Дьокуускай куоракка Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ЕНИ базатыгар “WorldSkills Russia Junior” (эдэр профессионаллар) “Лабораторный химический анализ” диэн күрэхтэрин улуустааҕы түһүмэҕэ буолан ааста. Манна Уус Алдан улууһун VIII-X кылаастарыттан 24 үөрэнээччи кыттынна.
Бастакы үс күммүтүгэр (тохсунньу 15-17 күннэригэр) “Лабораторный анализ по химии” диэн үөрэхтээһини бардыбыт. Биһигини ХИФУ старшай преподавателэ Местникова Наталья Николаевна уонна лаборатория сэбиэдиссэйэ Афанасьева Татьяна Артемьевна үөрэттилэр. Устудьуоннар үөрэтэ сылдьар “Эквивалент”, “Титриметрия”, “Титрование” диэн тиэмэлэрин туһанныбыт. Лабораторияҕа анал халааттаах, бэргэһэлээх, бэрчээккэлээх киириэхтээххин, ыраастык, чэнчистик туттуохтааххын, ону-маны амсайан, сыттаан көрүө суохтааххын, сурадаһыннары анал иһиттэргэ сүөкүөхтээххин. Лабораторияҕа үлэлээһин элбэх быраабылалары тутуһууну ирдиир эбит.
Сэрэхтээх буолуу инструкциятын ылан, хас да күн үөрэммит билиибитин, сатабылбытын туһанан, бүтэһик күммүтүгэр бэйэбит икки ардыбытыгар күөн көрүстүбүт. Үс чаас устата лабораторнай үлэни оҥордубут: ааҕыы-суоттааһын, сурадаһын оҥоруу, кэтээн көрүү, бэлиэтэнии, саҥаттан ааҕыы-суоттааһын, түмүк.
Кыайыылаахтарынан Протопопова Василиса, Местников Юра, Пестряков Сеня буоллулар. Мин ахсыс миэстэ буолбуппуттан хомойботум, бу күрэххэ 14-16 саастаах оҕолор кытталлар, ол аата VIII-X кылаас үөрэнээччилэрэ. Биһиги оскуолабытыттан Самсонов Петялыын химияҕа сыһыаннаах маннык улахан тэрээһиҥҥэ бастакы кыттыыбыт.
Химия диэн олус уустук предмет. Ол эрээри сөбүлээн, интэриэһиргээн үөрэтэр, химияны кытары олохторун суолун сибээстиэн баҕалаах оҕолор ахсааннара элбээн иһэр.
Айталана Пухова, В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан Майаҕас орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.