Хас биирдии киһи хатыламмат уратылаах, туспа кэрэлээх. Оннук үтүө өйдөбүлү бигэргэтэр дьоро киэһэ Хатас нэһилиэгин «Тускул» култуура киинигэр буолан ааста. Тэрээһин аата да кэрэ – “Овация”
Төрөппүт кэмитиэтин (сал. Софья Гаврильева уонна кини биир санаалаахтара) көҕүлээһининэн тэриллибит “Кто, если не мы” диэн хамсааһын өрөгөй түгэнэ бу “Овация” диэтэххэ, бука, омуна суох буолуо. Ол курдук, наҕараадаланар дьон үгүстэрэ соһуччу үөрүүттэн долгуйан, үрдүк сыанаҕа ис-истэриттэн сырдаан, мичээр аргыстаах тахсан, анал аат туоһу суруктарын туттулар. Кырдьыга да, ырыаҕа ылланарын курдук, “киһиэхэ бэрт кыра, быычыкаайык наада дии”. Бу тэрээһинтэн кынаттанан, элбэх киһи олоххо интэриэһэ күүһүрүө, бэйэтигэр эрэлэ үрдүө диэн сырдык санаа үөскүүр.
Дьоро киэһэни музыкальнай эҕэрдэлэр киэргэттилэр. Маныаха «Ийэбиниин бииргэ'» бырайыак кыттыылаахтара, этэргэ дылы, «былааһы ыллылар». “Норуоттар доҕордоһуулара” үҥкүүлэрэ (туруорааччы А.А. Семенова) көрөөччү биһирэбилин ылла.
Өрө күүрүүлээх, өрөгөйдөөх, ытыс дохсун тыаһа аргыстаах, “браво”, “бис” хаһыылаах, чахчыта да, ааттыын да “Овация” диэн тэрээһин сүргэбитин көтөхтө, барыбытын сомоҕолоото, биир тэтимҥэ киллэрдэ, түмсүүлээх буолууну түстээтэ.
Н.И. Руфова.
Хатас.