Гражданскай сэрии дьоруойа Кеша Алексеев аатын сүгэр
Хаптаҕай орто оскуолатын сонуннара
«ЫРААС МУУС«
Нэһилиэкпитигэр «Ыраас муус» эппэрээссийэ саҕаланна. Ол курдук оскуолабыт IX-XI кылааһын уолаттара, эр дьон учууталлар, үлэһиттэр бастакы чиэппэр саҕаланыытыгар муус ыллылар. Күргүөмнээх үлэ түмүгэр 500 илиис мууһу оскуолабыт остолобуойугар ыллылар. Ону таһынан өссө 100 илиис мууһу нэһилиэкпит көмөҕө наадыйар ветераннарыгар ыллылар. Уолаттарбыт олус көхтөөхтүк үлэлээтилэр.
КҮҺҮҤҤҮ МУҤХА
Оскуола улахан кылаас уолаттара күһүҥҥү муҥхаҕа сырыттылар. Нэһилиэк эр дьонун түмэн баһылык Иван Прокопьевич Зыков салайааччылаах көмүс хатырыгынан аатырбыт Хаатылыма күөлүгэр мунхаҕа сарсыарда 7 чааска туруннулар. Уолаттар муҥха ымпыгын-чымпыгын көрөн, тутан-хабан үөрэнэллэригэр салайааччы, история учуутала Николай Терентьевич Парфенов өҥөтө улахан. Төһө да куулунан балык ылбаталлар, уолаттар элбэххэ үөрэннилэр, биллилэр-көрдүлэр.
КҮӨЛ АННЫНАН БАЛЫКТААҺЫН
Учуутал Николай Терентьевич оскуола уолаттарын балыктааһын араас ньыматыгар үөрэтэр. Ол курдук өрөбүл күн Соҕуруу арыыга илиминэн балыктааһыны тэрийэн оҕолор араас балыгы хаптардылар. Уолаттар үөррүүлэрэ сүрдээх. Өрөбүл күнү туһалаахтык атаардылар.
Василена ДМИТРИЕВА, Х кылаас, «Кустук» студия,
Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас
Хаартыскалар: https://vk.com/album-199463452_304931713