Маҕаайы диэн сиргэ ыытыллар үс күннээх Чурапчытааҕы педагогическай дьаарбаҥка үлэтин саҕалаата. 100-тэн тахса куурус, сэминээр, араас тиэмэлээх былассааккалар, 500-тэн тахса инновационнай бырайыагы билиһиннэрии буолара күүтүллэр.
Чурапчыга педдьаарбаҥка 3-с төгүлүн ыытыллар. Дьаарбаҥканы төрүттээччилэртэн биирдэстэринэн инновационнай хамсааһыны саҕалааччы Николай Сибиряков буолар. Хас дьаарбаҥка ахсын кини аатынан гитаралаах ырыа куонкуруһа биллэриллэр. Бочуоттаах ыалдьыттарынан Николай Иннокентьевич Бугаев, Ольга Иннокентьевна Михалева уонна Россия үөрэҕириитин академиятын академига,учуонай-педагог Анатолий Маркович Цирульников буолуохтара.
Бүгүн сарсыардаттан Чурапчы, Мугудай, Одьулуун, Болтоҥо, Мындаҕаайы үөрэх тэрилтэлэринэн «Образование в селе – 2030: доступность, качество, эффективность, благополучие стабильность» тиэмэлээх үөрэҕирии маршрутунан экспертэр үлэлээтилэр.
Бу күнтэн ИРОиПК, ХИФУ квалификацияны үрдэтэр куурустара, этнопедагогика, уһуйуу (наставничество), «Уус кыһата», «Тыл – омук тыына» былассааккалар үлэлэрин саҕалаатылар. Тэрээһин кыттыылаахтара “Тоҕустуура томтордоох Чурапчыбыт барахсан» экскурсиянан с Чурапча уонна Хатылы мусуойдарын көрүөхтэрэ.
Иккис күнтэн 12 хайысханан инновационнай бырайыактар стендовай билиһиннэриилэрэ буолуоҕа. Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, этнопедагогика, инклюзивнай үөрэхтээһин, экодухуобунас, «Уус кыһата», «Аҕа түһүлгэтэ», «Тыл –омук тыына», «Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ», “Наставничество”, “Воспитание”, “Создавай, формируй, реализуй”, “РДДиМ”, “Педагогика творчества” былассааккалар чэрчилэринэн маастар кылаастар, тренинннэр, куонкурустар буолуохтара. Бибилэтиэкэрдэр ”Библиотурнир” куонкуруска тургутуһуохтара.
Оҕолорго аналлаах «Күн Тэгиэримэ бухатыыр» театрализованнай туруоруу уонна ырыаны таптааччыларга Николая Сибиряков аатынан гитаралаах ырыа куонкуруһа буолуо.
Түмүктүүр, үһүс күҥҥэ “Наставничество”, “Тыл- омук тыына”, “Навигаторы детства”, РДДМ, ДИ “Кэскил”, СПО и “Педагогика творчества” былассаккалар, инновационнай бырайыактары көрүү быыстапката, кууурустар, сэминээрдэр үлэлэрин салгыахтара.
Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕириитин сайдыытын туһунан дискуссияны Николай Бугаев, Ньургуна Павлова, Дмитрий Титов, Анатолий Цирульников, Дианида Абрамова, Геннадий Охлопков иилээн-саҕалаан ыытыахтара.
Педагогическай дьаарбаҥка түмүктэнэр үөрүүлээх сабыытыгар бастыҥнар ааттара ааттаныа, “Народный выбор” куоластааһын кыайыылааҕа биллиэ.