Киһи көҥүл буолуохтаах
Үмит Шаһин
* Саха сиригэр балаҕан ыйын 16 күнүгэр кэлбит, кулун тутар 23 күнүгэр дойдутугар көттө.
* Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын, култуураларын чинчийэр институкка стажировкаланан барда.
* Үлэтин тиэмэтэ: “XIX үйэҕэ сахалыы тылбаастаммыт таҥара кинигэлэрэ”.
* Бу иннинэ уопсай диэни билбэтэх уол, Саха сиригэр кэлэн, устудьуон олоҕун атын өттүттэн көрдө.
* “Нь” дорҕоону саҥарарыгар ыарырҕатар.
Баҕалаах байҕалы туоруур. Үлэһит киһи тугу баҕарар кыайар. Тыл умсулҕана, ырыа абылаҥа дьикти күүстээх. Ону бүгүҥҥү ыалдьыппытын кытта сэһэргэһиибит туоһулуур.
– Мин 2014 сыллаахха эксээмэммин үчүгэйдик туттаран, Анкара куоракка көспүтүм. Тыл, история уонна география факультетыгар, билиҥҥи түүр тыллар кафедраларыгар аспиранынан киирбитим. Хотугу түүрдэр тылларын, литератураларын чинчийэр кафедраҕа үлэлиибин. 2014 сылтан саха тылын үөрэтэбин, – диэн Турцияттан сылдьар Үмит Шаһин бэйэтин билиһиннэрэр.
Тыл умсулҕана, ырыа абылаҥа
– Лиссиэйгэ бастакы кууруска ангылычаан тылыгар олус талааннаах учууталга үөрэммитим. Кини биир дьикти ньымалааҕа. Уруогар биир да тылы туроктыы саҥарбат этэ. Биһигиттэн да ону ирдиирэ. Онтон ыла тылга дьоҕурум арыллыбыта.
Үөрэнэ сылдьан, сайын аайы муоралаах куораттарга үлэлиир буолбутум. Гостиницаҕа Россияттан элбэх киһи сынньана кэлэрэ. Ол нуучча тылын үөрэтэрбэр олук буолбута.
Ыллыыр дьоҕурдаах киһи атын тылы билэригэр чэпчэки, түргэнник ылынар диэн этиини кытта сөбүлэһэбин. Холобур, сөбүлүү истибит ырыам туох туһунан буоларын билээри, тылларын үөрэтэбин. Аны сорох тыл хас да суолталаах, ону быһаара сатыыбын.
Кулун тутар 8 күнүгэр аналлаах Саха тыйаатырыгар буолбут улахан кэнсиэркэ кыттыбытым. Университекка үөрэнэ сылдьан, бэйэбит бөлөхтөөх этибит. Ол эрээри, улахан сыанаҕа тахсыбатаҕым ыраатта. Бэлэмнэммитим аҕай даҕаны, долгуйан, кыратык булкуллубутум.
Тумаҥҥа “баттатан”
– Саха сирин тымныы кыһынын истэн билэрим. Ол иһин бэлэм кэлбитим. Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар устудьуоннар дьиэлээбиттэрэ. Мин уопсайга хаалбытым. Арай түннүгүнэн туох да көстүбэт, ким да суох. Таһырдьа оннук туманнаах этэ. Киһини баттыыр эбит.
Мин төрөөбүт Мугла куоратым Турцияҕа саамай ардахтааҕынан аатырар. Уон биэс күнү быһа тохтообокко түһүөн сөп. Дьэ, онно дьиэҕиттэн ханна да тахсыбаккын.
“Аһаабыт киһи!”
– Саха тылыгар уһатыылаах аһаҕас дорҕооннору ыарырҕаттым. Холобур, сахалыы “баар” диэн тылы “бар” диэхпин сөп. Ону салайааччым көннөрөр.
Ханыыласпыт тыл элбэҕин бэлиэтии көрдүм. Холобур, “үлэлии-хамсыы”, “от-мас” диигит.
“Аһаабыт киһи!”, “Чэйдээбит киһи!” – дииллэрин иһиттэхпинэ, бастаан туруору тылбаастаан, ааспыт кэми этэллэр дии саныырым. Ону баара, доҕорум, аччыктаан, аһыан баҕаран: “Аһаабыт киһи!” – диир эбит.
Уус-уран айымньы күннээҕи кэпсэтии тылыттан улахан уратылаах дии санаатым.
“Чэпчэки” кинигэ улахан туһата суох…
– Кыра эрдэхпинэ, хаһыакка оҕолорго аналлаах сыһыарыылары сэргиирим. Таабырыннар, кэпсээннэр тахсаллара. Оҕолор уруһуйдарын, суруктарын сөбүлээн ааҕарым.
Мин көрдөхпүнэ, билигин “чэпчэки”, түргэнник ааҕыллар, күннээҕи кинигэ олус элбээтэ. Уус-уран айымньыга маарыннаабат, “популярнай” диэн ааттанар литератураны улахан туһата суох дии саныыбын. Хомойуох иһин, классиканы ордорор киһи аҕыйах. Дьиҥэр, тыл баайа онно сыттаҕа.
Николай Якутскай “Төлкө” кинигэтин бэлэхтээбиттэрэ. Ону ааҕа сылдьабын.
Таба суруйарга ураты ньыма
Үмит тылы үөрэтэригэр Интэриниэти, социальнай ситимнэри туһанар. Инстаграмҥа суруйууларын хаартыскалаан таһаардаҕына, саха доҕотторо, сыыһалаах буоллаҕына, хайаан да көннөрөллөр.
– Интэриниэти сөпкө туһаннахха, олус үчүгэй. Биир ньымалаахпын. Ханнык эрэ тылы таба суруйаары, Google-га киирэн суруйабын, сыыһа буоллаҕына, бэйэтэ көннөрөр. “Бу тылы көрдүүрүҥ буолаарай?” – диэн ыйытар уонна сөптөөҕү таһаарар. Холобур, “кэскили” “кескил” диэн суруйдахпына, тута көннөрөр.
Киэн тутта кэпсиир дьоно
– Бастакы президеммит, Турция өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччи Мустафа Кемаль Ататюрк – норуоппут киэн туттар киһитэ. Кини салалтатынан тыл өрөбөлүүссүйэтэ буолбута. Ону таһынан Барыш Манчоны, Кайаһаны ыччат холобур оҥостор диэххэ сөп.
Биһиги Барыш Манчо биэриилэрин көрөн улааппыппыт. 90-с сылларга аһаабат оҕолору аһыырга, утуйуохтарын иннинэ тиистэрин суунарга, массыына кэнники олбоҕор курдарын баанан олорорго үөрэппитэ. Кини устубут биэриилэрин билигин да YouTube-ка киирэн көрөбүн.
Бобор-хаайар сыыһа
– Турок ыаллара урукку курдук элбэх оҕоломмоттор. Аҕам бииргэ төрөөбүттэр бэһиэлэр, ийэм аах үһүөлэр. Аҕам үлэлиирэ, оттон ийэм биһигини уонна атын оҕолору көрөрө. Төрөппүттэрэ үлэлии бараллара, киэһэ кэлэн ылаллара. Ол иһин элбэх оҕо ортотугар улааппытым. Ийэбит биһигини улаханнык мөхпөт-эппэт этэ. Уопсайынан, төрөппүттэрбитин кытта доҕордуу сыһыаннаахпыт. Туох эрэ сыыһаны оҥордохпутуна, кистээбэккэ, дьоммутугар аһаҕастык этэ үөрэммиппит. Арай эһэбиттэн билиҥҥэ диэри толлобун.
Биһиги кыһын биэс-алта чааска диэри, сайын хойукка диэри таһырдьа оонньуурбут. Оттон билиҥҥи оҕо күнү быһа төлөпүөҥҥэ, тэлэбиисэр эбэтэр көмпүүтэр иннигэр олорор. Ити аан дойдуга барытыгар баар көстүү.
Оҕону батыһа сылдьан, “Таһырдьа тахсыма”, “Сэрэн!” диэн бобор-хаайар сыыһа дии саныыбын. Киһи көҥүл буолуохтаах. Оҕо тугу гынарын бэйэтэ билиэхтээх. Ол эрээри, үчүгэйи-куһаҕаны өйдүөхтээх, сыыһатын көннөрүнүөхтээх.
Үлэлии үөрүйэх, олоххо бэлэмнээх
– Оҕону үлэнэн иитии үгэһэ умнуллан эрэр. Туроктар, үөрэнэр оҕолорун, атын идэни эмиэ биллиннэр диэн, сайын үлэлэтэ ыыталлара. Холобур, ким эрэ баттах кырыйара, сорох массыына өрөмүөннүүрэ эбэтэр эрэстэрээннэргэ үлэлиирэ.
Мин 12 сааспыттан үлэлээбитим олохпор олус туһалаата. Элбэҕи билэҕин-көрөҕүн, дьону кытта билсэҕин. Харчыны сатаан тутта үөрэнэҕин.
Кинигэ таһаҕастаах, чороон тутуурдаах, ытарҕа кэһиилээх
– Бу кыһын Турцияҕа барар доҕотторбунан 120 кинигэни ыыппытым. Ааспыкка почтанан – эбии 80 кинигэни. Ону таһынан электроннай матырыйааллары илдьэ бардым.
Дьоммор чороон, кэргэммэр үс кут харысхаллаах ытарҕа, элбэх магнит кэһиилээх баран эрэбин. Кымыс илдьэ барыахпын баҕарбытым да, тохтон хаалыа диэн ылбатым.
Мин санаабар, тохтообокко үлэлиэххэ наада. Өр сынньанары сөбүлээбэппин.
Айыына КСЕНОФОНТОВА.