Хас биирдии оҕо айылҕаттан бэриллибит талааннаах дииллэр. Онтон ол талааны таба көрөн сайыннарыы эмиэ туһунан талаан буолар. Биһиги оскуолабытыгар араас талааннаах оҕолор элбэхтэр. Олортон биирдэстэринэн 3-с кылаас үөрэнээччитэ Артем Колесов уонна 5-с кылаас үөрэнээччитэ Саян Петров буолаллар.
Бу уолаттар отой кыра эрдэхтэриттэн ырыа эйгэтигэр сыстыбыт оҕолор. Кинилэр удьуор талааннаахтар, тоҕо диэтэххэ кинилэр төрүттэригэр норуот ырыаһыттара бааллар, эбэлэрэ, ийэлэрэ, аҕалара эмиэ сыанаҕа тахсан ыллаан көрөөччү, истээччи биһирэбилин ылбыт аҕай дьоннор.
Чопчулаан этэр буоллахха, Артемнаах Саян иккиэн бииргэ төрөөбүттэр оҕолоро, ол эбэтэр биир эбэлээхтэр, эһэлээхтэр. Уолаттар айылҕаттан бэриллибит куоластарынан ыллаан дьон-сэргэ биһирэбилин ылыахтарын ылаллар, араас таһымнаах ырыа конкурстарыгар кытталлар. Бу соторутааҕыта «Бриллиантовые нотки» диэн республиканскай фестивальга кыттан Артем «Хаарчаана» ырыанан 1 степеннээх, онтон Саян «Табаһыт ырыата» ырыатынан 2 степеннээх лауреат үрдүк аатын ылбыттарын туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ. Ити курдук, биһиги уолаттарбыт чуор куоластара республика бары муннуктарыгар чугдаарыйа турдуннар.
Онтон кинилэр айылҕаттан бэриллибит талааннарын арыйан, сайыннаран маннык үрдүк ситиһиилэргэ тириэрдибит киһинэн музыка учуутала Наталья Анатольевна Февелова буолар.
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар.