Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгэ былыр-былыргыттан спорду өрө туппут нэһилиэгинэн биллэр. Урут эһээлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт аан дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ хайыһар, волейбол, бокса, тустуу көрүҥнэригэр үгүс ситиһиилээхтэр. Ону утумнаан биһиги оскуолабыт оҕолоро спорт хас да көрүҥүн баһылаабыт, бары өттүнэн дэгиттэр, эт-сиин өттүнэн сайдыбыт оҕолор диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо дии саныыбын. Төһө да оскуолабыт оҕотун ахсаана аҕыйаҕын иһин, төһө да үөс сиртэн тэйиччи олордорбут, төһө кыалларынан күрэхтэри көтүппэккэ, көхтөөх кыттыыны ыла сатыыбыт.
Ол курдук, 2022 сыл түмүгүнэн аҕыйах оҕолоох оскуолалар икки ардыларынан ыытыллыбыт оскуола оҕолорун спартакиадатыгар биһиги оскуола үөрэнээччилэрэ эрэллээхтик маҥнайгы миэстэни ылбыттара. Спартакиадаҕа көрүҥнэригэр: баскетболга, футболга, гимнастикаҕа, мас тардыһыытыгар, дуобакка, сүүрүүгэ, атах оонньуутугар, теннискэ үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрэ.
Спартакиада кыттыылааҕа, кыайыы өрөгөйүн илэ бэйэтинэн билбит Муза Рехлясованы кытта бүгүн кэпсэтиэхпит.
— Муза, ханнык спорт көрүҥүнэн дьарыктанаҕыный?
— Спорт бары көрүҥэр барытыгар дьарыктанабын, ол гынан баран волейболу ордоробун.
— Тоҕо бу спорт көрүҥүн ордороҕун?
— Дьиэ кэргэним бары волейболистар диэххэ сеп. Эбээм волейболлуур этэ, ийэм волейболлур, убайдарым Ньурба хамаандатын сборнайыгар бааллар этэ. Онон волейболу көлүөнэнэнэн оонньуубут, волейбол мин хааммар баар диэххэ сөп.
— Саҥа саҕалаан эрэр кырачаан спортсменнарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Элбэхтэ дьарыктаныҥ, оччоҕо ситиһиилээх буолуоххут!
Кэпсэттэ Сарыал Филиппов, Малдьаҕар орто оскуолатын 11 кыл. үөрэнээччитэ, «Мальж-News» медиа-киин эдэр корреспондена.