Горнай мааны сирэ-уота кэрэ айылҕатынан, үтүө дьоннорунан абылыыр. Дойду инникитэ — эдэр дьонугар, кинилэр саҥа көрүүлэригэр, өйдөрүгэр, ситиһиилээх үлэлэригэр. Улуус кэнчээри ыччата инники күөҥҥэ сылдьар диэтэхпинэ сыыспаппын. Бэс ыйыгар, «Кэскил» кыһабытыгар биир уол кэлэн барбыта. Сэмэй, номоҕон уол эйэҕэс майгытынан, кэпсээнинэн, билиигэ-көрүүгэ баҕатынан, талба талаанынан сөбүлэппитэ. Кини — Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Георгий Аянитов.
Жора түөрт оҕолоох Аянитовтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Егор Николаевич, суоппар. Ийэтэ Галина Афанасьевна, библиотекарь. Оҕолоро сайдалларын, аныгы кэм тосхолуттан туһалааҕы ылалларын туһугар тугу да кэрэйбэттэр, өйүүллэр, көҕүлүүллэр. Георгий:
Нэһилиэк, оскуола ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөх кыттыыны ылабын. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Сөбүлүүр предметтэрим — математика уонна физика. Ырыа истэрбин, киинэ, сериал көрөрбүн сөбүлүүбүн. Таптаан истэр ырыаһытым — Adele, көрөр сериалларым «Мы все мертвы», «Игра в кальмара» уо.д.а. Дьиҥ олоххо буолбуттан олоҕуран уһуллубут киинэлэри көрөбүн, олортон биирдэстэрэ «Шакунтала Деви: женщина компьютер». Саһарҕаны, күн киириитин хаартыскаҕа түһэрэн дуоһуйууну ылабын.
Быйыл Бэрдьигэстээх музыкальнай оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Балалайкаҕа уонна фортепианоҕа оонньуур. Тыа сиригэр оҕону үрдүк ускуустубаҕа, култуураҕа уһуйуу — чэпчэки дьыала буолбатах. Онон учууталын Кюннэй Климентьевна Ноговицынаны олус күндүтүк саныыр, барҕа махтала уҕараабат.
«Үлэһит да оҕо!» диэхпэр диэри, аны Жора кэпсиир:
Билигин бэйэм баҕабынан чайнуойга үлэлии сылдьабын. Ас астыырбын астынабын. Ордук, панкейк табыллар. Хаас, куурусса, куобах иитэбин.
Нэһилиэк баһылыга Владимир Максимович Текеянов, оскуола дириэктэрэ Максим Васильевич Максимов оҕолору өйүүллэр, көмөлөһөллөр, тирэх буолаллар. Ол курдук, 10 оҕо бастыҥ үөрэнээччи аатын ыланнар, Владивосток куоракка путевка ыллылар. Дьэ, сотору Жораны киэҥ сир, куйаас күн, сылаас муора күүтэллэр. Ону таһынан, нэһилиэк иһинэн көмүскээбит «Экосумки» бырайыактара баһылык Гранын ылбыта.
Жора олус көхтөөх оҕо. «Кэскил» социальнай ситим бөлөхтөрүгэр тута эппиэттиир, кэрэспэдьиэннэргэ күүс-көмө буоларга кыһаллар. Кини миэхэ: «Ыстатыйалары суруйа үөрэниэхпин баҕарабын» диэн этэн наһаа үөрдүбүтэ, долгуппута. Хайаан да үөрэтиэм! Маҕарас медиаоскуолатын кытта үтүө ситим олохтонон эрэр. Бу иннинэ икки оҕо туһунан суруллубута. Ый ортотугар буолбут «Күүлэй-2022», от охсуутун күрэҕин, туһунан матырыйаал суруйан ыыппыттара. Салгыы өссө да көдьүүстээх үлэҕэ эрэнэбин, Георгийга үөрэххэр, айар үлэҕэр ситиһиини баҕарабын!
Эльдар САДОВНИКОВ