Чурапчы улууһугар биир дойдулаахпыт, Российскай Федерация сентатора, 2010-2018 сс. Саха сирин салайбыт Бэрэсидьиэн, Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов 70 сааһын киэҥник бэлиэтээтилэр.
Атырдьах ыйын 21 күнүгэр Чурапчы эдэр ыччата Е.А. Борисовы кытта көрүстүбүт. Егор Афанасьевич оҕо сааһыттан ханнык кэрдиистэри ааһан улахан киһи буолан үүнэн тахсыбытын туһунан элбэҕи биллибит.
Кини кыра сылдьан «билэбин» диэн тылы наар туттар эбит. Улахан дьон туох эрэ диэтэхтэринэ, билбэт да буоллаҕына, син биир «билэбин» диир эбит. Ол эрээри убайа ити тылы туттубат буолуор диэри биирдэ үчүгэйдик үөрэппит. Ол маннык эбит.
«Юпитер» матассыыкылы барытын ыстарбыт уонна уонна «төттөрү хомуй» диэбит. Нэдиэлэни быһа хомуйа сатаабыт да кыайбатах. Наар «билэбин» дии сылдьар оҕоҕо бу үчүгэй уруок буолбут. Түмүгэр наар «билэбин» диирин оннугар «билбэппин» диир буолбут. Уонна эбиитин өссө инженер-механик буолар ыра санааламмыт. Бу идэ бары өттүнэн туһалааҕын бэлиэтээн туран, ордук уолаттарга инженер-механик идэтин баһылыылларыгар сүбэлээтэ.
Бу буолан ааспыт көрсүһүүгэ Егор Афанасьевич ыччаттарга туһаайан маннык эттэ:
Бэйэҕит инникигитин бэйэҕит эрэ быһаараҕыт. Эйиэхэ ону гын, маннык гын диэн ким даҕаны эппэт. Эппиэтинэстээх буолуохха наада. Билиилээх-көрүүлээх эрэ буолбакка, баар билиигитин олоххо сөпкө туһанарга үөрэниэхтээххит. Саамай сүрүнэ манна сытар.
Егор Афанасьевич Борисов олоҕун үтүө холобурунан сирдэтэн, билиилээх-көрүүлээх, ону барытын олохпутугар сатаан туһанар, кэскиллээх олохтоох дьон буола улаатыаҕыҥ.
Алина МЕСТНИКОВА, XI кылаас, «Тумус кыһа» пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Хаартыскалар «Чурапчы Лайф» телеграм ханаалтан