Оскуолабыт иһинэн тэрийбит “Ыллык” экспедициябыт быйыл бэһис төгүлүн ыытылынна. Маннык тэрээһиннэр оҕолор төрөөбүт сирдэрин историятын билэллэригэр, айылҕатын харыстыы үөрэнэллэригэр туоһуланар. Ону тэҥэ айан суола олохторугар көрсөр араас түгэннэригэр сөптөөх быһаарыныыны ылыналларыгар, сатабылларын сайыннаралларыгар, бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһалларыгар үөрэтэр. Кыһыҥҥы суолунан оскуолабыт массыынатынан Мэтээки учаастагар тиийэ бара сырыттыбыт. Кэлэ-бара уопсайа 234 км айаннаатыбыт.
Винокуров Коля, 7 кылаас: Айаммыт суола табыгастаах сиргэ турар буолан Үөттээххэ наар тохтоон ааһабыт. Хаһаайка Татьяна Христофоровна Слепцова (уҥаттан төрдүс олорор) куруук буоларын курдук үөрэ-көтө көрүстэ.
Оһох ханна турарын быһааран биэрэн баран, билигин хаара халыҥ, онно массыына тиийбэт сирэ, күһүн сылдьаргыт ордук буолуо диэн сүбэлээбититтэн салгыы Тарҕанаҕа айаннаатыбыт.
Аара “Тарыҥнаах” хайатыгар хаартыска түспүппүт. Бу хайа туруорутунан биллэр. Сайын айылҕа чэчирии көҕөрөн турар кэмигэр ураты дьикти кыраһыабай көстүүлээх буолар.