Билигин тоҕотун билбэппин эрээри, оҕо сылдьан барытын төттөрү оҥоро сатыыр адьынаттааҕым. Уруогу ыһааччы, кыргыттары ытатааччы, хаар оҥоһуктары алдьатааччы, охсуһууну саҕалааччы, хойутаан кэлээччи, онтон да атын бөрүкүтэ суох быһыылары оҥорон мөҕүллээччи — барыта мин этэ.
Ол гынан баран, маҥнайгы таптал диэн, чахчыта да, наһаа күүстээх иэйии эбит. Биир түгэн миигин, күлүгээн курдук көрөр уолларын, этэргэ дылы, 360 кыраадыс уларыппыта…
Үһүс чиэппэр саҕаламмыт кэмэ этэ. Күн уһаан, сүрэҕэлдьиирим өссө күүһүрбүтэ. Ийэм түүннэри дьуһуурустубалыыр сиэстэрэ, аҕам ыраах айаҥҥа сылдьар суоппар буолан, миигин кытаанахтык хонтуруоллуур киһи суоҕа. Эдьиийдэрим иккиэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэллэрэ. Онон бэйэбэр бэйэм муҥутуур тойон этим. Инньэ гынан, талбыппынан сылдьарым, сорох уруоктарга үөрэнэ да барбатым.
Дьэ, оннук биир үтүө күн, үөрэнэ барбакка, күн ортото диэри утуйан буккуруу сыттым. Арай түүлүм быыһынан иһиттэхпинэ, ким эрэ: «Куочук баар дуо?» — диир. Бастаан аахайбатым, онтон, дьэ, өйдөөммүн, ойон турдум. «Баарбын», — дии-дии таҥынным.
Хоспуттан тахсыбытым, ыстаарыста Гуруунньа кимниин эрэ кэлэн турар этэ. Өйдөөн көрбүтүм, хаһан да көрбөтөх кыыһым эбит. Эчи, нарынын, намчытын, кэрэтин! Олох долгуйан, чочумча талбааран турдум. Ээ, “талбааран” диэн наһаа уус-ураннык этилиннэ быһыылаах, киинэҕэ курдук бэрэмээннэ. Дьиҥэр, акаары киһи курдук алаарыйан хаалбытым ээ, кыбыстан мух-мах баран ылбытым. Онтон нэһиилэ ыган: «Туохха кэллигит?» — диэн ыйыппытым.
Гуруунньа: «Аата сүрүн, баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕын дуо? Хонтуруолунай буолаары турар. Булгуччу баар буолар үһүгүн. Кытаат, уһун перемена бүтэрэ чугаһаата. Саатар, төлөпүөҥнүт үлэлээбэт», — диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, илдьитин эттэ. Үгэспинэн: «Суох, барбаппын», — диэн батынан кэбиһиэхтээх этим. Ону баара, «гипнозтаммыт» курдук, дьикти-дьиибэ турукка киирэммин, саҥата суох сып-сап суунан-тараанан, соммун кэтэн, кэннилэриттэн батыстым. Баран иһэн, Гуруунньа билиһиннэрэр: «Нарыйа диэн, мин тастым балтым, ахсыс кылаастарга үөрэнэ кэллэ», — диэн.
