Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнүн бэлиэтиир туһунан ыйааҕы таһаарбыта.
Ыам ыйын күнэ — Ньукуолун күнэ, Сайылык күнэ, күөххэ үктэнии, сайыны көрсөр күммүт.
Сайын кэлиитин уруйдуу профессор, академик, суруналыыс, суруйааччы, биһиги үтүө доҕорбут «Сайын кэллэ» диэн хоһоонунан күндү дьоммутун эҕэрдэлээтэхпит буоллун.
Сайын кэллэ
Афанасий Чугунов
Дорообо, Ньукуолун таҥара,
Дорообо, сайыммыт саҥата,
Дорообо, күн сирэ сайылык
Дорообо, кэрэ кэм уйата.
Хара тыа көҕөрө чэлгийбит,
Хатыҥ мас нуоҕайа тыллыбыт,
Араас көтөр олох салгыы
Ахсаабакка аймаммыт.
Тоҕо да кэрэтэй тулабыт,
Тоҕо да ырааһай эйгэбит,
Айылҕа тиллибит дьиктитэ,
Айыы сирин киэргэлэ.
Куппут-сүрбүт күлэр-салар,
Күлүм көрүҥ имэҥ саҕар,
Олох көҕө күөдьүйэр,
Оһуор үктүү оонньоохолуур.
Быйаҥ сайын кэлэрин,
Барыта этэҥҥэ буоларын,
Бэлиэ үөрүү күнүттэн
Бүгүн үҥэ көрдөһүөҕүҥ.
Айах тутуох Аал уоту,
Баайыах маска саламаны,
Аһыах сандалыга олорон
Алаадьыны, куһу-хааһы.
22.05.2020 с.