Киэһэ 6 чаастан саҕалаан өрөгөйдөөх Олоҥхо ыһыах сабыллыытын тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста!
П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыр артыыстара Кирилл Никифоров — Лөкөчөөн «Хабытта Бэргэн» олоҥхотунан, Руслан Тараховский салайыытынан бэртээхэй туруорууну көрдөрдүлэр. Орто туруу дойду дьоно уонна аллараа дойду абааһыларын уобарастара чаҕылхайдык, сэргэхтик көһүннэ, дьону олоҥхо умсугутуулаах эйгэтигэр киллэрдэ.
Улуус баһылыга Владимир Поскачин нэһилиэк баһылыктарын кытта киирдэ. Ил Дархаммыт Айсен Николаев Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэммитинэн бар дьонун эҕэрдэлээтэ: «Саамай үчүгэйэ диэн туохтан да толлубакка, уонунан тыһыынча киһи мунньустан, биир санааны ыламмыт Сахабыт сирин олохтоохторо бары түмсэн ыһыахтаатыбыт. Кырдьыктыы Олоҥхо ыһыаҕа бу курдук буолуохтаах диэн ыһыах ааста! Түгэнинэн туһанан ис сүрэхпиттэн Үөһээ Бүлүү дьонугар-сэргэтигэр барҕа махталбын этэбин! Биир дойдулаахтарым, былыргыттан ыытыллар ыһыах үгэстэрин тутуһан олороргутун, дьону-сэргэни үтүөтүк ис сүрэххититтэн көрсөргүтүн өссө төгүл дакаастаатыгыт!»
Олоҥхо ыһыаҕын Ытык Дуоҕа бэлиэтин тымныы уһук дойдутугар Өймөкөөн улууһугар туттардылар.
Кыайыылаахтар:
«Дарханнар Дарханнара» — Михаил Евсеев — Кураһаай (Сунтаар).
Титаров Андрей Титович аатынан Николаевтар дьиэ кэргэн аатыттан анал бириэмийэ — Афанасий Егорович Алексеев (Дьокуускай).
Константинов Вадим Анатольевич аатынан бириэмийэ — Егор Егорович Егоров(Үөһээ Бүлүү).
«Кылаан кындыл» — Марианна Слепцова(Чурапчы).
«Аан дархан этээччи» — Сахаайта Мойтохонова(Үөһээ Бүлүү), Михаил Евсеев(Сунтаар).
«Кылаан чыпчаал» — оҕолорго Мира Егорова(Амма), эдэр дьоҥҥо Яна Нюргусова (Нам).
«Бастыҥ уус» — Ариан Афанасьев(Ньурба).
Бэлэмнээтилэр Эльдар САДОВНИКОВ, Кристина ИВАНОВА