«Сарыал» култуура киинигэр лыык курдук киһи мустубут: араас кэрэ таҥастаах оҕолор, долгуйбут сирэйдээх ийэлэр, аҕалар. Бу Авксентий Егорович Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэйгэ Саха өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит күнүгэр аналлаах «Битва хоров» диэн кылаастар икки ардыларыгар күрэстэһии буолаары турар. Күрэс сүрүн сыала – оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии, ону таһынан кылаас иһигэр эйэлээх буоларга, төрөппүттэри түмэргэ, кинилэри кытта оҕолор алтыһыыларыгар улахан оруоллаах тэрээһин буолла.
«Кылаастар бары күүскэ бэлэмнэммиттэрэ көстөр, төрөппүттэр оҕолорун кытары сыанаҕа тахсан ыллаабыттара наһаа үөрүүлээх», – диэн дьүүлүүр сүбэ түмүгэр бэлиэтээн эттэ.
Күөн күрэс туһунан оҕолор санааларын ыйыттыбыт:
Охотина Эмилия: Наһаа үчүгэй тэрээһин ааста, кылааспын кытта өр да бэлэмнэммиппит уонна бэлэмнэнэр бириэмэбитигэр кинилэр тустарынан наһаа элбэҕи биллим, кинилэри кытта биир санаалаах эбиппин дии санаатым.
Антоева Эвелина: Маннык күрэх ыытыллара наһаа үчүгэй эбит, өссө да кыттыам этэ.
Собакина Айна: Бу тэрээһин кэнниттэн ырыанан дьарыктаныахпын баҕардым, дьиҥинэн, бу иннинэ ыллаабат этим. Наһаа элбэх төрөппүт кытынна.
Бу маннык күрэс элбэх бэлэмнэниини, үгүс сыраны эрэйэр. Сорох кылаастар анаан-минээн таҥас тиктэрбиттэрэ хайҕаллаах. Кылаас салайааччылара бэлэмнэнэргэ быыс-арыт булан, төрөппүттэри түмэ тардан, көрөөччүлэргэ ураты эйгэни, биир тыыны, үөрүүнү бэлэхтээтилэр, тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Ырыа кэрэ киэһэтин тэрийбит дьоммутугар: дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Вера Юрьевна Михайловаҕа, тэрээһини көҕүлээбит алын кылаас учууталыгар Анна Егоровна Гороховаҕа, ырыа учууталыгар Сардана Дмитриевна Сивцеваҕа махталбытын тиэрдэбит.
Афанасий Канаев, 10-с кылаас үөрэнээччитэ