САНААМ СЫРДЫК ТАММАХТАРА
Редакциябыт эргэ дьиэтэ, Попов уулусса 38-һа, санаабытыгар наһаа киэҥ-куоҥ, үчүгэй, ис-киирбэх. Университеты саҥа бүтэрэн, «көҥүл диплом» ылан, оҕолорго аналлаах «Бэлэм буол» хаһыакка корректорынан үлэҕэ киирбитим.
Кинигэҕэ эрэ мэтириэттэрин көрөр дьоннуун бииргэ үлэлиир буолан хааллым. Толлорум баһаам: үлэбин кыайарым дуу, кыайбатым дуу, туох да биллибэт да, ханна да барар сир суох. Мин табыллыам иһин, редакция үлэһиттэрэ бары наһаа үлэһит, боростуой, сүрдээх элэккэй дьон буолан, сыыйа-баайа үөрэнэн, хаһааҥҥыттан эмэ билэр дьонум курдук буолан хааллылар.
Хаһыаппыт нэдиэлэҕэ иккитэ тахсара. Билигин санаатахха, ырай олоҕо эбит. Ыгылыйбакка, тылыгар-өһүгэр кыһаллан, холкутук таһаарар быһыылаах этибит. Типографияҕа сибиниэс шрифтэри түргэн туттуулаах верстальщик Яков Иванович Аллахинов күлэн лэһигирэтэ-лэһигирэтэ, алаадьы курдук талбытынан эргитэрэ, төһө да уустук макеты таҥан бүтэрбитэ-оһорбута баар буолара. Техническэй редакторбыт Зоя Афанасьевна Михайлова биир оннук үтүөкэн үлэһит. Хаһыатыгар сыһыаннааҕы умнубатынан, туох эмэ дьээбэлээҕи саҥаран, сылайбыккын умуннарар, түргэн, ыраас туттуулаах, мээнэ киһи тэҥнэспэт киһитэ.
Хаһыат тахсар күнүгэр кыараҕас корректорскайга киһи кырыытынан сылдьар элбэх киһи мустар. Ыччат үс хаһыата: «Молодежь Якутии», «Эдэр коммунист» уонна «Бэлэм буол» корректордара, дьуһуурунайдар сороҕор доргуччу тэҥинэн ааҕарбыт. Мин мэлдьи да испэр ааҕабын, хос-хос көннөрөбүн, көннөрбүппүн аны редакцияҕа илдьэн көрдөрөбүн. Хаста эмэ кырынан, үрүт-үөһэ көннөрөн, ардыгар олох киэһэ, сороҕор түүн да бүтэрбит. Кыракый хоспутугар үлэлээбиппит тухары хаһан да киҥир-хаҥыр саҥарсыбатахпыт. Хаһыаттарбытын верстальщиктар көннөрүөхтэригэр диэри ардыгар бэйэбит остуолбутугар, ардыгар биир остуолга түмсэн, ким туох астааҕынан күө-дьаа чэйдиирбит. Клара Ильинична Герасимова, Евдокия Николаевна Готовцева, Таисия Ивановна, Светлана Скрябина күлүүлээх кэпсээннэрин истэн, сүргэбит көтөҕүллэрэ.
ТУОХ ДА ДИЭН САҤАРБАТАҔА
Нөҥүө күнүгэр хаһыаппыт бэчээттэнэн таҕыстаҕына, искэр куттана-куттана кырааска сыттаах хаһыаккын эмиэ хос ааҕаҕын. Аны туох эмэ сыыһа барбыта буолуо диэн. Биирдэ уоппускаҕа барыам эрэ иннинээҕи дьуһуурустубаҕа хаһыаты редактор аата суох таһааран турардаахпын. Атын сиргэ турдаҕа диэн, хос-хос эргитэ сылдьан көрө сатаатым да, “Редактор Н.И. Протопопова” диэн чуолкайдык талыллан, бу үйэҕэ миэстэтигэр үчүгэй баҕайытык турбута ээ, дьэ ханна да суох. Хайдах таба көрбөтөхпүнүй диэн, бэйэҕэр бэйэҥ кыһыйбытыҥ иһин, улахан алҕас барбыт, хайыыр да кыах суох. Хаһыат бэчээттэнэн, республиканы биир гына тарҕаннаҕа… Дьэ, саат-суут диэтэҕин. Нина Иннокентьевна онно төһөлөөх хомойбута буолуой да, туох да диэн саҥарбатаҕа.
ДЬОҔУС ХОСТОН АС СЫТА ДЫРГЫЙАРА
Бастакы мэндиэмэҥҥэ муннукка баар кыра хос машинисткабыт Ирина Дмитриевна Корякина кабинета. Манна кыбыллан турар дьоҕус ыскаабыгар араас иһит-хомуос, хобордоох, көстүрүүлэ толору буолааччы. Элбэх саҥата суох, киэҥ хара харахтаах Ира күнүс 11 чааска билииккэтин холбоон, бэчээттээн табыгыратарын быыһыгар тугу эмэ астаабытынан барааччы. Сотору соҕус миин дуу, соркуой дуу, минньигэс сыта дыргыйар.
