Фортепиано араас эгэлгэ аккордара иһиллэллэр. Дьон сүрэҕин таарыйар, санааны көтөҕөр, иэйиини түстүүр муусука долгуна хантан кэлэрий, ким оонньууруй? Кини — Дьааҥы улууһун В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Петя Акимов.
-Петя, дорообо! Бастатан туран, саха киһитин сиэринэн, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр.
-Дорооболоруҥ! Мин аатым Петя Акимов. Владислав Дмитриевич, Галина Иннокентьевна Акимовтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон төрөөбүтүм.
— Эркин оҥостубут дьарыктарыҥ?
-Спордунан дьарыктанабын, чөл олоҕу тутуһабын, кыралаан уһанабын. Кыра сылдьан бокса көрүҥэр кэккэ ситиһиилэрдээҕим. Ол эрээри, сүрэҕим сытар дьарыга — ырыа эйгэтэ.
-Оҕолор этэллэринэн, музыкальнай инструменнарга бэйэҥ үөрэммитиҥ?
-Гитараҕа бэйэм үөрэммитим. Оттон синтезаторга, барабаҥҥа учууталым Александр Александрович Ксенофонтов үөрэппитэ. Киниэхэ махталым, убаастабылым муҥура суох.
—Ырыа өттүгэр ситиһиилэр бааллар дуу?
-Бааллар. Ыллыырбын наһаа астынабын. Вася Прудецкай, Валентина Прудецкая ааттарынан ырыа куонкурустарын 3 истиэпэннээх лауреата уонна «Звездочки Яны» куонкурус 2 степеннээх лауреата буолабын. Баатаҕайга ыытыллыбыт «Туойабын төрөөбүт дойдубун» күрэх кыайыылааҕабын. Уонна ааспыт үөрэх дьылын түмүгүнэн «Талант года» анал ааты ылбытым.
-Ырыа эйиэхэ тугуй, көннөрү дьарык дуу, биитэр улахан суолталаах сүрэҕиҥ кыланыыта дуу?
-Ырыаны кыра эрдэхпиттэн сэҥээрэбин. Ырыа — олоҕум аргыһа буолар. Ырыаны иһиттэхпинэ, дууһам уоскуйар, сынньанар. Гитараҕа оонньоотохпуна, атын алыптаах дойдуга баар буола түһэргэ дылыбын.
-Сөбүлээн истэр ырыаһытыҥ?
-Саха сирин чаҕылхай, умуллубат сулуһун, Хаҥаластан төрүттээх, Александр Самсонов-Айыы Уола ырыаларын истэбин. Кини билигин төһө да суоҕун иһин, ырыалара үйэлээхтэр, истиҥнэр, миэхэ чугас ис хоһоонноохтор.
—Быйылгы сайыныҥ хайдах ааста?
-Сайын күөх отунан чэлгийэн, куйаас күннэр туран дойдубар наһаа үчүгэйдик ааһан испитэ. Онтон өрүспүт тахсан бары уу ортотугар баар буола түспүппүт. Ол эрээри, «Сосновый бор» сынньалаҥ киинигэр кэлэн олус үөрдум, сэргэхсийдим. Лааҕыры олус сөбүлээтим, өссө даҕаны хайаан да кэлиэм. Элбэх саҥа оҕолору кытта билистим. Ариан Свинобоев «Сүрэхпэр доҕотторум бука бары» ырыатыгар ылланарыныы, бу ааспыт күннэри, истиҥ түгэннэри хаһан да умнуом суоҕа.
-Сыал оҥостубут ыра санаалааххын?
-Улааттахпына дьон — сэргэ билэр, таптыыр ырыаһыта буолуохпун баҕарабын.
-Үөрэх саҕаланара бу кэллэ, оҕолорго эҕэрдэтэ тиэрдиэххин сөп.
-Бу сайын санааны түһэрбэт, ыһыктыбат буоларга үөрэнним. Дьон кыһалҕаҕа түбэспиккэ үтүө санаалааҕын, көмөлөһөрүн өссө төгүл итэҕэйдим, илэ көрдүм. Оҕолор, биһиги тулалыыр эйгэбит, олохпут сырдык буолара биһигиттэн тутулуктаах, туһалааҕы оҥоруҥ, кэрэни кэрэхсээҥ уонна ситиһиилэри баҕарабын!
-Махтал, Петя. Олус сэргэх кэпсэтии буолла! Ааҕааччылартан лаайктары, комментарийдары күүтэбит!
Кэпсэттэ Эльдар Садовников
1
ситиьиини