Аҕыйах хонугунан, муус устар 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын бэлиэтиэхпит. Мин Саха сирин саамай улахан, саамай кэрэ көстүүлээх Мүрү алааһыгар олоробун.
Номоххо киирбит, кэпсээҥҥэ кэпсэнэр аатырбыт Мүрү Эбэбит хабыллар хаба ортотугар муус устар 12 күнүгэр мэҥэ таас уурулунна уонна бэлиэ миэстэни алҕааһын сиэрэ-туома ыытылынна. Мэҥэ тааһы биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков сакааһынан, Нерюнгри куораттан 10 туонна ыйааһыннаах гранит тааһы аҕалан туруордулар.
Таас турар сирэ Уулаайы арыы — алааспыт саамай ортото буолар. Онон Мүрү эбэбит кэрэ бэлиэ сиригэр үйэ-саас тухары хаалар мэҥэ өйдөбүл буолар.
Мэҥэ таас — Мүрү эбэ барахсаны сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр булан, таптаан, сөбүлээн олохсуйбут биһиги өбүгэлэрбитигэр махтал уонна ытыктабыл бэлиэтэ.
Бу кэрэ көстүүлээх сиргэ өссө да үйэлэртэн үйэлэргэ дьон таптаан олохсуйа туруоҕа диэн бигэ эрэллээхпит.
Дайаана Степанова,
Уус-Алдан улууһун Мүрү 1-гы нүөмэрдээх оскуолатын 8-в кылааһын үөрэнээччитэ, юнкор.