Эдэр саас — киһи билиини чэпчэкитик ылынар, өйө — санаата, кэрэҕэ тардыһыыта муҥутуурдук сайдар, айар — тутар сатабыла, араас хабааннаах талаана арыллар саамай тоҕоостоох кэмэ.
Бүгүҥҥү дьоруойбут — М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу — Илиҥҥи Федеральнай Университет Россия Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт устудьуона, идэлээх сойуустарын актыбыыһа, Алексей Решетников! Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. 2021 сыллаахха Дьокуускайдааҕы «Айыы Кыһата» гимназияны ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 10 — с кылааска оҕолор итэҕэллэрин ылан оскуола президенэ буолбута. Улахан оскуола оҕолорун салайсар, түмэр тутаах киһи буолар — сүҥкэн эппиэтинэс. Сыллата ыытыллар «Эр Хоһуун» күрэх кыайыылааҕа.
Утум салҕанар
Алеша сайдам саха тылын таба туһанан саҥарар киирбит — тахсыбыт уол. Дьүрүскэн тойуктаах хомуска дьырылыы оонньуур. Талба талаанын кини утумнаабыт диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Эһэтэ, аатырбыт олоҥхоһут, Петр Егорович Решетников буолар. Күн күбэй ийэтэ, хоту Абый улууһуттан төрүттээх, быраас идэлээх, биллэр поэтесса, Мария Афанасьевна Решетникова — Арылы Дуйдаах. Кини хоһоонноро олус дириҥ ис хоһоонноохтор. Эһиги болҕомтоҕутугар уолугар анаабыт хоһооно:
Оҕобор
Сэттэ чаас мэлииппэ кэриэтэ
Биир дьикти хоһоону аахпытым,
Баарыстаах харааппын эрдинэ
Иэйэхсит хотуммар үҥпүтүм.
Ол курдук эн күнү көрбүтүҥ,
Олустук даҕаны үөрпүтүҥ,
Ньиккирэс ардахха кыттыһан
Ньирилэс дорҕоону эппитиҥ.
Махталлаах сүрэхпэр Ытык Күөл
Дьол тыыннаах кыымынан туолбута,
Кини быстар хаһыылаах кыра уол
Төлкөлөөх дойдута буолбута.
Ураты күн дьоллоох оҕото,
Таатта буол, саха буол өрүүтүн,
Сирдээҕи олоҕум сорҕото,
Киһи буол, хотой буол, көмүһүм!
Хоһоон алыба
Оттон Алеша хоһооннору олус итэҕэтиилээхтик, дьон сэҥээритин ылар гына ааҕар. Кинини араас тэрээһиннэргэ ыҥыраллар. Ол курдук, Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130, Николай Афанасьевич Босиков 90 сылларыгар анаммыт «Smart 2.0.3» библиотека «Айар үлэ ыллыгынан» диэн биэриилэригэр хоһооннору аахпыта.
Актыбыыс
Институт идэлээх сойуустарыгар күһүн киирбитэ. Бэйэтин кылаатын киллэрсэр, саҥа сүүрээн киллэрэргэ кыһаллар, тэрилтэни өрө көтөҕөргө куруук сүүрэр — көтөр. Үтүө майгытынан сөбүлэппитэ, элбэх доҕордоммута, табаарыстаммыта.
Тэрилтэҕэ чаҕылхай хардыынан институттар икки ардыларынан ыытыллыбыт «Посвящение ППОС» күрэскэ кыттыытын ааҕыахха сөп. Дьэ, манна дьиҥнээх актыбыыс хатарыытын ааспыта. Устудьуоннар киэһэ— түүн диэбэккэ, ырыа суруйан, үҥкүүлээн, нүөмэрдэри туруоран ситиһиилээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ.
Билиҥҥи эдэр ыччат дэгиттэр сайдыылаах, киэҥ билиилээх, бэйэтигэр эрэллээх, чөл туруктаах. Кини кэнэҕискини кэбиһиэ, саргылаах сарсыҥҥыны салайсыа. Алеша, эйигин кытта үтүө эрэ аргыстастын, үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайаргар баҕарабын!
Эльдар САДОВНИКОВ