Биһиги, Чурапчы улууһун Хадаар орто оскуолатын юнкордара ахсынньы 14 күнүгэр Россия президенэ Владимир Владимирович Путин сыллааҕы пресс-конференциятын көрдүбүт, иһиттибит. Ол туһунан санаабытын үллэстиэхпитин баҕарабыт.
Дойдубут президенэ В.В Путин суруналыыстары кытта түөрт чаас устата кэпсэттэ, үгүс ыйытыыларга хоруйдаата. Барыта 506 суруналыыс кыттыыны ылла.
Пресс-конференция быйыл 17-с төгүлүн ыытылынна. Сыл аайы кэпсэтии тиэмэтэ дойдуга баар сытыы боппуруостары таарыйар буолан, бу пресс-конференция Россия олоҕун хаамыытын көрдөрөр биир улахан тэрээһин буолар. 17 сыл устата ыытыллар конференцияны барытын бииргэ түмтэххэ, сылларынан дойду олоҕун туох долгутарын, ханнык кыһалҕалар баалларын туһунан билиэхпитин сөп. Холобур, 2001 с. элбэх ыйытыы Россия Правительствотын уонна Госдума үлэлэрин тула киирбит. 2002 с. коррупцияҕа сыһыаннаах боппуруостар турбуттар. 2003 с. Владимир Путинтан кэлэр Президент быыбарын туһунан, Правительствоҕа уонна дойду олоҕор бөдөҥ бизнес сабыдыала уларыйа турарын туһунан ыйыталаспыттар. 2004 с. сурунаалыстар үгүс ыйытыыларын Россия регионнарын улаатыннарыытын, Россия Абхазияны, Грузияны кытта сыһыаннаһыыларын туһунан биэрбиттэр. 2006 с. сүрүн тиэмэнэн Россия ис политикатын туһунан буолбут. 2007 с. болҕомто киининэн Россия президенин уонна Госдума быыбардара буолбуттар.
Ити курдук сылларынан ааҕан, ырытан көрдөххө, Россия сайдыытыгар турбут сытыы боппуруостар барыта көстөн кэлэллэр.
Быйыл ахсынньы 14 күнүгэр буолан ааспыт пресс-конференцияҕа элбэх ыйытыы анал байыаннай дьайыылар туһунан тиэмэҕэ киирдэ. Владимир Владимирович мин санаабар, Россия олохтоохторугар тиийэр гына барытын лоп-бааччы быһааран биэрдэ.
Мин тус бэйэм бу пресс-конференцияны көрөммүн, истэммин элбэҕи биллим, бэйэбин сайыннардым. Бэйэм «Кэскил» медиа-оскуола юнкора буоламмын суруналыыстар дойду перзиденин кытта хайдах кэпсэтэллэрин, долгутар боппуруостары сөптөөхтүк туруоран ыйыталларын сэргээтим. Кинилэри көрөммүн үөрэнним да диэхпин сөп.
Алёна КСЕНОФОНТОВА,VII кылаас.
***
Дойдубут президена Владимир Владимирович Путин норуоту кытта сибээскэ тахсар пресс-конференцияnsy быйыл сэргээн иһиттим. Урут төрөппүттэрим тэрээһини кэтэһэн көрөллөрүн уонна сарсыҥҥы күнүгэр чэйдии олорон кэпсэтэллэрин олох болҕомтоҕо ылбат этим. Онтон быйыл «Кэскил» медиа-оскуола юнкора буолан тураммын, түөрт чаас устата буолбут конференцияны барытын иһиттим, көрдүм. Уонна дьоммун кытта бу тиэмэҕэ тэҥҥэ кэпсэттим.
В.В. Путин суруналыыстар ыйытыыларыгар хайдай курдук толору эппиэти өйдөнөр гына биэрэрин улаханнык сөхтүм. Россия араас муннуктарыттан дьоннор быһа сибээскэ холбонон элбэх ыйытыылары биэрдилэр. Баҕар, биһиги эмиэ кэнники итинник ыйытыахпытын сөп эбит.
Биллэн туран, сүрүн улахан боппуруоһунан билигин буола турар анал байыаннай дьайыылар туһунан буолла. Биһиги президеммит: “Сыалбытын ситиһиэхпитигэр диэри“, –диэн эттэ. Онон олоххо хаһан баҕарар сырдык, үтүө санаа кыайыылаах тахсарын курдук, биһиги бары эйэлээх, биир өйгө-санааҕа, дьоллоох олоххо кэлиэхпит диэн күүскэ эрэнэ санаатым.
Бу конференцияны көрөн бараммын, мин, оҕо киһи, киэҥ, холку, мындыр өйдөөх салайааччылаах эбиппит диэн киэн тутта санаатым. Уонна Россия инники сайдыытын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар суруналыыстар баалларын киэн тутта көрдүм.
Аныгыскы пресс-конференцияны эмиэ көтүппэккэ көрүөм.
Иванна НИКОЛАЕВА VIII кылаас.