Көрүҥ эрэ, бу кырачаан киһичээни, кини аата Денис Павлов, сааһа баара-суоҕа 5-һэ эрэ. Кини ыстаадаҕа отой кыратыттан улааппыт оҕо. Денис кыратын көрүмэҥ, кини номнуо туһа киһитэ.
Уолчаан отой кыратыттан Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин «Магир» тыа хаһаайыстыбатын приозводственнай дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар община ыстаадатыгар дьонун кытары олорор.
Көрөргүт курдук, уолчаан күн солото суох. Иһит да сууйар, маһы да хайытар, табалары да үүрсэр, «Буран» көлөнү да хасыһан көрөр. Сатаабатаҕа диэн суох! (Видеоны арыйан көр — Авт.).
Ыстаада үлэтэ элбэх буоллаҕа, солото суох дьэ сыппаккын. Онон Денис дьонун кытары үлэҕэ тэҥҥэ сылдьыһар, ыстаада биир тутаах киһитэ. Дьэ, маладьыас, үлэһит оҕо!
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.