Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ Юлия Кондакова үөрэнэр биридимиэтин барытын «5» сыананан иккис чиэппэри түмүктээтэ.
Юлия туйгун эрэ үөрэнээччи буолбакка, улууска ыытыллыбыт саха тылын олимпиадатыгар призер, «Новатор» научнай-практическай кэмпэриэнсийэҕэ республикаҕа 1 миэстэлээх, норуоттар икки ардыларынааҕы «Аммосовскай ааҕыы» научнай-практическай кэмпэриэнсийэ кыттыылааҕа, «Төрүттэр суолларынан» научнай-практическай — 1 миэстэлээх, улуустааҕы «Инникигэ хардыыга» — 2 миэстэлээх.
Сөбүлүүр уруоктара — үлэ уруога уонна саха литературата. Юлия «Саха» НВК ханаалыгар «Өркөн өй» биэриини көтүппэккэ көрөр. Саха литературатын классик-суруйааччыларын айымньыларын ааҕарын ордорор. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуурун, айылҕаҕа сылдьарын, сир астыырын сөбүлүүр.
Биһиги үөлээннээхпитинэн киэн туттабыт. Ситиһиититтэн үөрэбит, талаанын сэргиибит.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу.