Түннүк нөҥүө устар былыттары көрөбүн. Ыраах үрүҥ былыкка олорсон санаам далыгар уйдарабын. Күн күлүмнэс чаҕыла дууһабын угуттуур, сиккиэр тыал сылаас тыына иэйиибин имэрийбэхтээн ааһар. Бу олорон, ханна, хайдах олорорбун санаатым…
Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо буолабыт: сахалыы саҥарабыт, санаабытын этэбит, төрөөбүт тылбытын үөрэтэбит, тарҕатабыт. Дьон оҕолоругар сахалыы аат биэрэллэрэ үксээтэ. Бу барыта суох буолуон сөп этэ. 100 сыл анараа өттүгэр саха норуотун билиниитин, автономиятын төрүттэспит дьон — М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов буолаллар.
Муус устар 27 күнүгэр Улуу Максим Аммосов 125 сылыгар анаммыт «За нами будущее» диэн киинэни «Лена» киинэ тыйаатырыгар Н.Е. Мординов аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын кэлэктиибэ көрдүбүт, сэргээтибит.
Киинэ, суруналыыс, суруйааччы Олег Сидоров кинигэтигэр олоҕуран режиссер Алексей Романов үлэтэ буолар.
Киинэ саҕаланыытыгар үс эдэр уолаттар үрдүк мырааҥҥа, чыпчаалга тахсан эрэллэрэ көрөргө, эчи, күндүтүн!
Киһи бэйэтин норуотунан киэн туттар. Билигин, биһиги, эдэр ыччат кинилэр ыллыктаах санааларын, суолларын тутуһан, аныгы үйэ сайдыытын үгэнигэр төрөөбүт дойдубут, норуоппут, тылбыт үйэлээх буоларын туһугар үлэлэһиэхтээхпит диэн санаа үөскүүр.
М.К. Аммосов – уһулуччулаах сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл, П.А. Ойуунускайы, И.Н. Бараховы кытта Саха автономнай Cэбиэскэй cоциалистическай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэригэр сыратын уурбута, өрөспүүбүлүкэ, хотугу кыраай сайдарыгар дьаныардаахтык элбэҕи турууласпыта. Максим Кирович инникини өтө көрөр, норуот кэскилин түстээбит бөлүһүөк диэн сыаналаатым.
Киинэҕэ Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов хайдахтаах курдук туруулаһан, киирсэн, туруорсан автономияны ситиспиттэрэ көстөр. Биһиги бүгүҥҥүбүт, инникибит — кинилэр өҥөлөрө диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Автономия номнуо 100 сыла. «Аны өссө сүүс сылынан туох буолуой, сүүс сыллаах былаан оҥорорго бэлэммит дуо?” диэн бу боппуроска хас биирдиибит толкуйдуохтаах, сарсыҥҥытын туһугар долгуйуохтаах, норуоппут симэлийбэтин туһугар, төрөөбүт тылын, суругун-бичигин күннээҕи олоххо туттарынан даҕаны бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх.
Биһиги атын норуоттартан туох да итэҕэһэ суох баай тыллаахпыт, култууралаахпыт, өйдөөхпүт-санаалаахпыт. Төһө да аҕыйах ахсааннаах буолбуппут иһин, айылҕа оҕолоро буоларбытынан, уйан дууһабытынан, олоххо тардыһыыбытынан, хорсун санаабытынан, амарах, дьоһун майгыбытынан уратылаахпыт. Төһө да тыйыс тымныылаах дойдуга олордорбут, сырдык ыраас ыралаах, бэйэ–бэйэҕэ болҕомтолоох, сылаас-сымнаҕас сыһыаннаах дьон буолабыт.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын туһугар үлэ барара биһгиттэн эрэ тутулуктаах. Сахалар олус мындыр, бөлүһүөктүү өйдөөхпүт-санаалаахпыт, ону умнумуохха, күлүккэ саһардымыахха. «За нами будущее» киинэни көрөн баран салгыы өссө күүстээхтик үлэлииргэ-хамныырга өрө күүрбүт санаа киирдэ.
Эльдар САДОВНИКОВ.