2017 сыл, атырдьах ыйа, Өктөм. Ускуустуба оскуолатыгар көхтөөх, саҥалаах-иҥэлээх, бэһиэлэй кыыстыын үтүө атастыылар буолбуппут. Биэс сыл билсибэккэ сылдьан быйыл көрүстүм. Уларыйбыт ахан… Намыын, аргыый, наҕыл буолбут. Кини – М. К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын 3 кууруһун устудьуона.
Чурапчы улууһуттан төрүттээхпин. Төрөппүттэрим Антон Владимирович, Антонина Павловна Ивановтар. Ыал иккис оҕото буолабын, бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт.
Уруһуй уонна спорт
Уруһуйдуурга, илиинэн оңорууга А. П. Гоголев аатынан Чурапчытааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар үөрэммитим. Араас уруһуй куонкурустарыгар, научнай конференцияларга кыттан ситиһиилээх миэстэлэргэ тиксэн Намнааҕы педагогический кэллиэскэ ыңырыы ыла сылдьыбыттааҕым. 9 кылаастан атах оонньуутун куруһуогар сылдьан саҕалаабытым. “Манчаары оонньууларыгар” улууһум чиэһин көмүскээбитим. “Снежный барс” военно-потриотический клубка икки сыл оскуола сүүмэрдэммит хамаандатыгар сылдьыбытым.
Олох охсуута, кыайыылаах тахсыы
2021 сыллаахха атахпын тоһотон үс ый устата оронтон турбакка сыппытым. Дьэ, олоҕум бүттэ дии санаабытым, куруук хамсана сылдьар киһиэхэ бу ыарахан түгэн этэ. Ороҥҥо сытыаран кэбиспиттэригэр санаам буолбакка, дэлби хомойон, баттатан, санааҕа ылларан саҕалаабытым.
Бастакы ыйбын ороммуттан турбакка сыппытым, иккис ыйбар баттыгынан сылдьар буолбутум, доҕотторум кэлэннэр сэргэхситэр этилэр. Кинилэр өйөбүллэрэ санаабын күүрдэр этэ. Бу олорон элбэҕи толкуйдаан, аһары хомойон хаалбакка, өй-санаа өттүнэн сайдыыны уонна психологияны интэриэһиргээн саҕалаабытым. Куһаҕан хаһан баҕарар үчүгэйдээх буолар.
СММ эйгэтэ
Балтараа ыйдаах куурус ааһан, СММ эйгэтигэр быйыл официальнайдык киирдим. Хаартыскаҕа түһэрбин, түһэрэрбин сөбүлүүр буолан кыраһыабай хаартыскалары таһаарарбын астынабын. Кэнники устудьуоннуу сылдьан ааҕарым элбээн бэйэм көрүүлээх буолбутум, онтон үллэстэн саҕалаабытым, олоҕум араас түгэнин суруйан кэпсиир идэлэммитим. Оннук курдук социальнай ситим айар үлэм тахсар сирэ буолбута.
Олох диэн сибэкки кэриэтэ кэрэ, кэбирэх
Өй-санаа өттүнэн сайдыыны үөрэтэр, ааҕар, ньымаларын туттар киһи олоҕу ылыныыта чэпчэки буолар, кини бэйэтин эрэ буолбакка тулалыыр эйгэтин барытын көрөр, өйдүүр, ылынар. Мин бэйэм дьону истэрбин, санаа үллэстэрбин, сүбэ-ама биэрэрбин астынабын. Эрдэ таах күннээҕинэн олорор эрдэхпинэ, араас быһыыга майгыга наадыйбат этим, үчүгэйдик кэпсэппэт киһим кэлэн кэпсэтэ түстэҕинэ аахайан кини сонунун ыйыппат, олоҕо хайдах баран иһэрин интириэһэргээбэт этим.
Мин биир ыарахан түгэн кэнниттэн(манна ону сырдатар кыаллыбат), арааһа мин бу дьону истиэхтээхпин, санаа үллэстиэхтээхпин сыыһа гыммыппын быһыыта диэн толкуй киирбитэ, онтон ыла көрсүбүт дьоммун кытта көтүппэккэ кэпсэтэбин, санааҕа ылларбыт курдук буоллахтарына ыйыталаһан сэлэһэбин.
Тус бэйэм олоҕу үчүгэй эрэ өттүнэн көрө сатыыбын. Олох диэн түһүү-тахсыы, ыараханы-чэпчэкини ааһыы, хомойуу-үөрүү. Хас биир күн эн суруйар остуоруйаҥ, бу күн хайдах ааһарын эн эрэ билэҕин, бу күңңэ көрсүбүт түгэн эн туруккун уларытара, эбэтэр үөрэх буолара эйигиттэн эрэ тутулуктаах.
Кэпсэттэ Эльдар Садовников