“Юность Севера” хаһыаппыт оҕо бэчээтин Бүтүн Россиятааҕы “Волшебное слово” куонкуруһугар “Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр уонна үөрэххэ туттарсааччыларга аналлаах бастыҥ хаһыат” ааты ылла!
Быйыл бу куонкуруска киэҥ Россия араас муннугуттан 80-ча хаһыат, сурунаал кыттыбыт. Урукку өттүгэр регион уонна федеральнай таһымнаах таһаарыылары туспа сыаналыыллара, оттон быйыл оннук араарбатахтар.
– Оҕолор! Бу бары уопсай кыайыыбыт! Тоҕо диэтэххэ, хаһыат ааҕааччылардаах эрэ буоллаҕына, саҥаны-сонуну айар, ситиһиилэнэр кыахтаах. Эһиги суруктаргыт, уруһуйдаргыт, бастакы айымньыларгыт балаһаларбытын киэргэтэллэр, баай ис хоһооннууллар. Онон үлэлэргитин ыытан иһиҥ! Биһиги үөрэ-көтө бэчээттиэхпит. Айыахха-тутуохха, хаһыаппытын бары бииргэ оҥоруохха, – дииллэр эрэдээксийэ айар үлэһиттэрэ.
Үгүс көлүөнэ ыччаты иитэн таһаарбыт “ЮС” быйыл 30 сыллаах үбүлүөйүгэр дьоһун бэлэх, үрдүк ситиһии буолла.