Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Сахабыт сиригэр Ньургуһун күнэ бэлиэтэнэр. Бу кэрэ бэйэлээх күҥҥэ анаан профессор, академик, суруналыыс, суруйааччы Афанасий Васильевич Чугунов ньургуһуну хоһуйан суруйбут ырыатын бар дьонугар бэлэх уунар.
Ньургуһун күнүнэн
Афанасий Чугунов
Үс кутум биһигин хамсата,
Ис иэйиим кылыһын таарыйа
Ньургуһун сибэкким тилиннэ,
Сир ньуурун урутаан симээтэ.
Хос ырыата:
Ньургуһун сибэкки – бу сайын илдьитэ,
Ньургуһун сибэкки – бу кэрэ бэлиэтэ,
Ньургуһун сибэкки – бу үөрүү күлүмэ,
Ньургуһун сибэкки – бу таптал утаҕа.
Сырдыкка, сылааска тардыһа
Тоҥ буору тобулу көтөҕүн,
Сүтэрбит ахтылҕан алыба
Тулаҕар мичээри саҕаҕын.
Хос ырыата
Кэлиэ дии кэннигэр сиэттиһэ
Куулаҕа кэҕэбит куолаһа,
Ньукуолун таҥара үөрүүтэ,
Нуоҕайыа мутукча көҕөрө.
Хос ырыата
Араас өҥ чаҕыла сарыаллаах,
Көҥүлгэ угуйар имэҥнээх
Айылҕа бастакы бэлэҕэ
Килбик нарын киэргэлэ.
18.05.2020 с.