Ыам ыйыгар төрөөбүт оҕо айыы майгыта, таҥхата сэниэлээх — ис күүстээх. Хамаҕа — түргэн ылсыылаах. Сымнаҕас — эйэлээх өттүн тутуһар. Уйгулаах — баайы-дуолу тардар. Дьаныардаах — дьулуһан туран үлэлиир. Эйэҕэс — кимҥэ да кыыһырбат. Күүстээх иэйиилээх. Өннөөх — күүһүн суоттаан дьайар. Барҕалаах — ылсыбыт дьыалата кэскиллээх. Миннээх — бэйэтин сүтэрбэт. Синнээх — бэйэтин харыстанар. Дьайҕа — өйдүүрэ киэҥ.
Ыам ыйыгар Иэйэхсит Хотун чугаһыыр. Кини айылҕаҕа сыһыан уонна иитиэх кыылга сыһыан сиэрин, кэс тылын биэрэр.
Айылҕаҕа сыһыан
— Оту-маһы мээнэ алдьатар — аньыы.
—Чыычаах уйатын тыытар — аньыы.
— Күөлгэ, үрэххэ кири быраҕар — аньыы.
— Айылҕаҕа сылдьан уотунан оонньуур — аньыы.
— Ойуурга сылдьан мээнэ айдаарар — аньыы.
— Сир кырсын мээнэ алдьатар — аньыы.
Иитиэх кыылга сыһыан
— Иитиэх кыылы кырбыыр — аньыы.
— Иитиэх кыылы сирэйгэ охсор — аньыы.
— Иитиэх кыылы кэмигэр аһаппат — аньыы.
— Иитиэх кыылы үлбүрүйэр — аньыы.
— Иитиэх кыылы ыраастаабат — аньыы.
— Иитиэх кыылы дьээбэлиир — аньыы.
— Иитиэх кыылы көрүүтэ-истиитэ суох хаалларар — аньыы.
Аньыы — диэн былыргыттан кэлбит тыл. Киһи оҥоруо суохтааҕа аньыы дэнэр.
Төрөппүт оҕотугар алгыһа
Чугас дьоннуун, доҕотторгунуун
Эйэҕин холбоо,
Кимҥэ да кыыһырыма.
Баайы-дуолу харыстаа,
Ыраастык тутун.
Ылсыбыт дьыалаҕын ситэр,
Туппут соруккун толор.
Бэйэҕин харыстан,
Бэйэҕин сүтэримэ. Дом!
Ыам ыйыгар төрөөбүт оҕоҕо алгыс
Уйгуну оҥорооччу,
Илгэни биэрээччи,
Ойуулаах от-мас төрдө,
Хамсыыр-харамай ийэтэ,
Атаҕар алгыстаах,
Илиитигэр илгэлээх,
Биири биэс гынар,
Биэһи биэс уон гынар
Күн Иэйиэхсит.
Ийэ Хотун
Бэттэх көрөн
Мичик гынна.
Күөгэл-нусхал!
Күөгэл-нусхал!
Күөгэл-нусхал!
Айыы оҕото!
Эйэлээх өттүн тутус,
Сайдар өттүн хамсат.
Амарах санаалан,
Аһыныгас сүрэхтэн.
Күүскүн суоттаа,
Сэниэҕин харыстаа.
Билэриҥ элбээтин,
Өйдүүрүн кэҥээтин!
Туску! Туску! Туску!
Ааптар: Эбээ Уйусхаана
Алёна Арсентьева уруһуйдара