Киһи бэйэтин олоҕун оҥосторугар, суолун-ииһин тобуларыгар сүрүн тирэҕэ – төрөөбүт дойдута. Үрдүккэ кынаттыыр ыра санаа, тулалыыр эйгэни анааран көрүү – бу барыта төрөөбүт алаастан, тиэргэнтэн, оҕо саастан саҕаланар.
Олоҕун 25 сылын, ол иһигэр 9 сылын муора анныгар подводнай луодкаҕа анаабыт, 16 сылын Камчатка, Сахалин, Владивосток байыаннай чаастарыгар хамаандалыыр дуоһунастарга сулууспалаабыт 2 рангалаах капитан Тихон Афанасьевич Матвеев хаһан эрэ эмиэ оҕо этэ. Төрөөбүт Лээгитигэр киэҥ сирдэри арыйар, дойдутугар туһалаах киһи буолар ыра санаалаах улааппыта. Кини билигин 72 саастаах, Камчаткаҕа олорор.
Т.А. Матвеев аҕатын, быраатын кытта, 1957 с., Лээги.
Бииргэ үөскээбит доҕоро Василий Михайлович Григорьев оҕо саас туһунан олус истиҥ өйдөбүллээх: «Оҕо, ханнык кэмҥэ олороруттан тутулуга суох, син биир ыра санаалаах буолар. Тихон биһикки төрөөбүт Лээгибит айылҕатыгар күөлэһийэ сылдьаммыт, наар сири-дойдуну көрүөхпүтүн баҕарар этибит. Ол туһунан элбэхтик кэпсэтэрбит. Иннибитигэр туох эрэ дьикти күүтэрин эрэнэр этибит. Аармыйаҕа барар сааспыт тиийэн кэлбитэ. Ити 1968 сыллаахха этэ. Лээгиттэн табанан айаннаан Өнньүөскэ кэлбиппит. Салгыы Аммаҕа, онтон Майаҕа, дьэ, уонна куоратынан Владивостокка тиийбиппит. Ардах, сиик бөҕөтө. Тихон биһикки хаатыҥкалаахпыт, тэлэгэриэйкэлээхпит. Баҕалаах киэҥ сирбитин көрөн, сөҕүү бөҕөтүн сөхпүппүт. Төрөөбүт Лээгибит ахтылҕана диэн тугун онно билбиппит.
Оҕо сааспыт ыра санаата Тихон Афанасьевиһы үрдүккэ көтүппүтэ. Сулууспатын кэнниттэн оччолорго саха санаатынан да тиийбэтэх үөрэҕэр – Тихоокеанскай үрдүкү муоратааҕы училищеҕа муора аннынааҕы сулууспа үөрэҕэр киирбитэ. Тихон Афанасьевич сири-дойдуну көрүөхтээҕэр буолуох, муора аннынан уста сылдьан кыраныыссаны харабыллыыр, биһиги нус-хас утуйарбыт, сиргэ эйэлээх олох туһугар олоҕун анаабыта, дойдутугар туһалаах дьиҥнээх эр киһи буолбута. Оҕо саас ыра санаата диэн олус күүстээх, киһи олоҕор улахан суолталаах. Онон оҕолоор, оҕо сааска хайаан да ыра санаалаах буолуҥ!».
Ситиһиилээх киһи буоларга туох нааданый?
Тихон Афанасьевич Матвеев соторутааҕыта Камчаткаттан төрөөбүт дойдутугар кэлэн күүлэйдээн, сынньанан, дьону-сэргэтин кытта көрсөн барбыта. Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи кадетскай оскуола-интернат иитиллээччилэрин кытта эмиэ көрсүбүтэ. Кадет уолаттар аан бастакынан «Эһиги курдук ситиһиилээх киһи буоларга туох нааданый?» диэн ыйытыыны биэрбиттэрэ.
– Ситиһиилээх буолуу бэйэҕиттэн тутулуктаах. Биһиги уонна эһиги кэмҥит атын-атын. Билигин олох лаппа сайдыылаах. Мин Лээги диэн үрэх баһыгар сытар кыракый дэриэбинэҕэ улааппытым. Нуучча тылын оскуолаҕа нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ үөрэтэр этибит. Ону санаан көрүҥ! Ол гынан баран аармыйа кэнниттэн Тихоокеанскай үрдүкү муоратааҕы училищеҕа туттарсан киирбитим. Биэс сыл үөрэнэн подводник буолбутум. Үөрэхпин лейтенант званиелаах бүтэрбитим. Киһи бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах. Үөрэхтээх киһи буоларга кыһаллыҥ. Сыаллаах-соруктаах буолуҥ. Саамай кылаабынайа – бэрээдэк. Бэрээдэк баар буоллаҕына, киһи элбэҕи ситиһэр.
Дойдутугутун, дьоҥҥутун таптааҥ. Киһиэхэ дойдута ийэтин кэриэтэ, биир. Оҕо төрөөбүт дойдутун харыстыы, таптыы, кининэн киэҥ тутта улаатыахтаах. Төрөөбүт дойду киһиэхэ биэрэр күүһүн, кыаҕын иҥэринэ, билэ улаатыҥ!
Подводник киһиэхэ туох хаачыстыба нааданый?
– Бэрээдэк, кытаанах санаа уонна доруобуйа наада. 1968 сыллаахтан 1992 сыллаахха диэри сулууспалаабытым. Ити аата 25 сыл. Бу 25 сылтан 9 сылын наар муора анныгар сылдьыбытым. Муора анныгар наар хамсаныы, үөһэ-аллараа ытыллыы. Ону тулуйарга доруобуйа, эт-сиин өттүнэн улахан кыах наада. Өссө да сулууспалыахпын сөп этэ. Ол гынан баран байыаннайдарга сааһынан хааччахтааһын диэн баар. Сулууспалаан бүтэр сааһын кэллэ да, стройтан туоруугун. Ол байыаннай сулууспа ирдэбилэ. Ону толороҕун. Подводник – дьиҥнээх эр киһиэхэ саамай сөптөөх сулууспа. Ол иһин эһиги ортоҕутуттан подводник үүнэн тахсыа диэн эрэнэбин.
