Бүгүн муус устар 25 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Зарница 2.0» байыаннай патриотическай оонньуу регионнааҕы түһүмэҕин иккис күнэ. Бүгүн кыттааччылар БПЛА (без пилотный летательный аппарат) симуляторыгар бэйэлэрин кыахтарын холонон көрдүлэр.
Бу түһүмэх саҥа көрүҥнэргэ киирсэр. Үөрэх сайдыытын кытта кэлбит көтөр ааллары олохпут араас өрүттэригэр барыларыгар туһаналлар. Байыаннай өттүгэр, ойуур баһаардарын утары охсуһарга, киһи тиийбэт сирдэрин чинчийэргэ, видеоҕа устарга онтон да атын түгэннэргэ туһаныахтарын сөп. Бу үөрүйэх кэлэр көлүөнэ ыччакка олус наадалааҕын туһунан үөрэхтээхтэр этэллэр.
Күн бастакы аҥаарыгар алын сүһүөх кыттааччылар хамаандаларыттан иккилии оҕо БПЛА ыытарга бэйэлэрин кыахтарын холонон көрдүлэр. Салгыы кинилэр санааларын истиэҕиҥ.
Артур Кандинскай, Үөһээ Бүлүү, «Модун» этэрээт:
«Бүгүн симуляторга БПЛА дрон көтүттүбүт бастакы холонуубар үчүгэйдик ыыттым 2,5 мүнүүтэнэн биэтэккэ тиийдим. Иккис холонуубар эрдэ көтүтэн кэбиһэн көрдөрүүм ааҕыллыбата. БПЛА көтүтэргэ Үөһээ Бүлүүтээҕи технопаркаҕа дьарыктанабын. Инники ханна да маннык курдук күрэхтэһэ иликпин.»
Ярослав Портнягин, Үөһээ Бүлүү «Модун» этэрээт:
«Мин бастакы холонуум табыллыбата, ол эрэн иккиспэр үчүгэйдик көтүттүм. Үөһээ Бүлүүгэ бу Артурдуун бииргэ дьарыктанабыт.»
Бу күрэххэ бастакыларын холонор кыттааччылар эмиэ бааллар. Ол курдук, Дьокуускай куорат уокуругун Жатай бөһүөлэгиттэн сылдьар «Доблесть» этэрээт кыттааччылара бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр:
Артем Старченко, Максим Пермяков:
«Бу иннинэ БПЛА көтүтэн көрө иликпит, бүгүн бастакы холонуубут буолла. Урут дьиҥнээх дрону көтүтэ сылдьыбыппыт. Симулятор дьиҥнээх дроннааҕар олох атын эбит, дьиҥнээҕи көтүтэр быдан чэпчэки курдук. Бу «Зарница 2.0″ күрэххэ кэлээри сылдьан бу түһүмэххэ кыттыахпыт диэн бэйэбит талбыппыт. Бастакытын холонор дьоҥҥо син үчүгэйдик аастыбыт дии саныыбыт.»
Саха Өрөспүүбүлүкэтин дрон күрэҕин Федерациятын (Федерация гонок дронов Республики Саха (Якутия)) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, түһүмэх сүрүн судьуйата — Дмитрий Михайлович Уйгуров:
«Мин «Движение первых» региональнай отделениетын ыҥырыытынан бу «Основы управления и противодействия БПЛА (для операторов БПЛА)» түһүмэххэ судьуйалыы кэлэн олоробун. Бу түһүмэххэ кыттааччылар «Технический симулятор» диэн дисциплинаҕа үчүгэй бириэмэ көрдөрүөхтээхтэр. Бастаан биэс мүнүүтэ бэлэмнэнэллэр, симулятор настройкатын көрөллөр, ол кэнниттэн, иккитэ холонон көрөллөр. Бу икки холонууттан саамай үчүгэй көрдөрүүтүн протоколга киллэрэбит. Бүгүҥҥү түһүмэх уратыта рациянан саҥарыы буолар. Көтүөхтэр иннинэ рациянан саҥаран сүрүн судьуйаттан көҥүл ылаллар уонна көтөн бүтэн баран эмиэ дакылааттыыр. Киһи дьиҥнээх дрону көтүтүөн баҕалаах буоллаҕына бастаан симуляторга дьарыктаныахтаах. Бу симулятор нөҥүө салайыы дьиҥнээх дрон үлэтин кытта тэҥ буолар. Ол эрэн дьиҥнээх дроҥҥа ыйааһынын, тыал күүһүн уонна атын тастан дьайар түгэннэри учуоттуохха наада. Киһи төһө элбэхтэ дьарыктанар да соччонон уопута элбээн иһэр. Бүгүҥҥү кыттааччылар истэригэр олох үчүгэй көрдөрүүлээх оҕолор бааллар. Бүгүн, холобур, бастакыбын көтөбүн диэбит уол картаны олох үчүгэйдик ааста. Онон киһи түргэнник үөрэниэн сөп.»
Күн иккис аҥарыттан медиссиинэ хайысхатыгар күрэхтэр буолаллар. Биһигинниин бииргэ буолуҥ.
Keskil14.ru