Хас биирдии киһи өйүн -санаатын хатыламмат олоҕун уопутун көрдөрөр тус бэйэтигэр эрэ сыһыаннаах тыллаах өстөөх, итэҕэллээх. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх норуокка биллэр, кэрэхсэнэр – Зарина Копырина.
— Оҕо сааһыҥ саамай ураты өйгө санааҕа хаалбыт түгэнин кэпсиэҥ дуу?
— Мин олох кыра эрдэхпиттэн бэйэм бэйэбин араас отунан – маһынан уонна араас кыра хамныыр харамайынан эмтэнэр идэлээх этим. Аҕыс саастаахпар хаҥас илиибэр улахан баҕайы баас тахсыбыта. Быраас куоскаттан сыстыбыт диэн араас мааһынан эмтии сатаабыта, хата бэргиир этэ. Эһэм Копырин Василий Михайлович сүбэтинэн кыһыл талаҕы уокка тутан, сүмэһинин (арыы) курдугу сүгэ биитигэр таммалатан баран, бааспар сыбаан үс күн эрэ иһигэр эмтээн үтүөрдэн кэбиспитим. Иккис түгэним: Сайын аайы баҕалары иитэр идэлээҕим. Баҕалары эһэм оттуу бардаҕына аҕалара. Мас уһаакка уу кутан бадараан, ньамах эбэн иитэрим. Ба5алары кэтээн, ардах түһэрин,түспэтин билэрим. Истэрэ кытархай өҥнөннөҕүнэ, ардах түһэр. Дьэ, ити дьарыгым туһалаан турар. Кимтэн истибиппин өйдөөбөппүн буолан баран, сайын күөмэйим ыалдьан эрэйдиирин иһин, баҕаларбын айахтарын атытан утары тыыммытым.Итини үс сыл хатылаабытым. Онтон ыла күөмэй ыарыытын умнубутум. Баҕа барахсанынан оннук эмтэнэн турабын. Баҕаларбын күһүн күөллэригэр төттөрү ыытарым. Бу туһунан кэнсиэртэрбэр да кыбытан кэпсиибин.
—Оҕо сылдьан ыллыыргар тугу санаан, чугас ылынан ыллыыр этигиний? Бастаан ыллыахтаах тылгын, куолаһыҥ дэгэтин,ис хоһоонун эбэтэр туох эмэ атыны?
-Урут-уруккаттан мин матыыбы, тылы өһү да буолбакка, наар тыаһы -ууһу истэргэ үөрэнэн хаалбыппын.Сороҕор дьиибэ баҕайытык бэйэтэ тахсан кэлээччи ыллаан көрдөхпүнэ, оннук тута хоһуйан таһаарыы ханна да суох буолар. Тыас — киэҥ куйаарга бастакы энергия (күүс). Мин маны истэрбин олус сөбүлүүбүн, астынабын. Тыас көмөтүнэн бэйэм турукпун дьоҥҥо тириэрдэн, өссө киһи туругун билэбин. Билигин сахалыы алгыс күүһэ диэни биллим, тыаһы – ууһу сөпкө туттууну өйдөөтүм.Тыаһы таһааран, салгыны хамсатыы улахан суолталаах, сахалар маны үчүгэйдик билэбит.
— Оҕо сылдьан саамай баҕарар баҕа санааҥ туох этэй?
-Мин Үрүҥ Аар Тойону көрүөхпүн баҕарар этим.Олох кыра эрдэхпиттэн илин диэки хайыһан, тобуктаан туран үҥэ үөрэммитим. Оҕо оҕо курдук тугу эмэ, холобур, уруучукабын сүтэрдэхпинэ, “Үрүҥ Аар Тойон уруучукабын буларга көмөлөс” диэтэхпинэ, көстөр буолара. Бу сибээһим кэлин ыһыллан, сыппаан хаалбыт курдук. Маны Ийэ айылҕаттан тэйиинэн сыаналыыбын. Итэҕэл киһиэхэ салгын кут нөҥүө киирэр. Ону ыраастаан,чопчулаан, Ийэ айылҕаҕа чугаһаан, күүһүрдүөххэ сөп.
— Билигин саха кылыһаҕын уонна сахалыы ырыа араас кистэлэҥнэрин аан дойду фольклорун, аныгы муусука ньымаларын кытта дьүөрэлиигин. Туох санааттан?
