С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын дириэктэрэ Юрий Михайлович Слепцов гимназиябыт үүнэрин-сайдарын туһугар күннэтэ кыһаллар, түбүктээхтик үлэлиир. “Тумус кыһа” кэрэспэдьиэннэрэ кинини кытта салайааччы эппиэтинэстээх үлэтин, үөрэх хаачыстыбатын туһунан атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.
УЧУУТАЛ БАСТАКЫ МИЭСТЭҔ ТУРАР ИДЭ
– Эн, учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
– Учуутал, мин санаабар, саамай биһирэнэр, дьон махталын ылар идэ. Тоҕо диэтэххэ, туох баар идэҕэ, быраас, лүөччук, космонавт учууталга уһуйуллан тахсаллар. Ол иһин бастакы миэстэҕэ турар идэ учуутал буолар. Ийэм учуутал. Аймахтарбар учууталлар бааллар. Онон кыра эрдэхпиттэн учуутал буолар баҕалаах этим.
ДЬОННООХ-СЭРГЭЛЭЭХ КИҺИ КҮҮСТЭЭХ БУОЛАР
– Юрий Михайлович, оскуоланы салайарга, Эн санааҕар, туох саамай улахан ирдэбил баарый?
— Оскуоланы салайарга, биллэн туран, дьону сатаан түмүөххүн наада. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн өбүгэ саҕаттан кэлбит бэргэн этии этэринии, хас биирдии салайааччы бэйэтин тула биир санаалаах дьону түмэн үлэлиэхтээх. Ол эбэтэр дьонноох-сэргэлээх киһи күүстээх буолар диэн.Бу санаанан салайтарар дириэктэргэ ирдэбил курдук турар. Иккиһинэн, билиҥҥи үөрэх ирдэбилэ сүрдээх күүскэ турар, оҕо дьоҕурун сайыннаран, хас биирдии оҕону салайан, сайыннаран. Ол оннук ирдэбили туруоран үлэлиир буоллаххына, оскуола ситиһиилээх буолар.
– Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий, хас учуутал үлэлиирий?
– Гимназиябыт 311 үөрэнээччилээх, 45 педагогическай үлэһиттээх. Саамай киэн туттуубут диэн гимназия арыллыаҕыттан ыла педагогическай састаап хамсаабат, оччолорго үлэлээбит учууталларбыт билиҥҥээҥҥэ диэри айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Уонна саамай киэн туттуубут диэн үөрэнээччилэрбит учууталларын холобур оҥостон бэйэлэрэ учуутал идэтин баһылааннар үөрэммит оскуолаларыгар 11 выпускникпыт төннөн кэлэн, үлэлии сылдьаллара буолар. Ол эбэтэр төһө да сыл-хонук бардын, төһө да кэм-кэрдии аастын бэйэтэ эргийэ туруохтаах, патриотическай санаата күүстээх дьон үлэтэ хамнаһа таһаарыылаах, көдьүүстээх буолар диибин.
САЙДЫЫБЫТ – ТӨРҮТ ҮГЭСПИТИГЭР
– Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
– Мин көрөрбүнэн, төрүт үгэстэрбитин, сахабыт тылын оҕолорбутугар иҥэрдэхпитинэ инникилээх буолабыт. Омук быһыытынан сарсыҥҥынан эрэ буолбакка, инники сайдыыбытын хас да сылы инники көрүөхпүтүн наада. Холобур, үөрэнээччилэрбит бэйэбит төрүт тылларын харыстыылларыгар ол онон сахабын диэн туран сайдалларыгар олук ууруохтаахпыт дии саныыбын. Сүрдээх улахан киэҥ хабааннаах үлэ. Мин кинигэни аахтым эрэ тылы билэбин диэн буолбатах. Ол туһугар биһиги оҕолорбутун үлэнэн иитиэхпитин наада. Билигин информатизация үйэтигэр олохпут сайдан истэҕин аайы киһи аймах сүрэҕэ суох буолан иһэр. Газ киирэн, оҕолорбут мас кыстыыр диэн тугун билбэттэр. Төрүт үгэстэрбититтэн ырааттыбыт. Оттуурбут аҕыйаата, сүөһү ахсаана аччаан иһэр. Оннук гынан биһиги оппутуттан-маспытыттан тэйэбит, ол аайы төрүт сахабыт тылыттан тэйэн иһэбит. Төһөнөн төрүт үгэстэрбититтэн тэйэбит да, сахабыт тыла симэлийэр кутталланар. Бу сүрдээх улахан, киэҥ боппуруос. Ол ону биһиги инникитин сайыннарыахтаахпыт. Омук быһыытынан төрүт итэҕэлбитин симэлиппэккэ, билиҥҥи үйэҕэ тэҥҥэ тутан, сайдыы аартыгынан барыахтаахпыт.
