Бүгүн сэтинньи 10 кунугэр, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун «Орто Амма Кэскилэ» волонтерскай этэрээт актыбыыстара Харбалаах олохтооҕор Ольга Иннокентьевна Спиридоноваҕа дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөстүбүт. Ол курдук, оһох отторго мас хайытан, чох таһан бэлэмнээтибит, дьиэҕэ муус тастыбыт, дьиэ тэлгэһэтин хаарын күртүбүт, киһи хаамар сирин харбаатыбыт,ыраастаатыбыт. Маннык үтүө санааттан көмөнү оҥорбуппутуттан, дьиэлээх хаһаайкаҕа үөрүүнү бэлэхтээбиппититтэн бары да астынныбыт! Салгыы көрө сылдьан көмөҕө наадыйар дьоҥҥо күүс-көмө, өйөбүл буолуохпут диэн бигэ санааны ылынныбыт.
Лейла Никонова, Харбалаах, Таатта улууһа