-Биһиги “Оlох” бырайыакпыт, сахалыыттан “Олох” диэн буолар. Саҥа сүүрээн, саҥаны киллэрии курдук сыаналыахха сөп. Бу бырайыакпыт күүстэр холбоһууларын туоһута. Биһиэхэ хотугу саха уонна соҕуруу Сочи олохтооҕун армян, грек хааннара холбоһоллор. Бу бырайыак үөскээбитэ биэс сыл буолла. Андреас барабааҥҥа олус үчүгэйдик оонньуур. Ону таһынан электроннай муусуканы барытын кини оҥорор, доҕуһуоллуур. Онон “Оlох” уруккуну — саҥаны, хараҥаны – сырдыгы, үрүҥү -хараны, аныгы дьону – өбүгэлэрбитин алтыһыннаран, олоҕу көрдөрүү диэн буолар. Киһи — омугуттан тутулуга суох араас ырыа – тойук, киэргэллээх тыаһы таһаарар ураты айылҕа оҕото. Айылҕа бастыҥ айымньыта диэн өйдөбүллээхпит. Омук үгэһэ барыта үтүө өрүттээх, ону дьоҥҥо тириэрдэ үөрэтэ, ылыннара, онно үөрэнэ, ылына сылдьабыт.
— Перформанс, интеграция диэн тыллары эн айар үлэҕэр сыһыаран, хайдах ойуулуоҥ этэй?
— Перформанс — сыанаҕа, ханна баҕарар көрөр -истэр дьоҥҥо саныыр санааҕын, искэр тута сылдьыбыккын тириэрдии. Ырыаҕын – тойуккун энергетическай вибрациянан тыаһаан -ууһаан, салгыны хамсатан биир хайысхаҕа киллэрии. Хардары өйдөһүү.
-Ордук ханнык композицияҕын дьон сэҥээрэрий?
-Кэнсиэрбитин үксүн Хатан Тэмиэрийэни ( уот иччитин) аһатыыттан саҕалыыбыт. Кыра көмүлүөктээхпитин илдьэ сылдьабыт, ону оттон көҥүл ылан, ыраастаан, быһата саха төрүт үгэһин сиэрин -туомун толорон баран саҕалыыбыт. Эт куоласпытынан биир барабаан көмөтүнэн 30 мүнүүтэни быһа дьон кутун -сүрүн тутан кэнсиэрбитин саҕалыыбыт.Ийэм ыраах хоту олорорун кэпсээн туран В.Индигирскэй “Мин хотугу ийэкээм”, А.Варламова “Аҕам алааһа” кыратык уларытан ыллыырбын сөбүлүүбүн. Бу ырыалары Кремльгэ Президеҥҥэ хаста да толорбуппут. Видеобытын ютубка дьон көрүүлэрэ үс аҥаар мөлүйүөнтэн таҕыста. Дьон сөбүлүүр, сөҕөр. Киһи куолаһа кыыл -сүөл саҥатын үкчү түһэрэн үтүктүүтэ кэрхсэтэр. “Дыхание севернего оленя” диэн композициялаахпын. Андреас барабааҥҥа охсор , онтукайбыт тэтимҥэ оҕустаран импровизация буолан, олох киирсиитин көрдөрөр. Чааһы быһа хотугу таба тыынарын үтүктэн тыына – тыына олоруохпун сөп. Көрөөччү ону ылынар, сөбүлүүр. Хомуска “Эволюция” диэн дьүһүйүүлээхпин эмиэ сэҥээрэллэр.
-Медиуму булар төһө уустугуй?
-Стиль уонна култуура бу хааччахтааһын буолар эбит. Бу маннык диэн хааччахтаан кэбиһии баар. Онтон биһиги толорууларбыт ис сүрэхтэн тугу саныырбытын, көҥүл таһаарабыт. Араас омук култууратын холбоон бэйэбит да өйдөөбөппүтүнэн эмискэ таһааран кэбиһиэхпитин сөп.Олох биир сиргэ турбат, тохтообот: хамсааһын, хамсаныы. Ону салгыны хамсатан дьоҥҥо тириэрдэбит.
— Дьон ортотугар тылынан буолбакка,интуициянан өйдөһөр дьон төһө элбэҕий уонна ол туохтан тутулуктааҕый?
