Биир кэлим эксээмэннэр номнуо бүтэн, оскуоланы бүтэрээччилэр үөрэххэ туттарсыы, барыы-кэлии айдаана. Орто Халыма улууһуттан дьоллоох Дьокуускайга айанныырга 53.500 солк. харчылаах буоллахха эрэ кэлиэххэ сөп. Онон, аҥардас айан харчыта балачча суумма буолар, итини таһынан, аһыыр аһыҥ, таҥнар таҥаһыҥ, күннээҕи ороскуотуҥ баар буоллаҕа… Онон выпускниктарбыт Коля Кудрин уонна Ваня Винокуров айанныылларыгар харчылаһа үлэлии барарга кэпсэттилэр.
Ол курдук, олохтоох сылгы собуотун кытта дуогабардаһан, бырдахтаах бэс ыйын, от ыйын устата сүөһү көрөөччү көмөлөһөөччүтүнэн киирдилэр. Кинилэр бөһүөлэктэн тэйиччи баар Чоҥкуйа учаастагар бараллар. Онно Афанасий Иванович Винокуров ынах сүөһүнү, сылгыны сайылатарыгар көмөлөһүөхтэрэ, түптэ оттон, сүөһүнү хаһааҕа сойутан, сынньатан түбүгүрүөхтэрэ. Саамай бырдах түһэн күннүүр кэмигэр 90 төбө сүөһүгэ эппиэтинэстээх буолаллар.
Маннык элбэх бырдах
Онтон атырдьах ыйыгар хамнастарын аахсан, баҕалаах үөрэхтэригэр, талбыт идэлэригэр туттарса айанныахтара. Уолаттарбытыгар туһалаах сайыны, ситиһиилээх айаны баҕарабыт.
Изабелла Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.