Ол күнтэн ыла Нарыйаны көрөр баҕаттан күн аайы көтүппэккэ үөрэнэр буоллум. Үөрэхпэр да тардынным, тубустум. Нарыйам үҥкүүһүт эбит. Фестивальга кыттарын истэн, бэлэмнэнэллэрин көрөөрү, хас күн аайы эбиэттэн киэһэ оскуолаҕа тиэстэрим. Тиийэн, холдьоҕулла-холдьоҕулла да буоллар, таах мээнэ олорорум. Музыка холбуур табаарыспар көмөлөһөр аатыран. Уонна ыраахтан, уора-кистээн, Нарыйа имигэстик хамсанарын одуулуурум…
Бу санаатахха, үҥкүү учуутала сэрэйбит быһыылаах, биир күн: «Куочук, Нарыйаҕа паара буол эрэ, Дима уҥуоҕунан кыра, кини Наташалыын үҥкүүлүө», — диэтэ. Мин наһаа үөрдүм. Ол эрээри, төттөрүлэһэр идэбинэн: «Ээ, суох», — диэн хардардым. Онуоха Анна Николаевна: «Чэ, ыл, кэлэн тура оҕус», — диэн хамаандалаата. Кыбыста-кыбыста, Нарыйа аттыгар кэккэлэһэн кэбистим.
Оо, кэрэ да күннэр этэ! Кырдьыга да, ол кэм — мин олоҕум дьикти сааһа эбит! Көтүөхпүн кынатым суоҕа. Сарсыарда: «Иэхиий, бүгүн репетиция», — диэбитинэн уһуктарым.
Нарыйаҕа үчүгэйдик көстөөрү, тыҥырахпын кырынар (урут уһуор, ийэм сүүстэ этиэр диэри кыһаллыбакка сылдьар буоларым), чэбэрдик-чэнчистик туттар, таҥаспын көрүнэр, оннооҕор одьукулуоннанар буолбутум. Сиэркилэ иннигэр туран, дьүһүммүн-бодобун, эппин-сииммин сыныйан көрөрүм, былчыҥнарбын күүрдэн, культурист курдук туттарым уонна: «Сахаҕа бэрт уолбун дуу?» — диэн дьээбэлэнэн, бырааттарбын күллэрэрим.
Култуурам кытта үрдээбитэ. Нарыйа истиэ диэн, маатыралыырбын тохтоппутум. Аны, биирдэ бэлэмнэниигэ табахтаан аҕай киирбиппэр, Нарыйа: «Сытыҥ ынырыгы-ыан, фуу», — диэн баран, муннун саба туттубута. Онтон саатаммын, табахпын бырахпытым.
Быһата, таптал аптаах абылаҥа миигин үтүө суолга сирдээбитэ. Сылдьан эрэ киҥинэйэн ыллыыр, тэтэрээппэр кини аатын суруйар, өссө киниэхэ анаан хоһоон айарым. «Дьикти саас» романы умсугуйан аахпытым. Ийэм ону көрөн, наһаа үөрбүтэ. Аҕабар кэпсиирин истибитим: «Оҕобут улаатан боччумурбут, кинигэ ааҕар буолбут», — диэн.
Ол гынан баран, мин Нарыйаҕа тапталга хаһан да билиммэтэҕим. Этиэхпин наһаа баҕарарым да, тоҕо эрэ, сатаан кыаллыбатаҕа. Арааһа, хомотон кэбиһиэм, бэйэбиттэн тэйитиэм дии саныырым быһыылаах. Эбиитин, хайдах эрэ, толлор курдугум. Оо, дьиҥэр, киниэхэ төһөлөөх элбэх суругу суруйбутум буолуой? Биирин да сатаан тиксэрбэтэҕим. Оннук оскуолабын бүтэрэн барбытым.
Нарыйа миэхэ, эккирэтэн баран, кыайан сиппэтэх ыра санаам, талаһан баран, тиийбэтэх ырааҕым, кэрэҕэ угуйар сулуһум буолан, үйэ-саас сүрэхпэр хаалбыта…. Ол эрээри, мин кинини аҥаардастыы бэйэм эрэ таптаабыппыттан төрүт кэмсиммэппин. Ол кэми наһаа күндүтүк, сылаастык ахтабын-саныыбын. Кини баар буолан, мин үчүгэйгэ талаһыым күүһүрдэҕэ, сөптөөх суолу тутустаҕым эбээт.
Дьэ, оннук абылаҥнаах буолар эбит — маҥнайгы таптал диэннэрэ..
Егор.