Толору ый тулалыыр айылҕаны барытын алыптаах дьикти сырдыгынан толорор, туох эрэ ыраас, нарын иэйиинэн угуттуур. Биэс-алта саастаах уоллаах кыыс күп-күөх окко сытан, сулустары одуулаһаллар.
– Сайаана, мин эйиэхэ биири бэлэхтиэм, – уолчаан истиҥник мичээрдиир.
– Тугу?
– Ол саамай сырдык сулуһу, – Ньургун сып-сырдык сулуһу ыйар.
– Эн онно, ама, тиийэҕин дуо? – кыысчаан олус диэн дьиибэргиир.
– Суох. Ол гынан баран, тоҕо тиийиэхтээхпиний? Сулус диэн умайа сылдьар уот үһү, ону мин эйиэхэ ылан биэрдэхпинэ, эн илиигин сиэтиэҥ. Маннык сиртэн көрөргө аналлаах эбит.
– Оччоҕо хайдах бэлэхтиигиний? – Сайаана курустук туттар.
– Хомойума, Сайаана, – Ньургун кыыһы төбөтүттэн сыллаан ылар. – Мин ити сулуһу эйиэхэ бэлэхтиибин. Ол аата эн, кинини көрө-көрө, миигин саныаҥ, оттон мин – эйигин.
– Оттон эн уонна хаһан да кэлбэккин дуо?
– Дьонум кэлбэппит дииллэр.
Оҕолор эмискэ тимир биэдэрэ тыаһын истэ түһэллэр. Көрбүттэрэ, дьиэ аттыгар ыы-быччары балыктаах кыра солуур турар эбит. Сайаана аҕата бу киэһэ аҕалбыт балыга. Кыыс сүүрэн тиийдэ. Быыкаа балыктар эрэйдээхтэр өссө да тыыннаахтар, аппаҥнаан мөхсөн бөҕө.
– Тыый! Ньургун, көрүүй, балыкчааннар тыыннаахтар эбит дии!
Ньургун мүчүк гынна.
– Мин аҕам эмиэ сороҕор балыктаан кэлэр. Балыктар куруук тыыннаах буолааччылар, – уолчаан өрө тыынан ылла.
– Оттон биһиги кинилэри өлөрөн сиэри сылдьабыт дии… – Сайаана хараҕа ууланан, доҕорун диэки эрэммиттии, чоҕулуччу көрөн турда.
– Ытаама, Сайаана, биһиги балыкчааннары быыһыахпыт! – уол биэдэрэни икки илиитинэн көтөҕөн, үрэх диэки хаамта. Кыыс кэнниттэн сүүрэн кэлэн, биэдэрэ тутааҕын аҥаар өттүттэн тутуста.
Оҕолор көмөлөөн балыктаах биэдэрэни уу үрдүгэр тиэрэ туттулар. Соһуччу быыһаммыт балыкчааннар, үөрүүлэриттэн оонньуу-оонньуу, үрэх устун уһуннулар. Сайаана уонна Ньургун, илиилэриттэн сиэттиһэн, балыктара сүтүөхтэригэр диэри кэтээн турдулар.
***
…Ити кэмтэн ыла, лоп-бааччы, сүүрбэ сыл ааста. Сайаана телескобун хомунан, өрүс кытылыгар барардыы оҥоһунна. Массыынатыгар киирэн олороотун кытта, ийэтэ эрийдэ.
– Хайа, тоойуом, туох сонун? Үлэҥ төһө бэркэ баран иһэр?
– Барыта үчүгэй, ийээ. Үлэм бэркэ салаллан иһэр. Бу билигин аппаҕа баран иһэбин. Аппа үрдүттэн халлаан үчүгэйдик көстөр. Сотору борук-сорук буолуо, онон тиэтэйэбин. Бу киэһэ эмиэ хаартыскаҕа түһэрэбин, уһун выдержка наада, онон хараҥа буолаатын кытта саҕалыахтаахпын.
– Ээ, сөп. Чэ, кытаат.
– Сөп, ийээ.
– Ээ, тоойуом… Мин биири ыйытаары гыммытым. Тус олохпут хайдаҕый оттон, туох эмэ уларыйыы таҕыста дуо?
– Оо, дьэ, ийээ, эмиэ саҕаланна! Мин үлэлиибин, бокуойум суох, туох да уларыйыы тахса илик.
– Ээ, чэ, сөп-сөп. Хаһан сиэн көрөр дьоллонорум буолла.
– Ийээ, сиэн көрөр кэмиҥ кэлиэ, онно олох долгуйума. Ол гынан баран, билигин буолбатах. Чэ, мин ыксыыбын. Пока.
– Чэ, пока.
…Сайаана аппа үрдүгэр телескобун уонна аппараатын сөптөөх хайысхаҕа туһаайан, киһи көмөтө суох хаартыскаҕа түһэрэр гына бэлэмнээн баран, аллара түһэн, эбэҕэ сөтүөлүү киирэргэ сананна. Халлаан лаппа хараҥарбыт. Сып-сырдык толору ый көннөрү да харахха олус кэрэтик көстөр. Кыыс аа-дьуо таҥаһын устан, купальнигын кэтэн, ууга киирдэ. Уу өссө да сылаас. Астына-дуоһуйа харбыы-харбыы, Сайаана кытылтан балачча тэйдэ. Ол сылдьан иһигэр саныыр: “Ийэм барахсан сөпкө этэр. Биир эмэ үчүгэй киһини булан, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, олоҕум оннун оҥостуохха баар эбит. Оччоҕо, дьэ кырдьык, бу олоххо миэстэбин буллум диэх этим. Оҕолорбор киэҥ куйаар кэрэтин көрдөрүөм, хайдах курдук кэрэ сиргэ олорорбутун өйдөтүөм, сир-халлаан арыллыбатах кистэлэҥнэригэр ааны сэгэтэн, билиигэ-көрүүгэ тардыһалларыгар олук ууруом. Ол эрээри… билиҥҥитэ биир да сөптөөх киһини була иликпин. Арааһа, бэйэм аһара үчүгэй киһини кэтэһэбин дуу, хайдах дуу? Син үчүгэй уолаттар билсэ сатыыллар даҕаны, кинилэр бары биитэр дьаарай булчуттар, биитэр куорат олоҕор үөрэнэн хаалбыт дьон, оттон сорох-сорохтор аһыы утаҕынан үлүһүйэллэр. Арай, биир эмэ испэт-аһаабат, айылҕаны чахчы таптыыр, кыылы-сүөлү аһынар, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ куйаар кэрэтин кэрэхсиир киһини көрсөрүм буоллар, бэрт да буолуо эбит…”.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Светлана ЕГОРОВА.
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.