннэ. Сэлии кыыл оҕотун сэлиичээни кытары хааман киирдилэр! Итини арааһа, үгүс көрөөччү долгуйа күүттэ.
Сергей Расторгуев, Саха циркэтин дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, РФ, СӨ үтүөлээх артыыһа:
— Саха циркэтэ ураты суоллаах-иистээх буолуохтаах. Бу этно-шоуга “Летающие мачты” диэн сонун нүөмэр сүрэхтэнэр. Бу нүөмэрбит Испанияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга ыҥырыылаах. Инникитин “Земля мамонта” этно-шоубутунан “Росгорцирк” көҕүлүүр гастролларыгар уонна Орто Азия дойдуларынан эмиэ гастрольга барыахтаахпыт. Саха циркэтэ өйөбүлгэ наадыйар. Ол курдук, биһиги дьиэбит кыараҕас, онон олох баппаппыт. Өссө үчүгэйдик, таһаарыылаахтык үлэлиирбитигэр эбии дьиэ тутуллара олус наада.
ххх
“Земля мамонта” этно-шоуну цирк үлэһиттэрин биир идэлээхтэрэ Москваттан, Казахстантан, Таджикистантан, Кыргыстаантан, Владивостоктан кэлэн көрдүлэр. Циркэҕэ “Земля мамонта” сылдьарга тиэтэйиҥ!
Жанна Леонтьева.