Волонтер диэн кимий? Волонтер диэн дьоҥҥо эйэҕэс сыһыаннаах, амарах дууһалаах, үтүөнү оҥорор харса суох киһи. Биһиги оннук дьоннуун бэҕэһээ билистибит. Кинилэр үрүҥ көмүс волонтердар.
Кинилэр биһиэхэ тиэрдибит санааларын ааҕааччыларга тиэрдэбин.
- Бары волонтердары биир санаа холбуур.
- Волонтер сиргэ, дьоҥҥо көмө биэрэр, тугу да төттөрү ылбат.
- Волонтер эйэни олохтуур.
- Волонтер дьоллоох киһи.
- Волонтердар олоҕу олорбут дьон, онон хас күн аайы бэриллэр олохтон дуоһууйуну эрэ ылаллар.
- Киһи бастатан туран туохтан дьоллонорун билиэхтээх, кинини туох дьоллоох оҥорорун. Ол ону ситиһиэхтээх.
- Эдэр эрдэххэ, сири-дойдуну көрүҥ, элбэх дьоннуун алтыһыҥ, доҕордоһуҥ.
- Улахан дьоҥҥо, кыраларга убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ.
- Бэйэ-бэйэни убаастааҥ.
- Элбэҕи билиҥ, ааҕыҥ, үөрэтиҥ, киэҥ билиилээх буолуҥ.
- Хаһан баҕарар дьоҥҥо эйэҕэстик сыһыаннаһыҥ.
Сайыына Тобонова, оҕо пресс-киинин эдкора.