Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгин “Сулусчаан” уһуйаана хас эмэ сыл ыра оҥостубут саҥа дьиэтин тутуллуутун бастакы сыбаайатын түһэрии үөрүүлээх күнэ ыытылынна.
Бу күн Чурапчы улууһун баһылыга С.А.Саргыдаев, бу саҥа тутууну салайан ыытар “Прогресс” холбоһуктаах эппиэтинэстээх тэрилтэ дириэктэрэ А.С.Пинигин, бары убаастыыр киһибит, олимпийскай чемпион П.П.Пинигин, “РФА- Инвест” инвестиционнай үп хампаанньатын дириэктэрин солбуйааччыта Д.Н.Поисеев, Сылаҥ нэһилиэгин баһылыга Е.И.Макаров эҕэрдэ тыл эттилэр, Сылаҥнааҕы “Сулусчаан” уһуйаан үлэһиттэрэ, ветераннара, нэһилиэкпит олохтоохторо, кэнчээри ыччаттара, оҕолорбут сыбаайа түһүүтүн долгуйан туран кэлэн көрдүлэр.
Үлэ-тыыл бэтэрээнэ, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Сылаҥ нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, ытык кырдьаҕаспыт Б.П.Баишев сахалыы сиэринэн үрдүк Айыылартан үтүөнү көрдөһөн, алгыс түһэрэн аал уоту аһатта. Кырачаан кэрэспэндьиэн оҕолорбут кэлбит ыалдьыттартан интервью ыланнар уһуйаан историятыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.
Аны эһиил, балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҥа, киэҥ, сырдык, аныгы уһуйааммытыгар киирэрбитин коллектив үлэһиттэрэ бары эрэнэ, долгуйа күүтэбит.
Нарыйа Макарова, Сылаҥ, Чурапчы