ИИТИИ – ДОРУОБУЙА – ҮӨРЭХ – ХААЧЫСТЫБА
– Юрий Михайлович, үөрэх хаачыстыбатын хайдах саныыгыный?
– Үөрэх хаачыстыбата диэн аҥардас эксээмэни туттарыы эбэтэр олимпиадаҕа кыттыы көрдөрүүтэ эрэ буолбатах. Үөрэх хаачыстыбата диэн бары өттүттэн барытынан сайдыы буолар. Иитиини биһиги үөрэхтээһини кытта бииргэ тутуохтаахпыт. Ону таһынан, биллэн туран, доруобуйабыт чэгиэн буолуохтаах. Ол иһин физкультуранан дьарыктаныахтаахпыт.
Үөрэх хаачыстыбата, мин санаабар, уруоктан тутулуктаах. Уруокка сүгүн-саҕын үөрэммэтэххэ, ол эбэтэр уруок үчүгэйдик ыытыллыбатах буоллаҕына хаачыстыба син-биир түһэр. Уруок төһөнөн хаачыстыбалаах даҕаны уонна уруокка эһиги төһөнөн үчүгэйдик үөрэнэҕит даҕаны соччонон үөрэххит чиҥ буолар. Биһиги оҕолорбутугар улахан ирдэбил турар. Гимназия буоларбыт быһыытынан үөрэх, иитии өттүгэр бастыҥнар ахсааннарыгар киириэхтээхпит. Бэрт мэйиилээхтэри, атын норуоттары кытта тэҥҥэ турар чиҥ туруктаах киэҥ билиилээх үрдүк үөрэхтээх ыччаттары көрөбүн.
– Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый, бу үлэ хайдах оҥоһулларый, онно төһө харчы көрүллэрий?
– Билигин хас бирдии оскуолаҕа судаарыстыбаннай стандарт диэн баар. Ол онно оҕо ахсаанынан кинигэ кэлэр. Холобур, биһиги 311 оҕобутугар үөһэттэн харчы көрүллэр. Үп-харчы министиэристибэтиттэн харчы көрүллэр.
– Сахалыы хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
– Сурутуубут 100% барыта баар. Гимназия бибилэтиэкэрэ Туйаара Николаевна итиннэ олох үчүгэйдик үлэлэһэн олорор.
БИҺИГИ ТӨРӨППҮТТЭРБИТ
– Быйыл Россияҕа – Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн билигин, Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
– Биһиги гимназиябытыгар дьиэ кэргэни, төрөппүтү кытта үлэҕэ улахан болҕомто ууруллар. Күүстээх үлэ барар дии саныыбын. Биһиги оскуолабытыгар эһэлэр, эбэлэр “Барҕа” түмсүүлэрэ баар (сал. Наталья Васильевна Куличкина). “Барахсаана” ийэлэр (сал. Оксана Борисовна Игнатьевна), “Эр Тойон” аҕалар түмсүүлэрэ (сал. Спартак Васильевич Пахомов) уонна “Ситим” уопсай төрөппүт кэмитиэтэ (сал. Евдокия Ксенофонтовна Ван-Чу-Лин) ситимнээхтик үлэлииллэр. Ону таһынан гимназия үлэтигэр-хамнаһыгар, сайдыытыгар сүрүн күүһү ООРП “Ситим” тэрилтэ (сал. Игорь Васильевич Слепцов) тэрийэр.