Аан хостон Николай Егорович Амма Аччыгыйа, Иннокентий Илларионович Эртюковтыын «чыычаахтара» Николай Прокопьевич Васильевтыын уу-чуумпутук үлэлии олорон, эмискэ күлэн тоҕо бараллара иһиллэр. «Ок, оҕонньотторго ким эрэ кэлбит», — диир Марина Андреевна Дьячковская, оскуола отделын сэбиэдиссэйэ. «Ээ, бэйэлэрэ дьээбэлэнэллэр ини», диэн хардарар сурук отделын салайааччыта Варвара Федотовна Мякишева уонна ол көрү истибэккэ да сылдьан күлэн быычыгырыыр.
Сотору соҕус аллараттан үөһэ «Голубой зал» диэн чээкэ ааттаах хоско олорооччуларга «аһаатыбыат, аһаатыбыт» диэн үөгү иһиллэр.
ЭБИЭККЭ БЭЙЭ ТЕАТРЫН КЭРЭХСИИРБИТ
Икки кыыстаах баай соҕус оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ (бу оруол үксүгэр Марина Андреевнаҕа уонна Николай Степанович Дмитриевкэ тиксэр) туора улуустан сэниэ оҕонньор соҕотох уолугар (Николай Прокопьевич Васильев мэлдьи күтүөт уол буолааччы) кэргэн кэпсэтээри айаннаан-айгыстан кэлэр.
Күтүөт аҕата эбиэккэ ким баарынан, Иннокентий Илларионович эбэтэр Николай Егорович бэйэтэ буолуон сөп. Улахан кыыс Степанида Николаевна Федосеева, суруйааччы Уйбаан Доосо кэргэнэ, кыра кыыс – Ирина Дмитриевна. Иккиэн тус-туһунан кыраһыабайдара, үчүгэйдэрэ сүрдээх. Оҕонньордоох эмээхсин улахан кыыстарын кэргэн биэрэ охсор баҕалаахтар. Сааһыран хаалыа диэн сэрэхэчийэллэрэ да сөп курдук.
Айанньыттар саҕынньахтарын, бэргэһэлэрин устан, этэрбэстэрин хаарын тэбэнэн, остуолга чэйдии-чэйдии хайдах кэпсэтэллэрин барытын Николай Егорович саҕалыыр. Оруолга тиксибиттэр кырдьык-хордьук эппиэттэһэн, ууларыгар-хаардарыгар киирэн оонньоон баралларын көрөр, истэр – бэйэтэ босхо театр. Көрөөччүлүүн, оруоллаахтардыын күлсүү бөҕө.
Күтүөт уол үчүгэйэ диэн, аҕатын баайа эрэ буолара биллэн тахсар. Сыыһа-халты саҥарталаан аҕатыттан кынчарыллар. Оппойо-оппойо ылыахтаах кыыһын буолбакка, остуол тардан курбалдьыйар кыра кыыс хас хамсаныытын кыҥастаһар. Ону аҕата бэлиэтии көрөн, уолун атаҕын ыарыылаахтык быһа үктүүр. Уол эрэйдээх үүтүн тохпут оҕо курдук кылбар-халбар көрөр.
Аны туран сып-сытыы, түп-түргэн арыалдьыт уоллаахтара утуйар таҥастарын, кэһиилэрин киллэрэр-таһаарар. Ыраас, чомолуйбут сирэйдээх. Ол үлэһит уоллара – Миша, корреспондент Михаил Дмитриевич Игнатьев буолар. Дьиэлээхтэр улахан кыыстара ол уолга хараҕын хатыыр. Уол эмиэ кыыһы сөбүлүү көрөр. Уопсайынан, буккуур-тэккиир, туора-маары, иэхэй-маахай кэпсэтии бөҕө буолар.
Кэргэн кэпсэтэ кэлбиттэр, кыыстаах ыаллар сырыы аайы кырдьык-хордьук кэпсэтиилэрин чэйдиирбитин да умнан истэбит, сотору-сотору күлсэн тоҕо барабыт. Сорохтор харахтарын уута тахсыар диэри күлэллэр. Оонньуу биир эбиэт устата бүппэтэҕинэ, ханна тиийэн тохтообут сириттэн нөҥүө күн салҕанар. Ити барыта Николай Егорович хаадьыта, фантазията.
