Сэтинньи 9 күнүгэр Ороһуга «Ырыа аргыстаах, алгыс тыллаах» диэн ыра санааны саҕар, ил-эйэ туругун чэлгитэр, алыптаах ырыа куттаах эйгэни ытта уйулҕа билимин чинчийээччитэ, ХИФУ үлэһитэ Анна Артуровна Иванова ыалдьыттаата.
Анна Артуровна Клавдия Ильинична Максимоваҕа-Сайыынаҕа Духуобунас киинигэр 2016 с. уһуйуллар. Сайыына дьон ис кутун уһугуннаран ыллыыр, тойуктуур, олоҥхолуур, хомустуур дьоҕурун арыйар эбит.
«Төрүт дорҕоон өбүгэлэрбиттэн кэлбит дьоҕур диэн итэҕэйэбин. Сайыынаҕа уһуйуллан баран, арай ыллыах санаам киирэн, ыллаан барбыппар, кылыһахтаах тойук кутуллан тахсыбытыгар, соһуйдум да, үөрдүм да. Сайыына киһиэхэ баар талааны арыйар ураты дьоҕурдааҕа. Ийэ олоҥхоһукка тыла үөһэттэн саас сааһынан дьаарыстанан кэлэр буолан, кини ырыата эмтиир аналлаах уонна истиэхтэн кэрэ буолар. Хас биирдии ырыа дорҕооно алгыс доҕуһуоллаах буолан, дьоҥҥо тиийимтиэ. Алгыс олоҕу түстүүр, аартыгы арыйар, этэҥҥэ буолууну мэктиэлиир», — диэн баран кэрэ куолаһынан «Аҕам алааһа» диэн ырыаны ыллаабыта, киһи хараҕар айылҕа сиэдэрэйэ — күөх алаас көстөн ааста.
Кэлбит дьон «Ньургуһун» диэн ырыаны ыллаатыбыт. Түмүккэ ансаамбыл тэриниэх буолан тарҕастылар.
Ванесса Васильева, Н.Н. Михайлова, Ороһу нэһилиэгэ.