Дьиэ кэргэн төрүччүтэ дьиҥ чахчы тус олоххут олох туһунан кистэлэҥнэрдээх, туора харах таба көрбөт сиригэр уурулан хараллан, туһааннаах дьиэ кэргэн бэрэстэбиитэлэ эппиэтинэһигэр киириитэ хайҕаллаах суол. Бу кинигэ иһигэр эһиги үлэҕит бэйэҕит олоххут түгэннэрин, үйэҕит тухары өбүгэлэргит туһунан мунньуллубут баайгытын кылаат быһыытынан киллэрэн, аҕаҕыт ууһун тус олоҕун, төрүөҕүн, ыарыытын – талаанын, араас түгэннэринэн сылтаан быста сыһан хаалыытын, сорох ардына Аҕа ууһа Ийэ ууһугар кубулуйуутун, көлүөнэнэлэр быстыспат хартыынатын дьаарыстыырга төһүү күүс буолуоҕа.
Лукууннар төрүттэрэ Эллэйтэн саҕаланан Юрга Гадаров (Уйулҕаттан) Уоҕан баай аҕа ууһуттан эбээм Елена Васильевна төрүттэрэ Анемподистовтарга кэлэр. 2016 сыллаахха тахсыбыт “Хадаар нэһилиэгэ” диэн кинигэҕэ Уоҕан аҕа ууһун төрүт олохторо: Чыҥхаатта үрэҕинэн кулуһуннаах, Хомустаах, Ньуочаабый, Кыачалыкы, Арануудай алаастар инороднай управаттан 40-60 биэрэстэ тэйэн сытар, 25 дьиэлээх, онно 105 эр киһи, 107 дьахтар олорбут диэн ыйыллыбыт. Хадаар буолаһыгар алта аҕа ууһа баара, онно 1891 сыллаахха 1842 киһи олороро. Анемподистовтар былыргыта Хадаар биир аҕа ууһун баһылыктара буолан сылдьыбыт дьон. Олортон биирдэстэрэ – Фока уонна кини уола Николай Хадаарга бастакы кинээс, чарчыына буолбут дьоннор.
Хос эһэм Анемподистов Василий Елисеевич 1911 сыл төрүөх, холхуос төһүү үлэһитэ, суотчутунан үлэлээбит. 1943 сыллаахха бэбиэскэ тутан сэриигэ аттаммыта. Мустан турар дьонугар кэриэс тылын эппит:
“Биһиги олохпутун чиэһинэйдик салҕаан, биһигини суохтатымаҥ. Байылыаттык олоруҥ, түмсүүлээх буолуҥ! Биһиги сотору хааннаах өстөөҕү Ийэ сиртэн ыраастаан эргиллэн кэлиэхпит”.
Кини 1944 сыллаахха сураҕа суох сүппүт. Кэлин, 1989 сыллаахха Белоруссияттан поисковиктар Василий Елисеевич 1944 сыллаахха олунньу 5 күнүгэр Белоруссияны босхолооһун иһин кыргыһыыга геройдуу охтубутун, Витебскай уобалас Шумилинскай оройуонун Довжа дэриэбинэтигэр уопсай ииҥҥэ көмүллэн сытарын булан суруйбуттар. Эбэм Белоруссияҕа тиийэн аҕатын көмүс уҥуоҕар төрөөбүт алааһын буорун кутан, санаата уоскуйбут.
Эбэбит Елена Васильевна 13 сааһыттан холхуос күүстээх үлэтигэр эриллибитэ. Холхуоска, сопхуоска ыанньыксытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин туоһулара наҕараадалара — үгүс элбэх мэтээллэр, Бочуотунай грамоталар дьиэ кэргэммит архыыбыгар хараллан сыталлар.
1951 сыллаахха Петр Лукиҥҥа кэргэн тахсан 60-н тахса сыл бииргэ олорбуттара. Кинилэр 12 оҕону төрөтөн, 40-н тахса сиэннэнэн, 60-ча хос сиэннэнэн олоххо кэлбит аналларын толорон дьоллоохтук олорбуттара. Эбээбит 1970 сыллаахха нэһилиэккэ үһүс ийэнэн “Герой ийэ” үрдүк аатын ылбыта. Эһээбит Петр Дмитриевич 2004 сыллааха республикаҕа “Ытык аҕа” бэлиэ хаһаайына буолбута. Луукуннар дьиэ кэргэн “Саха сирин көмүс ыаллара” диэн бочуот кинигэтигэр киирбиттэрэ.
Эһэм Быһый Бүөтүрү утумнааччыбын
Киһи бу орто дойдуга кэлбит соруга диэн, аналын көрсөн, алаһа дьиэ тэринэн, ийэ-аҕа буолуу дьолун билии, кэнэҕэскитин аатын ааттатар кэнчээри ыччаты хаалларыы буолар. Бу соругу толору толорбут дьонунан Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин 10-13 оҕолоох тоҕус Герой ийэлэрэ буолаллар. Кинилэр биир кэмҥэ бэриниилээхтик, эйэлээх олоҕу олоҕу тутуһууга үтүө холобур буолаллар. Аҕа өбүгэ үгэһинэн уол оҕону иитиитэ. Өбүгэлэрбит өйдөбүллэринэн, уол оҕо — аал уоту отточчу, алаһа дьиэни тэрийээччи, ас-таҥас булааччы, суон дурда, халыҥ хахха. Ол эрээри бүгүҥҥү олохпутугар кыыс оҕо, дьахтар, ийэ баһылыыр оруолу ылла, уол оҕо, эр киһи, аҕа оруола намтаата диэн үгүстэр бэлиэтииллэр. Онон общество иннигэр аҕа дьиэ-кэргэн олоҕор оруолун суолтатын өйдөтүү проблемата тахсан кэллэ. Бу боппуруоһу быһаарарга өбүгэлэрбит уол оҕону иитэр үтүө үгэстэриттэн үөрэниэхтээхпит.
Аҕа холобура, үөрэҕэ. Аҕа – дьиэ кэргэн туллубат тулааһына, тирэҕэ, сирдьитэ, эрэлэ. Өбүгэлэрбит “Ыал аҕата – тэлгэһэтиттэн биллэр” диэн бэлиэтээн этэллэрэ. Ити эрээри аҕа ыыра киэҥ, сабыдыала күүстээх, далааһыннаах. Аҕа айыллыбыт айылгытын, тус аналын толору туттар буоллаҕына, ыал туруга көнөр, бөҕөргүүр кыахтаах.
Уол оҕо үлэҕэ, идэҕэ үөрэниитэ, үгэс курдук, аҕатын хайысхатынан барара. 6-7 саастарыгар диэри уоллаах кыыс араарыллыбакка иитиллэллэр.7-8 саастарыттан уол оҕолору аҕалара, чугас аймахтара ходуһаҕа, хонууга, балыкка, булка илдьэ бараллара. 14-15 саастарыттан уолаттар соҕотоҕун бултууллара, ыраах сылдьаллара көҥүл буолара. Ааспыт үйэҕэ сыылынай поляк Вацлав Серошевскай итини бэлиэтии көрөн маннык суруйбут: “Якуты детей работать приучают с малых лет”.