Байыаннай киһиэхэ кэргэнэ туох оруоллааҕый?
– Байыаннай киһиэхэ сүрүн миэстэни дьиэ кэргэнэ ылар. Муораҕа 90 хонук устата барарым. Онтон муораттан бүтэн баран, байыаннай походтарга сылы-сыллаан сылдьаҕын. Ол кэмҥэ дьиэҕэр-уоккар бэрээдэги тутар киһиҥ – кэргэниҥ. Байыаннайдар кэккэлэригэр «подводник кэргэнэ – саамай эрэллээх кэргэн» диэн этэллэр. Өскөтүн мин 2 рангалаах капитан буоллахпына, кэргэним 1 рангалаах капитан.
Подводниктарга бытыктарын хорумматтар диэн үгэс баар дииллэрэ кырдьык дуо?
– Ити мөккүөрдээх боппуруос. Муораҕа сулууспалыы сылдьан бэрээдэк, тас көрүҥ син биир ирдэнэр. Ыраас, чэбэр буолуохтааххын. Наһаа итэҕэйэр буоллаххына, бытыккын хорунумуоххун да сөп. Ол гынан баран уопсай бэрээдэк биир. Оттон аан бастаан 100 миэтэрэ аллараа муораҕа киирээһиҥҥэ, үөһэ тахсан баран, хайаан да туустаах ууну иһиэхтээххин диэн үгэс кырдьык баар.
Сахам тыла — тыынар тыыным
– Саха сиригэр кадетскай оскуолалар баалларын мин бүгүн астына, киэн тутта көрдүм. Ордук билигин, дойдуга мөккүөр, буккуур сытыырхайбыт кэмигэр дойдутугар бэриниилээх ыччаттары иитэн таһаарыыга кадетскай оскуола улахан эппиэтинэһи сүгэр. Кадет уолаттар сахалыы саҥаралларын истэммин үөрдүм. Төһө да дойдубуттан тэйбитим, ырааппытым иһин, төрөөбүт тылбын тоҕо умнубаппыный? Тоҕо диэтэххэ, төрөөбүт сахам тыла диэн миэхэ тыынар тыыным, уоскуйар, сынньанар сылаас эйгэм.
Кадет диэн кимий?
Байыаннай тутуллаах үөрэх кыһатыгар үөрэнэр оҕону кадет диэн ааттыыллар. Кадет параднай формата Россия үрдүнэн биир ирдэбиллээх.
Баатара кадеттарын санаалара
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ф.К. Попов аатынан Баатара орто оскуолатын иһинэн кадетскай кылаас үлэлиир. Баатара олохтоохторо кадет уолаттары астына көрөллөр. «Биһиги Сүөдэрбит Саха сирин хорсун, бастыҥ уолаттарын төрөөбүт Баатаратыгар түмэр, мунньар», – диэн киэн тутта этэллэр.
VII кылаас үөрэнээччитэ Савва Сидоров Горнай улууһун Кэптин нэһилиэгиттэн сылдьар.
– Манна бэрээдэккэ, күннээҕи режимы тутуһа үөрэнэбит. Сарсыарда 7 чааска турабыт, ороммутун хомуйабыт, сүүрэбит, сэрээккэлиибит, суунабыт, аһыыбыт. Онтон үөрэнэ тахсабыт. Эбиэттээн баран, 15 чаастан саа ыһабыт, хомуйабыт, куруһуоктарга сылдьабыт. Кэлэн уруокпутун ааҕабыт,киэһээҥҥи аһылык буолар уонна 10 чааска утуйабыт. Бастаан наар бириэмэнэн сылдьар ыарахан этэ. Билигин үөрэнним. Мин ситиһиилээх киһи буолуохпун баҕарабын.
***
VII кылаас үөрэнээччитэ Антон Дьячковскай Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан сылдьар.
– Владивостокка байыаннай училищеҕа киириэхпин баҕарабын. Холобур туттар киһим – убайым Прокопий. Кини МЧС-ка үлэлиир. Бэйэтин кыанар, элбэхтик эрчиллэр. Кадетскай кылааска кэлбитим үчүгэй. Байыаннай форманы кэтэ үөрэнним. Форма кэттэххинэ, хорсун, күүстээх санаа үөскүүр. Нэһилиэк олохтоохторо «кадет уолаттар кэллилэр» диэн уратытык көрөллөрө үчүгэй баҕайы.
***
VIII «Б» кылаас үөрэнээччитэ Артем Беляв Мэҥэ Хаҥалас Майатыттан сылдьар.
– Сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Геройа Федор Попов дойдутугар үөрэнэ сылдьарбыттан киэн туттабын. Россия Федор Кузьмич курдук хорcун дьоннордоох буолан күүстээх.
***
VII кылаас үөрэнээччитэ Арылхан Шадрин Эдьигээнтэн сылдьар.
– Мин манна кэлэн бэрээдэккэ, күннээҕи режимы тутуһа үөрэнним. Наар уолаттары кытта сылдьаммын, бэйэбин эрчийэбин. Байыаннай буоларга режимынан сылдьыахха наада. Ону кыайыахпын наада. Бэрээдэккэ үөрэнэрим инники олохпор туһалыа дии саныыбын.
Сардаана МАТВЕЕВА.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол