Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 97 №-дээх «Аргыс» юнкоровскай пост юнкора этим. Оччолорго салайааччыбыт Федорова Анастасия Васильевна араас ыстатыйалары, заметкалары суруйарга уһуйан үөрэтэрэ, хаһыаты ааҕарга, таптыырга бастакы олуктары уурбута. Ол саҕана почта да сырыыта үчүгэй буолан, кып-кыһыл «Бэлэм буол» диэн суруктаах хаһыат кэлэрэ олус да күндү этэ.
Сотору-сотору хаһыакка бэчээттэнэр наһаа умсугутуулааҕа, долгутуулааҕа. Оттон бырааһынньыктарга табаны мииммит Бэргэн уол ойуулаах аккырыыкка эн ааккын ааттаан туран эҕэрдэлиирэ туспа үөрүү этэ.
Ол барыта мунньуллан, тиһиллэн, оҕо сааспытыттан ыла биһигини, хаһыаты таптааччылары, иитэн таһаарбыт эбит. Оттон ол бэйэлээх хаһыаппытыттан фотограф кэлиитэ кып-кыра дэриэбинэ олоҕор улахан сонун этэ. «Юнкордар хаалыҥ, фотографтыын көрсүһүүгэ»,- диэн салайааччыбыт эппитигэр, эчи, аймана, сүпсүгүрэ түспүппүтүөн! Оттон ол көрсүһүүттэн маппыт оҕолор ымсыырбыт харахтарын билигин да умнубаппын. Көрсүһүүгэ Николай Захаров фотожурналист кэлэн кэпсэтэн, дэлби күллэртээн, хаартыскаҕа түһэртээн баран, өрөспүүбүлүкэ хаһыатын эдэр кэрэспэдьиэнэ буоларбытын туоһулуур дастабырыанньалары, сорохторго значоктары туттарбыта. Олох омуна суох сири билбэт гына үөрэн-көтөн, тутум үрдээн дьиэлээбиппит…
Оттон билигин бэйэм төрөөбүт түөлбэбэр, оскуолабар, 19-с сылбын саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиибин. 13-с сылбын юнкоровскай куруһуогу салайан үлэлэтэбин. Бэйэбин уонна билигин бэйэм төрөппүт да, үөрэтэр да, оҕолорбун улаатыннарбыт таптыыр хаһыаппын олус күндүтүк саныыбын, убаастыыбын, ытыктыыбын. Оччотооҕу оҕо сааспыт куруһуогун оҕолоро бары педагогтар буолан тахсыбыппыт. Онон хаһыаппыт, салайааччыбыт өҥөлөрө онно улахан дии саныыбын.
Оттон бэйэм билигин салайар куруһуокпар дьарыктаммыт оҕолорум үксүлэрэ иитэр-үөрэтэр салааны талан, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан олус үөрэбин. Уруоктарбар, эбии дьарыктарбар куруутун «Кэскил» хаһыаты туттабын. Ордук худуоһунньуктар галереяларын хартыыналарын суруйууга туһанабын, оҕолор да биһирииллэр. Оттон кылаас салайааччытын быһыытынан араас тургутуктары, таайбараҥнары, сүбэлэри кылаас чаастарга тирэх оҥостобун. Наадалаах, туһалаах дии санаабыт матырыйаалбын кырыйан ылан туспа мунньабын. Оҕолорбун онуоха үөрэтэбин. Суруллан бүппүт тэтэрээттэригэр кырыллыбыт хаһыат ыстатыйаларын сыһыаран темаларынан тус-туспа мунньуналлар. Онон оонньуу ыытыыга, ас астыырга, араас дьикти чахчыларга, тургутуктарга, о.д.а. араас «кинигэчээннэр» олус элбэхтэр.
Онон итиитик-истиҥник саныыр-ахтар хаһыатым олохпун салайбыта, сирдээбитэ уонна билигин да үтүө аргыс буола сылдьар.
Ааптар: Изабелла Ноговицына
Өлөөкө-Күөл, Орто Халыма.