Оҕо этин-сиинин сайыннарыыга, кини доруобай, үөрэ-көтө сылдьар буолуутугар Елена Васильевна уонна Петр Дмитриевич төрөппүт кыһамньыта олус улахан суолталааҕын өйдөөннөр улахан болҕомтолорун уураллара. Дьиэ кэргэн аҕата(ийэтэ даҕаны) саха төрүт оонньууларын көрүҥнэрин сатыыллара, оҕолоругар көрдөрөн дьарыктыыллара. Доруобай оҕо үөрэҕи да, үлэни да кыайымтыа, санаата бөҕөх, куһаҕан дьаллыкка ылларбат буолар. Оҕо айылҕаттан бэриллэр хамсаныан, билиэн-көрүөн баҕатын сайыннаран, төрөппүт оҕотун эт-хаан сайдыытын кытта тэҥҥэ өйө-санаата сайдарын, бэйэтин кыанар оҕо дьоҕура ордук улаатарын өйдүүллэрэ. Аҕалара Петр Дмитриевичтан саҕалаан, төрөппүт уолаттара бары кэриэтэ, эбии кыргыттара Евдокия, Мария, Наталья оскуолаҕа да сылдьан, кэлин үөрэнэ да сылдьан, идэлээх үлэһит буолан баран, бэйэлэрин кэмнэригэр атахтарыгар түргэн, кытыгырас этилэр. Араас күрэхтэһиилэргэ кытталлара. Билигин сиэннэр, хос сиэннэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ утумнаахтык кытталлар, үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэллэр. Петр Дмитриевич улахан уолун Василий Петрович, Люция Михайловна Лукиннар улахан уоллара Василий Васильевич Лукин эһээтин туйаҕын хатаран эмиэ сүүрүү көрүҥэр ситиһиитэ уһулуччу, ол курдук Вася Саха Республикатын физическай култууратын уонна спорт, ыччат политикатын туйгуннара бэлиэлээх, орто анал үөрэх туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугулуу чэпчэки атлетика биир көрүҥүн спордун маастара.
Луукуттар үс көлүөнэ сүүрүктэрэ
“Хадаарыттан харыс да сири халбарыйбатах”, үйэтин тухары холхуос, сопхуос ыарахан үлэтиттэн илиитин араарбатах, Чурапчы быһыйдарыттан өрөспүүбүлүкэ Петр Дмитриевич Лукин 1924 сыллаахха төрөөбүтэ, дьиҥнээх талаана сүүрүүгэ толору арыллыбыта.
Ол туһунан Петр Дмитриевич ахтыыларыттан кылгатан ааҕааччыларга тириэрдэбит: “Мин 1947-1971 сылларга көтө-көтө күрэхтэһиилэргэ кыттыбытым. Ол кэмнэргэ физкультура уонна спорт үчүгэйдик сайда илик бириэмэтэ этэ, быһата, айылҕа бэрсибит талаанынан сүүрбүтүм. Салайааччыларым күрэхтэһиигэ барарым туһунан райсовет дьаһалын биир эрэ хоук иннинэ туттараллара, үлэттэн босхолууллара. Онон дьарык диэн суох буолара, атах сыгынньах, маҥан баккынан сүүрэрим. Сүүрэр дистанцияларым 400, 800, 1500, 3000, 5000 м этилэр. Бастакы спортка сүрэхтэниим 1947 сыллаахха Чурапчы ыһыаҕар 1000 м сиргэ сүүрүүгэ буолбута. Төрүт даҕаны сүүрэр санаата суох турдахпына, Хадаар дьоно, атаһым Роман Климов хаайаннар күүстэринэн кэриэтэ кытыннарбыттара. Бу дистанцияҕа хайыһарга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Трофим Варламов кыттар диэбиттэригэр соһуйбутум, саллыбытым. Ол эрээри, үөрүөм иһин, бастакы миэстэни ылбытым. Тута Таатта сүүрүктэрин кытта кытта куоталаһыыга 400 уонна 1500 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ кыайан эргиллибитим. Манна көрдөрбүт бириэмэлэрим оройуон рекордара этилэр. Спорткомитет бэрэссэдээтэллэрэ И.Варламов, А.Софронов нэһилиэктэри кэрийэн, партия райкомугар уонна райсовекка туруорсан, спортсменнары ылаллара.
Ордук табыллан 1949 сыллаахха сүүрбүтүм. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии Аммаҕа ыытыллыбыта. Онно Амма, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан спортсменнара мустубуппут. 4 күн устата от ыйын 31 күнүттэн атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри 400, 800, 1500, 5000 метргэ илин-кэлин түһүспүппүт. Улахан илистиилээх, ыарахан күрэхтэһии этэ. 4 дистанцияҕа барыларыгар 1 миэстэлэри ылаттаан, кыайталаабытым. 400 м -57,1 сөк, 800 м -2 мүн. 15 сөк., 1500 – 4 мүн 36,6 сөк., 5000 м -16 мүн. 52 сөк. кэлитэлээбитим. Оччолорг бу куһаҕана суох көрдөрүүлэр этилэр. Кэлиэхпит иннинэ 20-чэ хонукка тубсанаторийга сытан бэлэмнэммиппит көмөлөспүтэ.
1951 сыл сааһыгар холхуоска саһаан кэрдэ сылдьан тобукпун сүгэ аһыытыгар таарыйан оһоллломмутум. Ол да буоллар, нөҥүө сылыгар, 1952 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйүгэр куоракка киирэн 10000 м дистанцияҕа оройуонум чиэһин көмүскээбитим, 36 мүн 51, 2 сөк кэлэн иккис миэстэни ылбытым. Аммаҕа 5000 м кыайбыт киһибэр, Мэҥэ Хаҥалас сүүрүгэр А.Березкиҥҥэ кыайтарбытым. Дьокуускай аатырбыт быһыйын Алантьевы илин-кэлин түсүһэн туораппытым”.
Онтон ыла атаҕа ыалдьан П. Лукин утумнаах эрчиллиитин тохтоторго күһэллибитэ. Ити да кэнниттэн кырдьаҕас быһый дьонун-сэргэтин, оройуонун туһугар, сүрэҕэ батарбакка, 1971 сылга Баһылай Манчаары бирииһигэр 3 спартакиадаҕа, онтон салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи Герой Федор Попов кроһугар кыттан, син биир бириистээх миэстэлэргэ тиксэн, оройуонун хамаандатын кыайыыга таһаартаабыта.
Петр Дмитриевич 25 сыл устата улууһун чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбит бэтэрээн сүүрүк тыыннааҕар эдэр ыччаты маассабай физкультуранан уонна спордунан дьарыктанарга көҕүлүүрэ. 1994 сыллаахха 70, 2004 сыллаахха 80 саастарын туолуутугар мотоцикл уонна телевизор бириистэрдээх бэйэтин аатынан сүүрүүнү дойдутугар Хадаарга тэрийэн ыытан дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ.
Күрэхтэһиилэргэ Чурапчыга “Сүүрүк удьуордара” диэн эстафетаҕа күрэхтэһии тэриллибитэ. Бу эстафетаҕа туйаҕын хатарааччылара, уолаттара Иван, Александр, сиэнэ марафонец сүүрүк Василий састааптаах Луукуннар хамаандалара бастаабыта.Бииргэ төрөөбүт быраата Алексей Дмитриевич Лукин эмиэ убайын курдук быһый, хайыһардьыт-биатлонист, биатлоҥҥа өрөспүүбүлүкэ чемпиона. Бүөтүр уон икки төрөппүт оҕолоро бары сүүрүктэр, чэпчэки атлетикаҕа, баскетболга, волейболга кытталлар уонна ситиһиилэрдээхтэр.
Петр Дмитриевич уонна Герой ийэ Елена Васильевна 12 оҕону улааттыннаран, көччөх гынан көтүппүттэрэ, ньээкэ уйалаатылар, 47 сиэн, 9 хос сиэн кинилэр үөрүүлэрин үксэппиттэрэ, олохторун уһапыттара. Уолаттара Иван Петрович сүүрүүгэ, Александр Петрович волейболга, сиэннэрэ Василий Васильевич, Л.Е. улуус, республика чемпионнара уонна призердара буолан, аҕаларын, эһэлэрин туйах хатарааччыларынан буоллулар.
Петр Дмитриевич дьоһун олоҕу олорон, аатын оройуонун спорт сүүрүү көрүҥүн историятыгар аатын хаалларан 88 сааһыгар бу орто дойдуттан букатыннаахтык арахсыбыта. Петр Дмитриевич Лукин Чурапчы спорда сайдарыгар оҥорбут үтүөтэ үйэ тухары умнуллуо суоҕа.
Удьуор утумнааччылар
Бүөтүр уон икки төрөппүт оҕолоро бары сүүрүктэр, чэпчэки атлетикаҕа, баскетболга, волейболга кытталлар уонна ситиһиилэрдээхтэр.
Биһиги удьуорга атахпытыгар кыанар сүүрүк ыччат элбэх, ол курдук эһээбиттэн саҕалаан, төрөппүт уолаттара бары кэриэтэ, эбии кыргыттара Евдокия, Мария, Наталья оскуолаҕа да сылдьан, куэлин үөрэнэ да сылдьан, идэлээх үлэһит буолан баран, бэйэлэрин кэмнэригэр атахтарыгар түргэн, кытыгырас этилэр. Араас күрэхтэһиилэргэ кытталлара. Билигин сиэннэр, хос сиэннэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ утумнаахтык кытталлар, үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэллэр.
Аҕатын туйаҕын хатарааччы, бэйэтин кэмигэр сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктаммыт уола Иван Петрович Лукин Чурапчы педагогическай училищетыгар үөрэнэр кэмигэр 1994-1997 сылларга кылгас дистанцияларга 100м, 200м, 400м улуус чемпиона, призера, ону таһынан 100 м 11,2 сөк кэлэн, өр кэмҥэ турбут Иван Захаров рекордун куоһаран тупсарбыта. Уус Алдан Бороҕонугар 1996 сыллаахха Тыа сирин оонньууларын бастакы спартакиадатыгар шведскай эстафетаҕа 3-с этапка 200 м сүүрэн, күүстээх Ленскай оройуон хамаандатын кыайан, Чурапчы оройуона бастакы миэстэ буолары ситиспитэ, бу түгэҥҥэ Иван спортка ситиһиитэ өссө үрдээбитэ. Бу дьыл кыһыныгар 1996 сыллаахха куорат кыһыҥҥы чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар 500 м сүүрэн чемпион аатын сүкпүтэ. Иван олоҕун ис хоһооно спорт эйгэтэ буолан, оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлээн, үөрэх салалтатыгар физкультура уонна маассабай спорт сайдарыгар бэйэтин кылаатын киллэрсэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна буолбута, Чурапчы улууһугар үөрэх сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараадалардаах, билигин Чурапчытааҕы физическай култуура уонна спорт институтугар преподавателынан үлэлиир. Кыра уол, мин аҕам, Александр Петрович — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай училищега үөрэнэ киириэҕиттэн волейболунан утумнаахтык дьарыктанан республика сборнай хамаандатын чилиэнэ, биир биллэр волейболист, элбэх турнирдар, чемпионаттар кыайыылаахтара. Спортка ситиһиитэ: 1997-2000 сылларга Чурапчы улууһун чемпиона, “САХАВА” РВЛ финалын 1997, 2001, 2002, 2006 сылларга чемпиона, республикаүлэһиттэрин спартакиадатын чемпиона.Петр Дмитриевич улахан уолун Василий Петрович, Люция Михайловна Лукиннар улахан уоллара Василий Васильевич Лукин эһээтин туйаҕын хатаран эмиэ сүүрүү көрүҥэр ситиһиитэ уһулуччу, ол курдук Вася Саха Республикатын физическай култууратын уонна спорт, ыччат политикатын туйгуннара бэлиэлээх, орто анал үөрэх туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хотугулуу чэпчэки атлетика биир көрүҥүн спордун маастара (северное многоборье).
Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун былыргытын, төрдүн-ууһун билэргэ дьулуһуохтаах. Төрүттээх киһи түөрэҕэ түҥнэстибэт, төрүттээх дьон оҥоһуута бөҕө, төрүттээх омук кэскилэ киэҥ диэн өйдөбүл чинчийиим төрүөтүнэн буолла.
Эһэбит Петр Дмитриевич Лукин сүүрэр суолга Чурапчы быһыйдарыттан бастакынан тахсыбыт сүүрүк, рекордсмен буолар. Удьуор утум салҕанар. Луукуннар төрөппүт оҕолоро оскуолаҕа да сылдьан, кэлин үөрэнэ да сылдьан, идэлээх үлэһит буолан баран, бэйэлэрин кэмнэригэр атахтарыгар түргэн, кытыгырас этилэр. Араас күрэхтэһиилэргэ кытталлара. Билигин сиэннэр, хос сиэннэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ утумнаахтык кытталлар, үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэллэр.
Аристарх ЛУКИН, IX кылаас, С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Научнай салайааччылар: Саввина Л.П., история учуутала,
Лукин А.П., төрөппүт, физкультура учуутала