Николай Егорович бастакы тапталыгар, кэргэнигэр Любовь Федоровнаҕа бэриниилээҕин, болҕомтолооҕун биһиги бары буолар буолуохтааҕын курдук көрөрбүт. Хайдах эрэ тус-туһунан дьон курдук буоллаллар да, бэйэ-бэйэлэригэр наһаа сөп түбэһэллэрэ, иллээхтэрэ-эйэлээхтэрэ. Любовь Федоровна куолаһын да үрдэппэт быһыылааҕа. Николай Егорович, бэйэтэ этэринэн, атаахтаан, биирдэ эмэ кыыһырбыта буолан чардырҕаан ылан баран, «бу сордоох өр буолуом дуо, сотору соҕус «Люба-а» диэбитинэн барабын», — диэн күлэрэ.
КӨРҮДЬҮӨС ИНТЕРВЬЮ БЫҺЫЫЛААХ
Биирдэ Дьокуускай уруккутун суруйарга Нина Иннокентьевнаттан сорудахтаах Мординовтар даачаларыгар таҕыстым. Любовь Федоровналыын хоско олорон кэпсэтэбит. Кини өлүөхүмэлии, нууччалыы-сахалыы булкуйан кэпсиир. Мин сэҥээрии бөҕө, ол быыһыгар блокноппар сурунабын. Быһата, Күөх Хонуу үрдүнээҕи баһаарга күн талбыта баар эбит, сиппииртэн саҕалаан кус-хаас, балык, үүт-сүөгэй, отон арааһыгар тиийэ. Таҥара дьиэтэ бөҕө. «Өрөбүл аайы звон-перезвон, так хорошо было», диэбитигэр, бэтэрээ хоско олорор Николай Егорович түргэн баҕайытык таһырдьа тахсан барда.
Кэлин эппитэ, «улаханнык күлэ сыһаммын куоппутум. Эһигини өһүргэниэхтэрэ диэммин. Интервью биэрээччибит былыргыны хайҕаа да хайҕаа, интервью ылааччыбыт да баар, ону сөх да сөх». Туораттан иһиттэххэ, кырдьык, көрүдьүөс интервью эбитэ буолуо.
«КИМ ТУҺУНАН, КИМИЭХЭ АНААН СУРУЙАРГЫТЫН КӨРӨ ОЛОРОР БАҔАЙЫТА», — ДИИЛЛЭРЭ
Суруйар темаҕын сатаан арыйарга, наһаа уһаппакка-тэниппэккэ, киэргэтиинэн үлүһүйбэккэ суруйарга биһиги аҕа табаарыстарбытыттан, учууталларбытыттан үөрэммиппит. Нина Иннокентьевна, Марина Андреевна, Николай Степанович – бары тус-туһунан суруйар буочардаах, ордук табыллар темалаах, киһи салгыбакка элбэххэ үөрэнэр күүстээх журналистара этилэр. Мин нуучча тылын салаатын бүтэрбит буоламмын, бастаан сахалыы суруйарбар эрэйдэнэр этим. Өйбөр нууччалыы этиини оҥорон баран, онтубун эрийэ тылбаастаан суруйар этим. Ону Марина Андреевна «оттон ити этиигин сахалыы маннык диэтэххинэ, бүттэҕэ ол дии», диэн тугу эрэ атыны кэпсии сылдьан, көрө охсон, сөрү-сөп баҕайытык, ааһан иһэн көннөрөн кэбиһэр этэ.
Тугу суруйуохтааххын бу баардыы өйгөр сатаан оҥорон көрөргө, ону салгыы тыллаан-өстөөн, сайыннаран барарга, тыынныырга – кинилэр үөрэппиттэрэ. Ким туһунан суруйаргытын, кимиэхэ анаан суруйаргытын көрөн олорор баҕайыта дииллэрин умнубакка өйдөөн хаалбыппын. Оттон Николай Егорович биһиги араас суруйууларбытын, этэр тылбыт тиийбэккэ, үрүт-үөһэ лэбэйэрбитин ааҕа-ааҕа, летучкаҕа үчүгэй баҕайытык ырытан, тылы таба туттууну быһааран биэрэрэ. Билигин санаатахха, нэдиэлэ аайы ыытыллар олус туһалаах семинар эбит.
«Пионердар туруктара үчүгэй», «кини бастаан пионер баһаатайынан, онтон учууталынан, онтон директорынан үлэлээбитэ», «саҥа дьиэлэр холодильниктарынан таҥыллыбыттар», «Маша кыыс үөрэҕэр успевайдаабат, дьиҥинэн, урут хорошист этэ». Итинник халы-мааргы суруйуулары летучкаҕа Николай Егорович, уопуттаах журналистар уу сахалыы суруйарга, тылы сатаан туттарга үөрэтэллэрэ барыбытыгар да олус туһалаах этэ.
Саас дьиэ хоруобуйатын хаара ууллан, «топ-топ» таммалыырыныы санаам сырдык таммахтарын манан түмүктүүм.
Наталья ТОМТОСОВА,
СӨ суруналыыстарын Сойууһун “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэлэрин лауреата,
РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.