— Интуиция – бу «шишковидная железа», үһүс харах хааспыт ортотунан быһа охсуһар сирдэринэн сүүспүт ортотун диэкинэн энергия хамсааһына. Аан бастаан кэлбит санаа өйгө тиийиэн иннинэ, сигнала — сэрэйии, ханаалыҥ аһаҕас буоллаҕына интуицияҥ күүстээх. Билиҥҥи дьон ону хаайан, бүөлээн кэбиһэбит, сайыннарбаппыт. Билиҥҥи киһи өйө куруутун уоскуйбат өрүү күүрэ сылдьар, киһи өйүн уоскутар буоллаҕына сэрэйэн көрүүтэ (интуицията) сайдар.
-Бииргэ үлэлиир, алтыһар дьон хайаан да бэйэ – бэйэҕитин итэҕэйсэр,эрэнсэр буоллаххыт?
-Биллэн турар. Ол эрээри киһи буоллахпыт,өйдөспөт түгэннэргэ тутатына уоскуйан,кыыһырсыыга тириэрдибэккэ наҕыллык быһаарсан кэбиһэбит. Киһи кыыһырыыга тиийдэҕинэ сүрэҕэ хам тутар уонна ыыппат. Дьоннор хам ытыран баран сылдьар буолаллар. Ол түмүгэр бэйэлэрин эттэрин -сииннэрин буомурдан кэбиһэллэр. Биир тэтимҥэ сылдьар дьон быдан түргэнник өйдөһөр.Дьон бэйэ бэйэлэрин ситэри истиспэккэ санааларын быһа түһэн этиллиэхтээҕи эттэрбэккэ хаалыыларыттан өйдөспөт буолууга тиийэллэр.
—Сирдээҕи аналыҥ ханнык таһымын толоро сылдьаҕыный?
— Мин олох үөрэнээччитэбин. Сахаларга Айыы үөрэҕэр 12 хаттаҕас баар. Сорохторго араас. Холобур, хиндуларга 7. Киһи үөһэттэн айдарыынан үөһэттэн үөһэ дабайан иһиэхтээх. Төһөнөн сайдаҕын оччонон үрдүүгүн. Атын омуктар үрдүкү чакралара төбөлөрүн оройугар буоллаҕына, биһиэхэ, сахаларга, үөһэ өссө түөрт кэрдиис баарын Айыы ойууна В.Кондаков бэлиэтиир.Уһун Дьуорантаайап суруксут суруйарынан сүһүөх сүһүөх саамай кыахтаахтар, күүстээхтэр дабайан иһэллэр. Иэйиэхситтэр — сиргэ саамай чугас айыылар.Таптал баарын тухары олох баар. Дьон олоҕу таптыахтаах. Туох кэрэ, кэскиллээх барыта тапталтан саҕыллар.Мин үтүөҕэ дьулуһабын. Хаһыс таһыммын эппэппин. Куруутун үөрэнэбин.
— Дойдугун ахтыбыккын ханнык түгэҥҥэ билинэҕиний?
— Москваҕа көһүөхпүттэн, улахан сиргэ тахсыахпыттан ыла куруутун түһээн Уус Күөлүм, Курбуһаҕым үрдүнэн суор буолан көтөбүн. Элбэхтик эһэм туппут дьиэтин, тэлгэһэм үрдүгэр сылдьар буолабын.Омук да дойдутугар баар доҕотторум Уус Күөлүгэр сылдьар буолаллар, бу санаатахха, киһи подсознаниета түүлгэ биллэр. Дойдубун ахтыым оннук тахсар. Сахам сирэ бэйэтэ киинэ курдук көстөр.
— Маастар кылаастары ыытыынан дьарыктанан саҕалаабытыҥ дии. Эн дьарыгыҥ айылҕаны кытта сибээстээҕин билэллэр дуо?
— Сүрдээҕин билэллэр. Кэнсиэртэр кэннилэриттэн ыйыталаһа кэлээччилэр.Киһи айылҕаны кытта сибээстээҕинэн бөҕө туруктаах диэн бэркэ билэллэр. Мин ону үөрэтэбин. Билигин да үөрэнээччилэрдээхпин.
Ольга, бу наһаа интэриэһинэй кэпсэтиини сахпыккар махтал! Маннык ыйытыылары ким да ыйыппатаҕа ээ… Сэргээтим, хоруйдуу олороммун сороҕор бэйэбиттэн бэйэм сөҕө санаатым, онон эйиэхэ өссө төгүл улахан -улахан махтал!
Ааптардар: Ольга Семенова, Зинаида Григорьева.