Бу ааһан эрэр 2018 сыл биһиги нэһилиэкпитигэр улахан үөрүүнү аҕалла. Ол курдук, уһун сылларга күүппүт ыра санаабыт туолла: киэҥ-куоҥ таас оскуолаҕа көһөн киирдибит.
Оскуолабыт аһыллыытыгар ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, үөрэммит, үлэлээбит үгүс дьоммут, нэһилиэк олохтоохторо, төрөппүттэр кэлбиттэрэ.
Бу күнү бары долгуйа күүппүппүт. Мин ордук долгуйбутум. Оскуолам бастакы чуораанын Захарова Машалыын тыаһаппытым.
Күрэхтэһэ бардахпына, таас оскуолаларыгар ымсыырарым. Айар үлэ суруйтардахтарына, таас оскуолаҕа үөрэниэхпин баҕарарым туһунан суруйарым. Ол баҕа санаам, дьэ, туолла. Кыс хаар ортото кыараҕас, кыра оскуола дьиэттэн улахан таас оскуолаҕа көстүбүт!
Сүргэбит көтөҕүллэн, библиотекабыт кинигэлэрин субуотунньуктаан таспыппыт. Ыраас, сырдык кэбиниэттэргэ наадалаах кыра малларбытын эрэ киллэрбиппит.
Оскуолабыт, икки сыл тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Араас омук дьоно кэлэн үлэлээн, дэриэбинэбит ортотугар сүҥкэннээхэй улахан таас тутуу дьэндэйэн таҕыста. Оскуолабыт элбэх хостоох, остолобуойдаах, үөрэнэргэ-сайдарга табыгастаах кэбиниэттэрдээх, киһи эрэ эрчиллиэх физзаллаах, ханна да аралдьыйбакка олорон ааҕарга анаан библиотекалаах, аактабай саалалаах.
Кылааспыт кэбиниэтэ салгынныын атын. Билигин миэхэ алта уруок диэн кыра. Наар аҕыстыы эбэтэр тоҕустуу уруокка үөрэниэхпин баҕардым.
Барҕа махтал тылбын тиэрдиэм этэ — оскуолам дириэктэрэ Виктор Васильевич Лопатиҥҥа. Кини салайыытынан оскуолам үүнэ-сайда турарыгар баҕарабын!
Коля Марков, XI кылаас үөрэнээччитэ.
Игидэй, Таатта.