Уруһуй күүһүнэн тулалыыр эйгэни ойуулаатаххына: «уу, олох көрөн, тутан олорор курдук хоһуйбут», — дииллэр. Оннук хоһуйааччы дьонтон биирдэстэрэ Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын 3 кууруһун устудьуона Айаал Юмшанов.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Суола-Моорук нэһилиэгэр 1999 сыллаахха төрөөбүтүм. Зодиагым бэлиэтэ — Телец. Үөрэҕи кытта дьүөрэлээн Дьокуускай 18 №ээх оскуолатыгар уруһуй, черчение учууталынан үлэлиибин.
Акварель, гуаш, харандаас туһанан уруһуйдуур.
Бэйэбин өйдүөхпүттэн ыла уруһуйдуубун, кыра сааспыттан наар муннукка ытаан турар дьарыгым ол этэ. Кыра сылдьан куруутун араас быыстапкаларга кыттааччыбын. Үгүстүк бастакы истиэпэнээх лауреат буолбутум. Уруһуйу кытта дьүөрэлээн муоһунан, маһынан уһанабын.
Айаал ордук сөбүлээн мэтириэттэри, бириэмэлэннэҕинэ, сакааска да уруһуйдуур. Ону таһынан, үөрэҕэр доҕотторунаан натюрморт, пейзаж уруһуйдууллар.
Эльдар САДОВНИКОВ