10-18 саастаах оҕолор олоххо сыһыаннарын уонна инникигэ көрүүлэрин “МП АНАЛИТИКА” диэн социологическай агентство ырыппыт. Чинчийиигэ 52 регионтан 1057 оҕо кыттыыны ылбыт. Оҕолортон 99% айылҕа чөл буоларын туһугар кыһаллабыт диэбиттэр. 77% сокуону кэһэ сылдьыбыппыт диэн билиммиттэр.
Үгүс үөрэнээччилэр дойду ис политикатынан интэриэһиргээбэттэр эрээри, 67%-на төрөөбүт дойдутун таптыыр.
Ыйытыктарга хоруйдаабыт оҕолортон үгүстэрэ бастаан үлэлээн-хамсаан, материальнай балаһыанньаларын бөҕөргөтөр санаалаахтар, ыал буоларга ыксаабаттар. Олортон идэтин быһаарыммыт оҕо – 62%.
Оскуола оҕотун 57%-на бэйэтин атаҕастаммыт, сэнэниллибит курдук сананар. Оҕо оҕоҕо куһаҕан сыһыанын төрүөтүнэн үксүн ураты тас көрүҥ буолар.
Оҕо улахан аҥаара сааһынан хааччахтыыр сокуону тутуспат.