Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин «МАГИР» ыстаадатын олоҕун-хамнаһын туһунан элбэхтэ суруйан турабыт. Сайын аайы бу ыстаада иһинэн «Оралчимна» оҕо лааҕыра үлэлиир. Быйыл лааҕыр 21-с сезонун арыйда уонна, буоларын курдук, элбэх оҕо-аймаҕы муста. Бүгүн ыстаада тутаах үлэһиттэрин кытары кэпсэтэбит. Кыргыттар 9 кылааска үөрэнэллэр, сайыны ыстаадаҕа атааралларын туохтааҕар да ордороллор. Ол туһунан бэйэлэрэ кэпсииллэр.
Аделя Тарабукина, 9 кыл. үөрэнээччитэ:
— Ийэм сайын аайы ыстаадаҕа көмөлөһө барар. Миигин балтараа саастаахпыттан илдьэ сылдьар. Ол саҕана бөһүөлэктэн атынан ийэбин кытта мэҥэстэн кэлэр этибит. Убайым Марат эмиэ бу ыстаадаҕа улааппыта. Оскуолаҕа киирэн баран, ыстаадабар, «Оралчимна» лааҕырга, хас сыл аайы кэлэбин. Быйыл 14 сааспын туоламмын, хамнаска үлэлиибин. Кыра эрдэхпиттэн ыстаадаҕа сылдьыбыт буоламмын, ыстаада олоҕун, үлэтин билэбин. Табаны маныы да барсабын, дьиэ үлэтигэр да көмөлөһөбүн. Манна сылдьан элбэҕи үөрэнэбит. Билигин килиэп тиэстэтин мэһийэн уурарга үөрэнним. Хас күн аайы килиэп буһарабыт. Өссө отууну, оһоҕу оттор саамай наадалаах. Тииттэртэн хаппыт мутуктарын тоһутан хомуйабыт, оччоҕо оһохпут түргэнник умайар. Куруук кумааҕы сиэпкэр баар буолбат. Ыстаадаҕа сайын түргэнник ааһар, араас интириэһинэйтэн интириэһинэй көстөн иһэр. Бырдах элбээтэҕинэ, аттарга түптэни буруолатабыт. Кыыллары наһаа сөбүлүүбүн. Оскуоланы бүтэрдэхпинэ, ветеринар буолуом.
Сандаара Петрова, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин сайын аайы ыстаадаҕа эбээлээх эһэбэр тахсан сайылыыбын. «Оралчимна» лааҕырбыт быйыл 21 сылын үлэлиир. Эһэбин кытта ыстааданы маныыбыт, сатыы, уучаҕынан, атынан сылдьабыт. Манна сылдьан тыа олоҕун эппитинэн-хааммытынан билэбит. Соторутааҕыта таба ахсаанын ааҕыы буолан ааспыта. Ону мин наһаа сөбүлүүбүн. Төһө кыра тугуттар төрөөбүттэрин билэбит, табабыт төһөнөн элбээбитин билэҕин. Тугуттары хараал иһигэр тутан кулгаахтарын имниибит, биһиги ыстаадабыт табата диэн онон билэбит. Сороҕор атын ыстаадаҕа табаларбыт холбоһооччулар, оччого ол кулгаахтарынан билэн арааран ылабыт. Быйыл тугуттарбыт быдан элбээбиттэр.
Мин эбэбэр дьиэҕэ ас астыырга, дьону аһатарга эмиэ көмөлөһөбүн. Ордук эһэбин кытта тыаҕа сылдьарбын ордоробун. Эһэбин кытта ат тэрилин, таба ыҥыырын оҥоробут, манна тугу үлэлииллэрин барытыгар сылдьыһан бииргэ үлэлиибин. Эбээм «бу барыта инники олоххутугар туһалаах буолуо» диэн өрүү этэр.
Былырыын куоракка дьоммун кытта сайылаабытым. Онно олох тэһийбэтэҕим. Ыстаадабын ахтар этим. Төрөөбүт дойдум айылҕата кэрэтэ тардар этэ. Үрүйэлэрбитигэр балыктыыбыт, балыкпыт дьарҕаа, наһаа минньигэс! Иллэҥ кэммитигэр волейболлуубут, лапталыыбыт, онтон да атын интириэһинэй дьарыктары булабыт.
Оҕолорго туһалаах сынньалаҥы, үтүө сайыны баҕара хаалабыт!
keskil14.ru