Бу курдук түмсүүлэр баар буоллахтарына син-биир үлэ көдьүүстээхтик барар. Биһиги төрөппүттэрбит барытыгар бары күүстээхтэр. Оскуола ыытар араас дьаһалларыгар, попечительнай меценатствоҕа даҕаны ол эбэтэр көмөҕө, волонтерскай дьыалаларга төрөппүттэрбит сүрдээх көхтөөхтүк кытталлар. Быйыл Дьиэ кэргэн сылынан былааммыт элбэх. Аҕа, эр киһи оруолун үрдэтиигэ бэйэбит тус былааннаахпыт.Ону быйыл олоххо киллэриигэ дьулуһуохпут.
ЧУРАПЧЫ САЙДЫЫТЫГАР СҮРЭХПИТИНЭН-БЫАРБЫТЫНАН КЫҺАЛЛАБЫТ
– Юрий Михайлович, нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэн дуо?
– Нэһилиэкпит сайдарын туһугар уопсастыбаннай да дьаһалларга, култуурнай-маассабай да тэрээһиннэргэ, спортивнай да дьаһалларга, барытыгар гимназия кэллэктиибэ көхтөөхтүк кыттабыт. Оҕолорбут, учууталларбыт волонтерскай дьыаланан нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһөллөр. Чурапчыбыт күн-түүн сайдан иһэр, онно биһиги сүрэхпитинэн-быарбытынан кыһаллабыт. Хас биирдии нэһилиэккэ саамай улахан уонна инники туттар тэрилтэтэ син-биир оскуола буолар. Нэһилиэк салалтата оскуоланы кытта биир тэҥ үлэни ыыттаҕына,ол нэһилиэк сайдыылаах буолар. Оннук диэн биһиги аҕа баһылыкпытын Владимир Дмитриевиһы кытта бииргэ үлэлиибит.
ГИМНАЗИЯ ҮС УРАТЫТА
– Гимназиябытын үс уратытын Эн туохха көрөҕүнүй?
– Саамай уратыбыт Гимназиябыт Саха сирин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев оскуолаларын ситимигэр киирэр. Үөрэнээччилэрэ, учууталлар, төрөппүттэрэ бары билиилээх, эрэллээх дьиэ кэргэн курдук түмсүүлээхпит.
Гимназия үс уратыта диэн биһиги оҕолорбутугар сытар. Сүрүнэ оҕолорбут науканан, чинчийэр үлэнэн дьарыктаналларын ааттыахха сөп. Ону таһынан гимназия буоларбыт быһыытынан син-биир үөрэххэ сүрүн болҕомтону уурабыт, онон үөрэх хаачыстыбатын үрдүктүк тутабыт. Ол эбэтэр үөрэҕи билиигэ биһиги уопсай бырыһыаммыт үрдүк, инники сылдьар үөрэнээччилэрбит элбэхтэр. Гимназистар, учууталлар IT хайысхаҕа таһаарыылаахтык үлэлииллэр, үгүс ситиһиилээхтэр.
НИКОЛАЙ ЯКУТСКАЙ “ТӨЛКӨТҮН” ААҔЫҤ
– Оҕолорго ханнык кинигэни сүбэлиэн этэй?
– Николай Якутскай “Төлкө” романын сүбэлиэхпин сөп. Эһиги саастыы сылдьаммын олус сэҥээрэн аахпыппын өйдүүбүн. Урукку кэмнээҕи дьон олоҕо бу ромаҥҥа көстөр Олус халыҥ кинигэ эрээри, аахтааххытына олус интэриэһиргиэххит. Сүрүннээн классическай литература айымньыларын ааҕаргытыгар сүбэлиэм этэ.
– Кэнчээри ыччакка тугу баҕарыаҥ этэй?
– Барыга-бары көхтөөх, барытыгар иннигитинэн буолуҥ, сайдан-үүнэн иһиҥ. Сүрүнэ үөрэх, иитии. Бары хайысхаҕа барытыгар үчүгэй буолуҥ.
Винея БАРАШКОВА, VIII кылаас, “Тумус кыһа” пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията